Өйдөбүнньүк чүмэчи уота
Балаҕан ыйын 19 күнүгэр историяҕа киирбит өйдөбүнньүк күҥҥэ, Алаҕартан, Укаанньа сайылыгыттан күүс өттүнэн Хоту көһөрүллүү 80 сылын бэлиэтиир кэриэстэбил күҥҥэ ытык дьоннорбутун сырдык ааттарын ааттаан, билиҥҥи сырдык олохпут иһин турууласпыттарын умнубаппытын биллэрэн, бу күн киэһэ 19:00 чаастан Кыайыы скверыгар нэһилиэкпит олохтоохторо, эдэр ыччаттара, оскуола үөрэнээччилэрэ мустаннар Кэбээйи көһөрүллүүтүгэр сылдьыбыт дьоммутугар сүгүрүйэн өйдөбүнньүк чүмэчи уотун ууруута …