Архивы за месяц Сентябрь, 2026

“Махтал эһиэхэ, ытык көлүөнэ”

Балаҕан ыйын 30 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах «Махтал эһиэхэ, ытык көлүөнэ!» итии чэйдээх сандалы тула сынньалаҥ тэрээһин буолан ааста. Бырааһынньыкпыт сарсыардаттан нэһилиэкпитигэр аан дойдутааҕы аҕам саастаахтарын күнүн көрсө үөрүүлээх түгэннэртэн саҕаланна. Бу күн, тэрээһиҥҥэ кыайан кыттыыны ылбатах нэһилиэкпит ытык олохтоохторугар, тыыл бэтэрээннэригэр Заровняева Вера Григорьевнаҕа, Черкашин Егор …

“Сүгүрүйэбин эйиэхэ, тапталлаах төрөөбүт сирим!”

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР уон иккис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыта. Бу дьоһун докумуон Саха сирин Арассыыйа Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын оҥорууга төрүөт буолбута. Итинэн …

«Күргүөмүнэн субуотунньук» 

Балаҕан ыйын 17 күнүгэр нэһилиэкпитигэр ытык – мааны тыыл ветераннарыгар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэригэр, биирдиилээн олохтоохторго анаан оттук маһынан хааччыйыыга, тиэйэн киллэриигэ нэһилиэк эр дьонноро, ыччаттарбыт кыттыылаах субуотунньук тэрилиннэ. Бу күн субуотунньук кыттыылаахтара үс тыраахтарга тэнинэн тиэйэн биэрбит оттук мастарын, тырахтарыыстар Куприянов В.Е., Макаров С.С. уонна Кычкин П.П. туһааннаах ыалларга тиэргэннэригэр тириэртилэр. Субуотунньук …

“Көмүс күһүн уостубат кэрэтэ”

Көмүс күһүн мөһүүрэтэ-Күлүмүрдэс күн үҥкүүтэ,Күлүм-чаҕыл кырааскатаКөбүөрүн тэлгиир арааската. (Пётр Николаевич Тобуруокап) Урукку өбүгэлэрбит сайыҥҥы уонна күһүҥҥү ыһыах диэн араараллара. Аныгы көлүөнэҕэ умнуллубут күһүҥҥү ыһыах “Тэйилгэ” балаҕан ыйын 22-23 күнүгэр буолара. Өбүгэлэрбит түһүлгэнэн мустаннар, сайыҥҥы күннэри атаараллара, томороон тымныыны туоруурга алгыс этэллэрэ, ыарыы уонна кыһалҕа көрсүбэтигэр Улуу Суорун Тойонтон көрдөһөллөрө. Айыы күүс итэҕэлинэн мөкү абааһылартан, Дьыл …

«Үтүө санаа долбуура — 2026».

Балаҕан ыйын 11күнүгэр нэһилиэккэ ыытыллыбыт быйылгы «Күһүҥҥү вайб— 2026» дьаарбаҥкатыгар нэһилиэкпит ытык мааны дьонугар — тыыл ветераннарыгар уонна сэрии сылын оҕолоругар анаан, үгэскэ кубулуйбут  «Үтүө санаа долбуура» акцияҕа олохтоох оскуола 1-11 кылаастарын үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ, ону сэргэ биирдиилээн нэһилиэк олохтоохторо, үтүө санаанан салайтаран, кыһыҥҥы хаһаастарыттан уонна бородуукта арааһыттан бэлэмнээбит кэһиилэрин бэлэх уунаннар, нэһилиэкпит 3 тыыл ветераныгар, …

«Күһүҥҥү вайб!» атыы-тутуу дьаарбаҥката.

Балаҕан ыйын 11 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтин территориятыгар, бүтэһик сылаас, ылааҥы күнү баттаһа «Күһүҥҥү вайб!» атыы-тутуу дьаарбаҥката буолан ааста. Бу күн тэрээһин саамай көхтөөх уонна күүтүүлээх түгэнинэн үгэс буолбут «Күһүҥҥү вайб!» атыы-тутуу дьаарбаҥката буолла. Дьаарбаҥкаҕа нэһилиэкпит олохтоохторо уонна оҕолор бэйэлэрин үүннэрбит астарын, күүстээх үлэлэрин түмүгүн киэҥ көрүүгэ уонна атыыга таһаардылар. Быйылгы оҕуруот өлгөм үүнүүтүттэн үтүө …

 «Истиҥ кэпсэтии»

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр, олохтоох култуура дьиэтигэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүтэ тэриллэн ыытылынна. Көрсүһүүнү Мэҥэ нэһилиэгин тыа сирин тэриллиитин баһылыга Ньургун Владимирович Габышев киирии тылынан саҕалаата уонна кэлбит ыалдьыттары кытта билиһиннэрдэ. Улуус баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов улууспут уонна нэһилиэкпит бүгүҥҥү туруктарын, араас өрүттээх сайдыыларын тула кэпсээтэ, ону тэҥэ инники былааннары …

«Истиҥ кэпсэтии»

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр, олохтоох култуура дьиэтигэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүтэ тэриллэн ыытылынна. Көрсүһүүнү Мэҥэ нэһилиэгин тыа сирин тэриллиитин баһылыга Ньургун Владимирович Габышев киирии тылынан саҕалаата уонна кэлбит ыалдьыттары кытта билиһиннэрдэ. Улуус баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов улууспут уонна нэһилиэкпит бүгүҥҥү туруктарын, араас өрүттээх сайдыыларын тула кэпсээтэ, ону тэҥэ инники былааннары …

➤