«Уол аҕатынаан».

Муус устар 5 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр дойдубутугар дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр оҕо саас, нэһилиэкпитигэр аҕа сылларын чэрчитинэн, Саха Республикатыгар аҕа уонна уол оҕо анал күннэригэр аналлаах «Уол аҕатынаан» үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэкпит аҕа баһылыга Александр Валерьевич Куприянов  2024 сыл тохсунньу 9 күнүнээҕи 2-с нүөмэрдээх дьаһалынан Мэҥэ нэһилиэгэр 2024 сылы «Аҕа сылынан» биллэрбитэ. Нэһилиэкпитигэр …

«Бэтиэхэ киэһэтэ — 2024».

Муус устар 1 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр көр-күлүү күнүнэн нэһилиэк олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар анаан «Бэтиэхэлээх Балыктаахтар» көр – күлүү бөлөҕө «Бэтиэхэ киэһэтэ — 2024» көрдөөх кэнсиэрдэрин тэрийэн ыыттылар. Бу киэһэ мустубут дьээбэни – хообону сэргээччилэр, тиэхэни – бэтиэхэни таптааччылар сандал саас тиийэн кэлбитинэн, көр — күлүү күнүнэн «Бэтиэхэлээх Балыктаахтар» көр – күлүү бөлөҕү кытта тэҥҥэ …

«Эдэр саас» тэтимнээх кэнсиэрэ.

Кулун тутар 31 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Куйаар Уола, Сайдам, Семен Абрамов уонна Димон Амгинский нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр анаабыт тэтимнээх ырыаларынан «Эдэр саас» кэнсиэрдэрэ буолан ааста. «Эдэр саас» бөлөх бу киэһэ нэһилиэк олохтоохторугар анаан умнуллубат ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх-битиилээх, бириистэрдээх көрдөөх оонньуулардаах киэһэни бэлэхтээтилэр. Ону сэргэ киирии билиэтинэн турагенство «TourBerry» спонсордаабыт «АВТОРСКИЙ ТУР В ТУРЦИЮ» сертификатын оонньоттулар. Көрөөччүлэр …

«Бэлиэ түгэн».

Кулун тутар 11 күнүгэр Мэҥэ нэһилиэгэр үөрүүлээх бэлиэ түгэн буолла. Ол курдук Балыктаах бөһүөлэгин ытык, мааны кырдьаҕаһа, тыыл, үлэ ветерана Черкашин Егор Николаевич  90 үбүлүөйдээх сааһын туолбут үөрүүлээх күнэ тосхойдо. Бу дьоро күн ытык киһибитин Егор Николаевиһы ыраахтан, чугастан уруу-аймах дьоно, түөлбэтин олохтоохторо мустан эҕэрдэ бастыҥын анаан уруйдаатыбыт-айхаллаатыбыт. Нэһилиэк дьонун-сэргэтин аатыттан эҕэрдэтин тириэртэ «Мэҥэ нэһилиэгэ» …

«Сааскы бастакы бырааһынньыгынан!».

Кулун тутар  7 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр сандал саас тиийэн кэлбитинэн,  Аан дойду кэрэ аҥардарын күнүнэн,  сааскы маҥнайгы бырааһынньык буолан ааста. Бу тэрээһини нэһилиэкпит эр дьонноро, ыччаттара эрдэттэн бэлэмнэнэн, түмсэн истиҥ иһирэх эҕэрдэлэри, көрдөөх – нардаах күрэҕи, ылбаҕай ырыалары, үҥкүү – битии кэрэ киэһэтин, соһуччу сүүйүүлээх дьоллоох түгэннэри, ону сэргэ бырааһынньыктааҕы фуршет остуолу бэлэх ууннулар.   Бырааһынньыктааҕы тэрээһини …