Кулун тутар ый 5 күнүгэр, Чурапчы улууһугар, Чурапчы сэлиэнньэтигэр, “Айылгы” оройуоннааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр “Чараас сытыы тыллаах чабырҕахпыт чаҥыйдын” биллиилээх чабырҕахсыт Мария Андреевна Герасимова-Сэҥээрэ аатынан чабырҕаҕы толорооччулар аһаҕас республиканскай күөн-күрэхтэрэ бэрт сэргэхтик буолан ааста.
Чабырҕаҕы толорооччулар аһаҕас республиканскай күөн-күрэҕэ икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Ол курдук бастакы түһүмэх: 10-тан 16 дылы саастаахтар биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толоруу. Иккис түһүмэх: 17-тэн үөһэ саастаахтар биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толоруу.
Чабырҕах хомоҕой тыллаах киэҥ түһүлгэтигэр 17-тэн үөһэ саастаахтарга бөлөҕүнэн чабырҕах толоруутугар уопсайа 9 бөлөх республикабыт араас нэһилиэктэриттэн: Чурапчыттан, Тааттаттан, Амматтан, Мэҥэ-Хаҥаластан — Балыктаах, Тиэлиги, Бүтэйдээх бөһүөлэктэрэ күөн көрүстүлэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ: Мария Андреевна Герасимова — Сэҥээрэ, Александра Николаевна Васильева, Мария Гаврильевна Боппоенова үлэлээтилэр.
Бу республиканскай таһымнаах күрэххэ биһиги нэһилиэктэн «Ай – тыас» фольклорнай бөлөх 17-тэн үөһэ саастаахтарга бөлөҕүнэн чабырҕах толоруутугар ситиһиилээхтик кыттан, маннык улахан таһымнаах түһүлгэҕэ аан маҥнайгытын кыттан көрөөччү биһирэбилин, дьон – сэргэ сэҥээриитин ылыан ылла.
Дария Андросова салайааччылаах «Ай – тыас» фольклорнай бөлөх, бу күрэххэ баран ситиһиилээхтик кыттан, бэйэлэрин көрдөрөн, күрэххэ кыттыбыт бөлөхтөрү кытта опыт атастаһан, үгүс билии саппаастаах, долгутуулаах күрэх күнүн түмүктээтилэр. Эдэр кэскиллээх салайааччыбытыгар Дария Андросоваҕа, «Ай – тыас» фольклорнай бөлөх кыргыттарыгар баҕарабыт алгыстаах аартыккыт арыллан истин, үрдүк таһымнаах күрэххэ бастакы хардыы оҥорон, кыайыы үрдүк үктэллэрин эрэллээхтик дабайан иһин диэн баҕа санаабыт бастыҥын тиэрдэбит!