Кулун тутар 31 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Куйаар Уола, Сайдам, Семен Абрамов уонна Димон Амгинский нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр анаабыт тэтимнээх ырыаларынан «Эдэр саас» кэнсиэрдэрэ буолан ааста.
«Эдэр саас» бөлөх бу киэһэ нэһилиэк олохтоохторугар анаан умнуллубат ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх-битиилээх, бириистэрдээх көрдөөх оонньуулардаах киэһэни бэлэхтээтилэр. Ону сэргэ киирии билиэтинэн турагенство «TourBerry» спонсордаабыт «АВТОРСКИЙ ТУР В ТУРЦИЮ» сертификатын оонньоттулар.
Көрөөччүлэр сахалыы сайаҕас ырыаларга уйдаран, үөрэ-көтө үҥкүүлээн, тэтимнээх ырыаларга тэҥҥэ ыллаһан, сынньанан, оонньууларга кыттыһын сэргэхсийэн тарҕастылар.
Кэнсиэр түмүгэр киирии билиэтинэн путевка лотерея быһыытынан оонньонно. Макарова Милана, 10 кылаас үөрэнээччитэ талаан тарбаҕынан талан ылбыт билиэтэ «АВТОРСКИЙ ТУР В ТУРЦИЮ» сертификаты сүүйэн үөрүүтэ үксээтэ.
Эдэр, кэскиллээх, чаҕылхай ырыаһыттарбыт Куйаар Уола, Сайдам, Семен Абрамов, Димон Амгинский бу кэрэ киэһэни, дьоллоох түгэни бэлэхтээбиккитигэр сылаас махтал тылларын аныыбыт. Баҕарабыт айар үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, саҥаттан саҥа ырыалары, эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар кытаанах доруобуйаны, дьолу, этэҥҥэ буолууну.