«Ырыаҕа анаммыт олох».

Бэс ыйын 6 күнүгэр Доллу нэһилиэгэр, С.Н.Сивцев-Доллу аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр СӨ норуодунай артыыһа, СӨ  култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ- Хаҥалас улууһун, Төҥүлү, Доллу, Мэҥэ нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн”, “Норуот билиниитэ” бочуот бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт, мелодист, ырыаһыт Галина Никитична Шахурдина сырдык аатын үйэтитэр үтүө тэрээһин буолан ааста.

Ол курдук С.Н.Сивцев-Доллу аатынан норуот айымньытын дьиэтин иһинэн  тэриллибит тумэлгэ Галина Никитична Шахурдинаҕа аналлаах истиэндэни арыйыы бэлиэ түгэнэ буолла. “Доллу нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Николай Прокопьевич Сивцев, Ис дьыала министиэристибэтин уонна прокуратура бэтэрээнэ, Галина Никитична Шахурдина бииргэ төрөөбүт быраата Николай Алексеевич Заровняев, СӨ үтүөлээх юриһа,  “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, ис дьыала министиэристибэтин бэтэрээнэ, Галина Никитична күтүөтэ, биир дойдулаахпыт, милиция полковнига Николай Викторович Никитин аалай кыһыл лиэнтэни быһан, истиэндэ быыһын арыйдылар.

Бэлиэ түгэҥҥэ эҕэрдэ тылларын эттилэр:

 Доллу нэһилиэгин Аҕа баһылыга Николай  Прокопьевич Сивцев.

Ис дьыала министиэристибэтин уонна прокуратура бэтэрээнэ, Галина Никитична  бииргэ төрөөбүт быраата Николай Алексеевич Заровняев.

СӨ үтүөлээх юриһа, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, милиция полковнига, Галина Никитична күтүөтэ Николай Викторович Никитин.

Салгыы «Ырыаҕа анаммыт олох» диэн олус истиҥ-иһирэх  ахтыы түһүлгэтэ, ону сэргэ саха эстрадатын ырыаһыттарын эҕэрдэ кэнсиэрэ ыытылынна.

Галина Никитична Шахурдина кэрэхсэбиллээх олоҕун кэрчик кэмнэрин истиҥник санаан-ахтан, кини сырдык аатын үйэтитэн, эҕэрдэ тылларын тиэртилэр:

Доллу нэһилиэгин Аҕа баһылыга Николай Прокопьевич Сивцев.

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начальнига Анна Руслановна Исакова.

СӨ норуодунай артыыһа, СӨ ырыа айааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, композитор, ырыаһыт Алексей Васильевич Егоров.

СӨ үтүөлээх юриһа,  “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, ис дьыала министиэристибэтин бэтэрээнэ, Галина Никитична күтүөтэ, милиция полковнига Николай Викторович Никитин.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын, СӨ ырыа айааччыларын сойуустарын чилиэнэ Владимир Петрович Корякин- Индигирскай.

СӨ култууратын туйгуна, продюсер Антон Владимирович Иванов.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Марина Константиновна Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын  оскуолатын салайааччыта Василий Егорович Захаров.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Мозаика» народнай коллектив салайааччыта Михаил Захарович Сивцев.

Өр сылларга следователинэн, Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар прокурорунан үлэлээбит, прокуратура бэтэрээнэ, Галина Никитична аймаҕа, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Попов Алексей Леонтьевич уола Борис Алексеевич Попов.

Төҥүлү оскуолатыгар Галина Никитичналыын бииргэ үөрэммит доҕотторо: Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ Анна Васильевна Павлова уонна СӨ автотранспорын бочуоттаах үлэһитэ, Дьабыыл нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Никифор Александрович Баишев.

Ис дьыала министиэристибэтин уонна прокуратура бэтэрээнэ, Галина Никитична  бииргэ төрөөбүт быраата Николай Алексеевич Заровняев.

СӨ култууратын туйгуна, С.Н.Сивцев-Доллу аатынан норуот айымньытын дьиэтин директора Акулина Силиновна Власова.

Биһиги нэһилиэктэн бу үтүө тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар уонна бэйэлэрин ахтыыларын, санааларын, эҕэрдэ тылларын тириэртилэр:

“Мэҥэ нэһилиэгэ” тыа сирин тэриллиитин баһылыга Александр Валерьевич Куприянов эҕэрдэ тылын уонна Балыктаах бөһүөлэгэр саҥа тутуллуохтаах култуура дьиэтигэр Галина Никитична аатын иҥэрэргэ тэрээһин үлэлэр ыытылла туралларын туһунан иһитиннэрии оҥордо.

Мэҥэ–Хаҥалас улууһун норуотун маастара, “Мэҥэ-Хаҥалас улууһун култуураҕа  уонна ускуустубаҕа сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына, Мэҥэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, сыана бэтэрээнэ, хит буолбут ”Балыктаах киэһээтэ” ырыа тылын ааптара Павел Васильевич Габышев.

Галина Никитична бииргэ алтыспыт үөлээннээхтэрэ уус-уран оҥоһуктарга Мэҥэ-Хаҥалас улууһун норуотун  маастара, сыана бэтэрээнэ Роман Иннокентьевич Гоголев уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ Марина Семеновна Прибылых.

Истиҥ-иһирэх түгэни ылбаҕар ырыаларынан Галина Никитична Шахурдинаны кытта бииргэ чугастык алтыспыт саха эстрадатын сулустара, ону сэргэ Доллу нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтарын эҕэрдэ кэнсиэрэ ситэрэн-хоторон биэрдэ. Музыкальнай нүөмэрдэринэн бэйэлэрин эҕэрдэлэрин бары Галина Шахурдина репертуарыттан тиэртилэр:

 “Доллу Хотуна” үҥкүү бөлөҕө.

Эдэр ырыаһыт Арыйаан Свинобоев.    

Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, саха  маанылаах ырыаһыта Александр Дьячковскай- Саарын.

СӨ үтүөлээх артыыһа, судаарыстыбаннай тыйаатыр хатыламмат кэрэ кылыһахтаах куоластаах ырыаһыта –Варя Аманатова.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын, СӨ ырыа айааччыларын сойуустарын чилиэнэ Владимир Петрович Корякин- Индигирскай.

СӨ култууратын туйгуна, продюсер Антон Иванов.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот таптыыр ырыаһыта Сардана Осипова.

Сыана бэтэрээннэрэ,  ыллыыр дьиэ-кэргэн Антонина, Иван Прибылыхтар.

Кэрэ-нарын куоластаах, сыана бэтэрээнэ Зинаида Толстякова.

Ылбаҕай ырыатынан эҕэрдэтин тириэртэ Семен Десяткин.

Бу курдук СӨ норуодунай артыыһа, СӨ  култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ- Хаҥалас улууһун, Төҥүлү, Доллу, Мэҥэ нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн”, “Норуот билиниитэ” бочуот бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт, мелодист, ырыаһыт Галина Никитична Шахурдина сырдык аатын үйэтитэр истиҥ-иһирэх тэрээһин бэрт сэргэхтик, долгутуулаахтык ааста. Бу күн мустубут аймах-билэ дьонноро, ыҥырыылаах ыалдьыттар, Доллу нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ Галина Никитична Шахурдина аата Балыктаахха, биһиэхэ саҥа тутуллуохтаах култуура дьиэтигэр иҥэриллэрин,  бу кэмҥэ тэрээһин үлэлэр номнуо бара туралларын биһирии истибиттэрин, астыммыттарын биллэрдилэр, махтал тылларын анаатылар, ыытыллыахтаах үлэҕэ-хамнаска күүс-көмө, өйөбүл буоларга бэлэмнэрин биллэрдилэр. Маны сэргэ Галина Никитична Шахурдинаҕа (25.01.1947 – 27.05.2023),  айар олоҕун үйэтитэр соруктаах, «Өлбөөдүйбэт Сулус» — диэн кинигэ бэчээттэнэрэ былааҥҥа киирдэ. Аймах-билэ дьоно Галина Никитична тус олоҕор алтыспыт, айар үлэтигэр бииргэ аргыс буолан өйөспүт-төйөспүт үөлээннээхтэриттэн, искусство эйгэтигэр бииргэ сэргэстэһэ сылдьыбыт үтүө-мааны дьонноруттан, Галина Никитична сүгүрүйээччилэриттэн кини туһунан иһирэх, сырдык, сонун, сэргэх ахтыыларгытынан, бу саҥа күнү көрүөхтээх кинигэ үйэтитии, үүнэр көлүөнэҕэ дьоһуннаах Мэҥэ бэлиэҕэ, бэйэҕит кылааккытын киллэрсиэххит диэн эрэнэллэрин биллэрдилэр. Ахтыылар, ону сэргэ Галина Никитичнаны кытары түспүт хаартыскаларгыт төннөрүллэллэр диэн мэктиэлииллэр. Ханнык баҕарар ситиминэн ыытыаххытын сөп. Ватсап, электроннай почта аадырыһа melcinovamaria@gmail.com. Ахтыылары 2024 сыл балаҕан ыйын бастакы күнүгэр диэри хомулларын биллэрдилэр. Ахтыыны суруйуон баҕалаахтарга эрдэттэн суруйан, хойутаабакка Мельчинова Мария Егоровна аатыгар, бу нүөмэргэ +79142800386 ыытаргытыгар көрдөһөллөр.  Онон, убаастабыллаах биир дойдулаахтарбыт Галина Никитична Шахурдина туһунан истиҥ-иһирэх ахтыыларгытынан кинигэ күн сирин көрөрүгэр күүс-көмө буоларгытыгар ыҥырабыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *