Архивы за месяц Май, 2022

Кустан араас бүлүүдэ астааһыныгар хаартысканан куйаар ситимин нөҥүө күрэх түмүгэ.

Бастакы кыттааччы: Ноговицына Наталья Гаврильевна кус этиттэн араас бүлүүдэлэрэ. 1. Кус төбөтүттэн, көхсүн уҥуоҕуттан буһарыллыбыт хортуоппуйдаах, хойуу сэлиэйдээх миин. 2. Кус этиттэн кырбаныллыбыт, кыра уулаах мас арыытыгар ыһаарыламмыт перецтээх бысталаммыт грушанан, репчатай луугунан киэргэтиллибит соккуой. 3. Луковай пельмен рецеба: Кус түөһүн этин, буутун арааран бэйэтин моркуобу кытта кырбаан ыһаарылыыгын, кыра кыратык уу кутан куһун этэ …

Ыам ыйын 21 күнэ — Ырыа күнэ.

Ырыа — олох аргыһа,Ырыа — санаа кыната,Ырыа — дууһа иэйиитэ,Ыллаа күҥҥүн киэргэтэ. Ырыа — үлэ үөрүүтэ,Ырыа — үөрүү үҥкүүтэ,Ырыа — оҕо мичээрэ,Ыллаа, ыраах дьиэрэтэ. Ырыа — күммүт чаҕыла,Ырыа — дьолбут кустуга,Ырыа — айан суолдьута,Ыллаа, ыыргын сырдата. Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт! Эһигини ырыа күнүнэн итиитик-истинник эҕэрдэлээн туран «Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбыла төрүттэммитэ 20 сыллаах …

Ньукуолун күнүн көрсө — дьоһун бэлэх.

Саха аймахха Ньукуолун күнэ олус суолталаах күнүнэн биллэр. Ньукуолун күнүн көрсө нэһилиэкпит булчут эр дьоннорун көҕүлээһиннэринэн бүгүн ыам ыйын 20 күнүгэр ытык-мааны дьоммутугар — тыыл ветераннарыгар уонна сэрии сылын оҕолоругар бука барыларыгар баай байанайдарын бэлэҕиттэн сибиэһэй кус түҥэтэн кырдьаҕастарбытын үөртүлэр-көтүттүлэр. Кэлэн иһэр Ньукуола таҥаранан, күөх сайыммытыгар үктэнэр күммүтүнэн бука барыгытыгар истиҥ эҕэрдэ! Уйгу-быйаҥ сайын кэллин, …

«Мараҕа» сайылыкка.

Ыам ыйын 19 күнүгэр Пионерия күнүгэр «Хаххах» потребительскай кооператив сайыҥҥы ыйдарга чааһынай дьонтон ынах-сүөһүнү тутар «Мараҕа» сайылыгар субуотунньук тэрилиннэ. Субуотунньукка олохтоох култуура дьиэтин коллектива, олохтоох дьаһалтаттан Гоголева Елена Васильевна, Чалкина Анастасия Ивановна, тракторист Куприянов Валерий Егорович уонна сайылык биир тутаах үлэһитэ Катакинова Маргарита Васильевна буолан сайылык дьиэлэрин, арыы дьиэтин муостатын кырааскалааһын үлэтин оҥордулар. Бэрт сотору …

Пионерия күнүнэн төлөннөөх эҕэрдэ!

Ыам ыйын 19 күнэ – Пионерия күнэ – үтүө үгэс буолан элбэх көлүөнэ ыччаты сыллата ахсын түмэр. Билигин, урукку курдук, хас оскуола ахсын оҕо тэрилтэлэригэр үөрүүлээх линейкалар, коммунарскай сбордар, станциянан оонньуулар, тимуровскай  үлэлэр, костер, оҕо тэрилтэтин кэккэтигэр ылыы тэрээһиннэрэ ыытыллаллар, кэлиҥҥи сылларга быдан суолталанан, сөргүтүллэн эрэллэр. Бу – көлүөнэ икки ардыгар ситим уонна ытыктабыллаах сыһыан …

«Сулустаах эстафета»

Арассыыйаҕа «Норуоттар култуураларын нэһилиэстибэтин», Саха АССР төрүттэммитэ 100, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, улууска «Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн», Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар совхозтар тэриллибиттэрэ 55 сылларыгар ананар улууспут аҕам саастаах дьонун «Сулустаах эстафета» фестивалын Дойдуунускай, Мөҥүрүөн, Мэҥэ, Араҥас нэһилиэктэрин уус-уран самодеятельноһын кэнсиэрэ. Сиһилии https://youtu.be/oSgvm6kcMpA ссылканан киирэн көрөргүтүгэр.

«Дьиэ кэргэн – дьол уйата»

Ыам ыйын 14 күнүгэр аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр анаан тэриллибит «Дьиэ кэргэн – дьол уйата» күүлэй тэрээһинэ бэрт сэргэхтик ааста. Үөрүүлээх аһыллыыга нэһилиэккэ ыччат сыла биллэриллэн, эдэр дьиэ кэргэн  уонна биирдиилээн ыччаттар тустаах үлэлэрин таһынан, нэһилиэк общественнай уонна култуурнай олоҕор активнай кыттыыларын иһин Яна, Айтал Васильевтар, Яна, Ньургун Габышевтар, Саргылана Степанова, Ньургун Гоголев, Христина, …