Кыайыы күнүгэр Балыктаах бөһүөлэгин олохтоохторо Кыайыы скверыгар түмсэн ол ыар кэмнэри ахтан санаан ааһаары, Кэрэ аат кэпсэннин, үтүө аат өлбөөдүйбэтин, хорсун быһыы умнуллубатын диэн «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйаҕа кыттыстыбыт.
Кыайыы 77 сыла хас биирдии киһи олоҕор ураты суолталаах күн… Онуоха өйдөбүнньүк чүмэчини сандаарда уматыы, кыайыыны сэрии толоонугар, тыылга уһансыбыт, олохторун толук уурбут ытык дьоммутугар муҥура суох махталлаахпытын, кинилэргэ сүгүрүйэрбитин, сырдык ааттарын үйэлэргэ ааттата турар соруктаахпытын, ытык иэстээхпитин көрдөрөр дьоһун бэлиэ түгэнэ. Бу бүгүҥҥү дьоллоох, эйэлээх олохпутун аҕалсыбыт, уһансыбыт биир дойдулаахтарбыт — буойун убайдарбыт сырдык ааттарын ахтан-санаан, кэриэстээн ааһарбыт хайаан да наадалаах!
Кинилэр биһигини кытта тэҥҥэ хаамсыбаттар, бииргэ сылдьыбаттар. Ол эрэн кинилэр бааллар биһиги сүрэхпитигэр, биһиги бүгүҥҥү уонна сарсыҥҥы күүрээннээх олохпутугар. Кинилэри умнуохтара суоҕа Улуу Кыайыы дьоллоох сааһыгар төрөөбүт көлүөнэ дьон да, биһиги бүгүн уонна сарсын төрүүр оҕолорбут, ыччаттарбыт да! Тоҕо диэтэххэ кинилэр тустарынан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ахтылла, кэпсэнэ, ааттана туруохтара.