«Ыҥырар ыллыктаах – Ыллыкчаан, сэргэх сэһэннээх — Сэргэхчэй»

 Сэтинньи 8 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр чэбдик салгыннаах күммүт күндээрбитинэн, ыраас хаар үллүктээх кырыа кыһын салаллыбыт кэмигэр ырыа куттаах, үҥкүү алыптаах «Ыллыкчаан» оҕо көрдөрүүлээх үҥкүү уонна «Сэргэхчэй» фольклор ансаамбылларын иитиллээччилэрэ үҥкүү, ырыа дьоро киэһэтин тэрийэн ыыттылар.

 Кэтэһиилээх кэрэ кэнсиэр бииртэн биир сэргэх, солун нүөмэрдэрэ мустубут көрөөччүлэр, төрөппүттэр сүргэлэрин көтөхтө. Киһи эрэ сэргиир үҥкүүлэрин, ырыалары, фольклорнай нүөмэрдэри ытыс тыаһынан доҕуһуоллаах оҕолорбут сырдыы сыдьаайа бэлэх ууннулар:

 В исполнении танцевального ансамбля «Ыллыкчаан» танец “ Я, ты, он, она”

 «Ыллыкчаан» ансаамбыл толоруутугар үҥкүү «Оһуохай»

 “Сэргэхчэй” ансаамбыл толоруутугар “Оҕо саас чуораана” ырыа.

В исполнении танцевального ансамбля «Ыллыкчаан» танец «Мастерицы»

В исполнении танцевального ансамбля « Ыллыкчаан» танец «Орончикан»

Мария Кычкина, Айыллаана Сотникова толорууларыгар «Чэмэлиинэ»

В исполнении Сандаары Стручковой, Андрея Васильева “Эвенкийский танец”

Куннэйэ Цыпандина, Таня Сотникова, Ярик Сотников толорууларыгар хомуска дьүһүйүү

В исполнении Айыллааны Сотниковой, Дайааны Сотниковой монгольский танец «Степные наездницы»

В исполнении Нарияны Колесовой, Юры Ноговицына русский народный танец

«Сэргэхчэй» фольклорнай ансаамбыл толоруутугар чыыбы – чаабы чабырҕах

4 кылаас коллективын толоруутугар Сергей Васильев суруйуутунан олоҥхо “Батастаан баатыр”

Ыллыкчаанүҥкүү ансаамбылын толоруутугар «Дьөһөгөй»

В исполнении танцевального ансамбля «Ыллыкчаан» танец « Здравствуй, снег!»

 “Ыллыкчаан” ансаамбыл улахан группа оҕолорун толорууларыгар “Дьиэрэҥкэй” үҥкүү.

3 кылаас коллективын толоруутугар ырыа «Уолаттар, кыргыттар»

«Ыллыкчаан» ансаамбыл толоруутугар үҥкүү «Таас үрэх»

Кэнсиэр «Кэрэли» эбии үөрэхтээһин гимн ырыатынан өрө көтөҕүллүүлээхтик түмүктэннэ.

Кэнсиэри иилээн – саҕалаан, кыайа — хото ыыттылар Сайнаара Стручкова, Сайдам Винокуров.

Кэнсиэр акция форматынан ыытылынна. Онон сибээстээн эрдэттэн бэлэмнэнии үлэ күүстээхтик ыытылынна. Ол чэрчитинэн каникул бириэмэтигэр оскуолаҕа хаартыскаҕа түһэн, билиҥҥи түгэни үйэтитэр солун бырайыак тэриллэн үлэлээтэ. Элбэх төрөппүт саҥа сүүрээн үлэ хайысхатын биһирээн, өйөөн дьиэ кэргэннэринээн, оҕолорунаан, ону сэргэ биирдиилээн улахан дьон, оҕолор кыттыыны ылбыттарыгар, солун бырайыак тэрийээччилэрэ истиҥ махтал тылларын аныыллар. Бу бырайыакка киирбит үп уонна бүгүҥҥү кэнсиэргэ ыытыллыбыт акцияҕа, ону сэргэ киирии билиэттэн киирбит үп- харчы ансаамбылларга дьарыктанар оҕолорбут саҥа көстүүм тиктэллэригэр ананна.

 Олус сэргэх үөрүүлээх киэһэни бэлэхтээбит “Ыллыкчаан” оҕо көрдөрүүлээх үҥкүү ансаамбылын  (салайааччы Мария Васильевна Кычкина) уонна “Сэргэхчэй” фольклорнай ансаамбыл иитиллээччилэригэр ( салайааччы Куннэйэ Николаевна Цыпандина) истиҥ эҕэрдэбитин, куруук күүс – көмө буолар төрөппүттэргэ, акцияҕа кыттыспыт нэһилиэкпит олохтоохторугар ис сүрэхтэн тахсар сылаас махталбытын  тиэрдэбит. Күн мэлдьи бу курдук көрүөхтүн, күөх халлаан күлүмнүү күлүөхтүн,чэп-чэгиэн, доруобай буолуҥ, этэңңэ дьоллоохтук сылдьыҥ диэн алгыспыт бастыҥын аныыбыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *