Сэтинньи ый 6 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр алгысчыт, эмчит, сиэри – туому тарҕатааччы, оһуохайдьыт, тойуксут, олоҥхону толорооччу Денис Викторович Оконешников ыҥырыыбытын ылынан кэлэн, нэһилиэкпит олохтоохторугар анаан үлэлээтэ. Күн устата интэриэһиргээн кэлбит дьону – сэргэни кытта көрсөн, аар айылҕа айыытынан ураты дьоҕурунан, сүрэҕин сылааһынан, дууһатын ымыытынан ыраастаан, алгыстаан, сөптөөх сүбэлэри биэрэн, барыта 12 киһини кытта биирдиилээн үлэни тэрийэн ыытта.
Күн иккис аҥарыгар «Өбүгэ сиэрэ — туома» темаҕа алгыс сиэрин- туомун сөптөөхтүк оҥоруу, айыыларга сүгүрүйүү, айылҕалыын алтыһыы, дьиэни ыраастааһын, арчылааһын, доруобуйаны көрүнүү, чөл туруктаах буолуу, онтон да атын сиэр – туом тула аһаҕас кэпсэтии тэрийэн, сиһилии кэпсээтэ, үөрэтии дьарыгын көрдөрдө.
Саханы саха дэппит, туохха да тэҥнэммэт бу улуу баайбытын, саха фольклорун өрө тутан тарҕата сылдьар, айылҕаттан айдарыылаах, алгыстаах тыллаах Денис Викторовичка олус интэриэһинэй кэпсэтии тэрийэн, тустаах дьоҥҥо сүбэ – ама биэрбитигэр махтал истиҥ тылларын аныыбыт, дьонуҥ- сэргэҥ туһугар ыытар үлэҥ үгүс үтүө түмүктэрдээх буоллун, ылсыбыт санааҥ ыпсан иһиэхтин, туппут толкуйун тупса туруохтун диэн алгыс тылбытын анаатахпыт буоллун.