Архивы за месяц Июнь, 2024

«Үлэни өрө туппут күн күбэй ийэбит».

Бэс ыйын 30 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Балыктаах бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо, улуус бочуоттаах гражданина, 1950-60-70 сылларга Максим Горькай аатынан совхозка ыанньыксытынан үлэлээбит,  Республикаҕа тиийэ аатырбыт, «Бочуот знага» орден кавалера, ССРС Верховнай Сэбиэтин депутата, коммунистическай үлэ ударнига, социалистическай үлэ хас да төгүллээх кыайыылааҕа, ыччат наставнига, персональнай пенсионер, күн күбэй ийэ, эйэҕэс эбээ Черкашина Ксения Гаврильевна үлэтин, …

«Самаан сайыны уруйдуур үрүҥ үрүҥ тунах ыһыахха ыытыллыбыт күрэхтэр».

Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут, удьуор саха ууһуур-сайдар, талба талаан тахса турар уйгу сирдээх, маанылаах сиригэр, саха мааны бырааһынньыга үрүҥ тунах ыһыахха күрэхтэһиилэр тэриллэн ыытылыннылар. Ол курдук Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын, үөрэҕирии 150,  нэһилиэкпитигэр Аҕа сылларыгар аналлаах саха маанылаах таҥаһын 3 көрүҥ күрэҕин олохтоох култуура дьиэтэ тэрийэн ыытта. Маанылаах …

«Самаан сайыны уруйдуур үрүҥ тунах ыһыах».

Бэс ыйын 21 күнүгэр Мэҥэ нэһилиэгин олохтоохторугар, дьоһун-мааны ыалдьыттарыгар Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын, үөрэҕирии 150,  нэһилиэкпитигэр Аҕа сылларыгар аналлаах Үрүҥ тунах ыһыах ыытылынна. Сарсыардаттан ыһыахтыыр сиргэ киириигэ «Арчы», «Доруобуйа»  түмсүү  далбар хотуттара  дэйбииринэн ыраастаныы сиэрин – туомун толорон, ыһыахха кэлбит бары ыалдьыттары үөрэ-көтө көрүстүлэр. Быйылгы ыһыахпыт түөлбэлэринэн фотозоналарга …

«Ырыаҕа анаммыт олох».

Бэс ыйын 6 күнүгэр Доллу нэһилиэгэр, С.Н.Сивцев-Доллу аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр СӨ норуодунай артыыһа, СӨ  култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ- Хаҥалас улууһун, Төҥүлү, Доллу, Мэҥэ нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн”, “Норуот билиниитэ” бочуот бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт, мелодист, ырыаһыт Галина Никитична Шахурдина сырдык аатын үйэтитэр үтүө тэрээһин буолан ааста. Ол курдук С.Н.Сивцев-Доллу аатынан норуот айымньытын дьиэтин иһинэн  тэриллибит …

«Оҕо көмүскэлин күнэ».

Самаан сайын кэлбитинэн, сайыҥҥы уһун сынньалаҥнар саҕаламмыттарынан  уонна аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнүнэн, бэс ыйын 1 күнүгэр «Оҕо баар буолан!» бырааһынньыктааҕы тэрээһин буолан ааста. Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин бырааһынньыгынан мустубут нэһилиэкпит олохтоохторугар, оҕолорго, ыалдьыттарга бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэртилэр: «Мин оҕо саадым», «Шире круг», «Үөрэнэ барабын» уонна Сарыал Харитонов «Ытанньах герой буолбат» ырыаларынан, флэш-моб үҥкүүнэн «Звездочка» оҕо …