Рубрика «Без рубрики»

Комсомол күнүгэр аналлаах «Туох? Хаһан ? Ханна?» күрэх

Алтынньы 29 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр нэһилиэкпит араас сыллардааҕы комсомолецтарын кыттыылаах хамаандалар икки ардыларыгар “Туох? Хаһан?Ханна?”олоххо көхтөөх буолуу күрэҕэ буолан ааста. Ыччаты биир сыалга-сорукка түмэн, үлэни-хамнаһы дойду сайдыытыгар туһулаабыт комсомол тэрилтэтэ, бэйэтин кэмигэр, чахчы даҕаны, олус улахан суолталааҕа. Комсомол иҥэрбит үйэлээх сыаннастарын – төрөөбүт дойдуга тапталы, ытык иэһи, үлэһит буолууну, киһилии истиҥ сыһыаны, бэриниилээх буолууну …

«Туойтан оҥоһуктарга маастар кылаас».

Алтынньы ый 23 күнүгэр Балыктаах култуура дьиэтигэр СР керамистарын союһун чилиэнэ Прасковья Егоровна Лебедева туойтан оҥоһук оҥорон таһаарыыга маастар кылаас тэрийэн ыытта. Барыта 10 киһи кэлэн туойтан оҥоһугу интэриэһиргээн көрдүлэр, иһиттилэр.Прасковья Егоровна бастаан туой туһунан мустубут дьоҥҥо наһаа үчүгэйдик тиийимтиэтик кэпсээн дьон болҕомтотун тарта. Саха туой иһитин түҥ былыргыттан XX үйэ бастакы сылларыгар диэри туттубуттар.Туой …

«Күн тэҥэ – күн күбэй ийэбит!».

Алтынньы 19 күнүгэр, олохтоох култуура дьиэтигэр Саха сиригэр ийэ күнүн көрсө күн күбэй ийэлэргэ аналлаах «Күн тэҥэ – күн күбэй ийэбит!» итии чэйдээх, сандалы тула бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ бэлиэ түгэнэ буолан ааста. Тэрээһин үөрүүлээх чааһа «Мичээр» үҥкүү коллективын эҕэрдэ үҥкүүнэн саҕаланна. Ийэ… Аан дойдуга туох барыта иилээх саҕалаах, ол тэҥэ ким барыта төрөппүт ийэлээх. Бу орто …

«Айхал эйиэхэ, үлэһит киһиэхэ».

Алтынньы 15 күнүгэр, олохтоох култуура дьиэтигэр Россияҕа тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин уонна оҥорон таһаарааччыларын күнүгэр аналлаах «Айхал эйиэхэ, үлэһит киһиэхэ!» эҕэрдэ кэнсиэр буолан ааста. Кэнсиэр үөрүүлээх чааһыгар «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччы Мохначевский Иван Егорович тыа сирин олоҕун уйгутун уһансар, сылы эргиччи күн аайы түбүгүрэр тыа хаһаайыстыбатын ытыктабыллаах бэтэрээннэригэр, үлэһиттэригэр эҕэрдэ тылын тириэртэ. Ону …

«Тыа сиригэр айар үлэ – норуоту түмэр сүдү күүс».

Алтынньы 11 күнүгэр, Дмитрий Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр улууспут кынаттаах култууратын үлэһиттэрин алтынньы ыйдааҕы сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Манна нэһилиэктэртэн култуура кииннэрин, бибилэтиэкэлэрин, түмэллэрин үлэһиттэрэ, оҕо ускуустубатын оскуолатын кэлэктиибэ, барыта 182 киһи кыттыыны ылла. Быйылгы мунньах «Тыа сиригэр айар үлэ – норуоту түмэр сүдү күүс» диэн ааттанан тэрилиннэ. Аһаҕас кэпсэтиини улуустааҕы култуура уонна духуобунай …