Ыам ыйын 21 күнэ — Ырыа күнэ.

Ырыа — олох аргыһа,
Ырыа — санаа кыната,
Ырыа — дууһа иэйиитэ,
Ыллаа күҥҥүн киэргэтэ.

Ырыа — үлэ үөрүүтэ,
Ырыа — үөрүү үҥкүүтэ,
Ырыа — оҕо мичээрэ,
Ыллаа, ыраах дьиэрэтэ.

Ырыа — күммүт чаҕыла,
Ырыа — дьолбут кустуга,
Ырыа — айан суолдьута,
Ыллаа, ыыргын сырдата.

Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт! Эһигини ырыа күнүнэн итиитик-истинник эҕэрдэлээн туран «Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбыла төрүттэммитэ 20 сыллаах дьоро киэһэтин кэнсиэрин https://youtube.com/watch?v=sXrCBf1WbiM&feature=share ссылканан киирэн көрөргүтүгэр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *