Дьабыыл нэһилиэгэр “Сулустаах эстэпиэтэ”

Сэтинньи 3 күнүгэр Дьабыыл нэһилиэгэр, “Айар тутар дьоҕурдаах, сайдар-үүнэр дьоннордоох Мэҥэм сирин туойабын!” девизтээх, культура сылын чэрчитинэн, улуус бэтэрээннэрин 13-һүс төгүлүн ыытыллыбыт Мэҥэ Хаҥалас улууһун аҕам саастаахтарын «Сулустаах эстэпиэтэ» бэстибээлэ буолан ааста. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар эҕэрдэлэрин тириэртилэр: Мэҥэ Хаҥалас улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Решетникова Евдокия Саввична, дьүүлүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Скрябина Мария Прокопьевна, Дьабыыл нэһилиэгин бэтэрээннэрин …

“Биир сомоҕо”

Алтынньы 31 күнүгэр, олохтоох култуура дьиэтигэр Россия Федерациятын үрдүнэн, Норуоттар сомоҕоһууларын күнүн көрсө, үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Сэтинньи ый 4 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ бэлиэтэнэр. 2005 сыллаахха бу өрөгөйдөөх күнү бэлиэтииргэ диэн Арассыыйа президенин укааһа тахсыбыта уонна Дойдубут араас норуоттарын сомоҕолоһууларын бэлиэтиир кэрэхсэбиллээх күндү күнүнэн биллэриллибитэ. Сомоҕолоһуу күнүнэн «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин …

“Комсомол күнүн көрсө субуотунньук”

Алтынньы 29 күнүгэр, комсомол күнүн көрсө нэһилиэкпитигэр күргүөмүнэн субуотунньук буолан ааста. Субуотунньукка нэһилиэкпит “Вода” массыыната кыһын устата сүүрэригэр, кыстыыр гараһыгар анаан оттук мас бэлэмнээһиҥҥэ, тиэйэн киллэриигэ оскуолаттан, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбаттан, олохтоох дьаһалтаттан эр дьоннор уонна олохтоох култуура дьиэтин коллектива кыттыыны ыллылар. Субуотунньук кыттааччылара, урукку кэминээҕи комсомол ыччаттарын курдук, эрчимнээхтик, оттук маһы чөмөхтөөн, эрбэтэн, тэлиэгэҕэ тиэйэн, …

“Арчыына” түмсүү Төҥүлү нэһилиэгэр ыалдьыттаата

Алтынньы 23 күнүгэр, “Арчыына” түмсүү, (салайааччы Рожина Надежда Федоровна) ыаллыы сытар Төҥүлү нэһилиэгин “Доруобуйа” түмсүүтүн кытта көрсүһэн, ирэ-хоро кэпсэтэн, хардарыта уопут атастаһан кэллилэр. Дьяконова Евдокия Васильевна арбуз үүннэриитин туһунан, интэриэһиргээн кэлбит истээччилэргэ, арбуһу хайдах прививкалаан (атын үүнээйигэ сыһыаран), тымныыга тулуурдаах гына үүннэрэр туһунан кистэлэҥнэрин билиһиннэрдэ, баай уопутуттан үллэһиннэ. Ону сэргэ хайдах олордор, хайдах көрөр-истэр туһунан …

«Күргүөмүнэн субуотунньук»

Алтынньы 20 күнүгэр, сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйбут, күргүөмүнэн нэһилиэкпитигэр муус ылыы, тута дьиэҕэ тиэрдии субуотунньуга буолан ааста. Субуотунньукка нэһилиэкпит тэрилтэлэрин: оскуола, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба, олохтоох дьаһалта эр дьонноро, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна биирдиилээн нэһилиэк олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар. Субуотуннук түмүгүнэн, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, ытык-мааны бэтэрээннэрбитигэр, биирдиилээн ыалларга, эдэр специалистарга, уопсайа 44 …

«Ийэ истиҥ мичээрэ»

Алтынньы 17 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр, Саха сиригэр ийэ күнүн көрсө, күн күбэй ийэлэргэ аналлаах «Ийэ истиҥ мичээрэ» эҕэрдэ тэрээһин буолан ааста. Күндү ийэлэрбитигэр эҕэрдэ тылы, истиҥ баҕа санаатын «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыгын солбуйааччы Мохначевскай Иван Егорович тириэртэ. Ийэ… Туох баар үтүө, сырдык, ыраас бу тылга түмүллүбүт. Сир үрдүгэр ийэттэн күндү, ийэттэн чугас …

➤