Балаҕан ыйын 18 күнүгэр Чурапчы колхозтарын күүс өттүнэн Хоту Көһөрүллүү 80 сылын бэлиэтиир кэриэстэбил күнүгэр, Чаачыгый сиригэр Көһөрүллүү мемориалыгар үрдүк таһымнаах 6 нэһилиэк ытык кырдьаҕастара, баһылыктара көрүстүлэр. Дьоннорун — сэргэлэрин ахта — саныы кэллилэр Чурапчы улууһуттан Алаҕар, Бахсы, Мугудай, Төлөй, Мэҥэ — Хаҥаластан Дьабыыл, Мэҥэ нэһилиэктэрэ.
Дьокуускай куораттан Саха Республикатын Ытык Сүбэ председателя, СР үтүөлээх олохтооҕо Григорьева Люлия Николаевна, Ытык Сүбэ чилиэттэрэ «Полярная звезда» орден кавалера Мучин Матвей Васильевич уонна Аммосов Иннокентий Николаевич, Чурапчы улууһуттан баһылык солбуйааччыта Мария Филипповна Кронникова ыалдьыттаатылар.
Ону таһынан Кэбээйи улууһуттан Куокуну нэһилиэгиттэн Софронеева Ираида Николаевна, көһөрүллүү кыттыылааҕын кыыһа Борисова Полина Андреевна, Олесова Нина Егоровна кэлэн кыттыыны ыллылар.
Дьон — аймах мустан, Көһөрүллүү мемориалыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, өйдөбүнньүк чүмэчи уматтылар. Үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ Чурапчы улууһун велосепедистарын, Чурапчы — Аллараа Бэстээх — Чурапчы велопробег кыттыылаахтарын көрүстүбүт уонна салҕыы Чурапчыга атаардыбыт. Салгыы Чыаппарага Норуот айымньытын дьиэтигэр кэлбит ыалдьыттар эбиэттээн баран, библиотекаҕа Хоту Көһөрүллүү кыттыылаахтарын оңоһуктарын уонна малларын “Өлбөөдүйбэ өйдөбүл” быыстапкатын, Алазар нэһилиэгин историятын кэрэһэлиир кинигэлэри көрдүлэр, иһиттилэр. Нэһилиэктэр баһылыктара историяны сырдаттылар. Иван Хон “Чыаппара эбэккэм” ырыатын сэңээрэн иһиттилэр. Чыаппаратаазы “Ырыа”НАДь туруорбут “Олох кырдьыга” уус-уран документальнай киинэтин көрдүлэр. Уонна төгүрүк остуолга кэлбит ыалдьыттар, олохтоохтор санааларын үллэһиннилэр.
Бу тэрээһиҥҥэ биһиги нэһилиэктэн Кэбээйигэ 3 саастааҕар тиийбит, көһөрүллүү соҕотох кыттыылааҕа Анна Алексеевна Афанасьева, «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич уонна көһөрүллүбүт дьон оҕолоро Чаачыгыйга баран дьоммутун кэриэстээн, умнубаппытын, сүгүрүйэрбитин туоһулаан кыттыыны ылан кэллилэр.