Алтынньы 5 күнүгэр, олохтоох култуура дьиэтигэр «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитэ, М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын коллектива, олохтоох култуура дьиэтэ биир сүбэнэн тэрийиилэринэн 2023 сылга дойду үрдүнэн уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит сылынан учуутал күнүгэр аналлаах «Учуутал, эн үрдүк аатын иннигэр…» үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.
Тэрээһин бастакы чааһа нэһилиэкпит ыччатын үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйбут, уһун сылларга нэһилиэк общественнай, культурнай, спортивнай олоҕор үгүс кылааттарын киллэрбит педагогическай үлэ ветераннарын чиэстээһиҥҥэ ананна. «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич педагогическай үлэ ветераннарын уонна билиҥҥи үлэлии сылдьар педколлективы учуутал күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ, ону сэргэ наҕараадалары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда:
«Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин аатыттан эҕэрдэ суругу, анал бэлиэлэри анаата:
Харитонова Марфа Петровнаҕа – Балыктаах орто оскуолатыгар 47 сыл үлэлээбит алын сүһүөх учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, “Учууталлар учууталлара”, барыта 10 выпуск үөрэнээччилэрин ааҕарга, суруйарга, суоттуурга үөрэппит баай уопуттаах учуутал, «Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин», «Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга кылаатын иһин» бэлиэлэр хаһаайкатыгар.
Дохунаева Александра Петровнаҕа – педагогическай үлэ бэтэрээнэ, “Учууталлар учууталлара”, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин систематын бочуоттаах бэтэрээнэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун уус-уран оҥоһуктарын норуотун маастара, «Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката.
Ноговицына Марфа Иннокентьевнаҕа – педагогическай үлэ бэтэрээнэ, биология учуутала, опыта Россияҕа тиийэ тарҕаммыт социальнай педагог, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, ”За доброе сердце и профессионализм” мэтээл кавалера, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ.
Габышева Александра Николаевнаҕа — «Үлэ албан аат» 3-с степеннээх орденын кавалера, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ, «Үөрэҕириини сайыннарыыга кылаатын иһин» Российскай Федерация мэтээлин кавалера, «Саха-Азия оҕолоро» фонда стипендиата, «Старшай учуутал», Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэх үлэһиттэрин 10 съеһин делегата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, «Педагог-маастар», Мэҥэ-Хаҥалас улууһун уус-уран оҥоһуктарын норуотун маастара.
Кычкина Ия Васильевнаҕа — педагогическай үлэ бэтэрээнэ, “Учууталлар учууталлара”, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна.
Стручков Яков Константиновичка — педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна.
Кычкина Любовь Васильевнаҕа — педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, “Учууталлар учууталлара”, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, «Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката.
«Мэҥэ-Хаҥалас улууһа» муниципальнай тэриллии аҕа баһылыгын Д.И.Тихонов махтал суруктара ананнылар:
Габышева Александра Николаевнаҕа — педагогическай үлэ бэтэрээнигэр.
Габышева Светлана Антоновнаҕа — М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын математика учууталыгар.
Стручкова Татьяна Артуровнаҕа — М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын алын кылаас учууталыгар.
Габышева Яна Ильиничнаҕа — М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын биология, химия учууталыгар.
«Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин дьаһалтатын махтал суруктара ананна:
Стручкова Евдокия Михайловнаҕа — М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын алын кылаас учууталыгар.
Цыпандина Кюннэйэ Николаевнаҕа — М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын саха тылын учууталыгар.
Олесов Гаврил Серафимовичка — М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын физика, информатика учууталыгар.
Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ эҕэрдэ тылын, сибэкки дьөрбөтүн, оскуола үөрэнээччилэрин ааттарыттан сэмэй бэлэхтэрин педагогическай үлэ бэтэрээннэригэр туттартаата М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын директорын эбээһинэһин толорооччу Иванов Егор Николаевич.
Бары педагогическай үлэ ветераннарын ааттарыттан алгыс тылын, эҕэрдэтин тириэртэ Марфа Петровна Харитонова.
Учуутал идэтэ – уустук идэ, хас биирдии оҕо дууһатыгар күлүүс булар туһуттан кини элбэҕи ааҕыахтаах, үөрэтиэхтээх, араас ньымалары толкуйдаан үөрэнээччини билиигэ сирдиэхтээх, оттон эдэр учууталга бастакы көмөлөһөөччүнэн буолар кини наставнига –опыттаах учуутал. Тэрээһин иккис чааһыгар бэйэлэрин наставникатрын туһунан видеонан сырдаттылар оскуола күн бүгүн опыттаах учууталлара:
Габышева Светлана Антоновна сырдатта бэйэтин наставнигын — педагогическай үлэ бэтэрээнэ, “Учууталлар учууталлара”, өр сылларга математика учууталынан үлэлээбит Федорова Марфа Захаровна туһунан.
Говорова Ангелина Николаевна махтана кэпсээтэ наставнигын — педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин систематын бочуоттаах бэтэрээнэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун уус-уран оҥоһуктарын норуотун маастара, «Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката Свинобоева Татьяна Петровна туһунан.
Молукова Сардана Степановна киэҥ тутта кэпсээтэ РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Мэҥэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ, тыыл ветерана Габышева Парасковья Прокопьевна туһунан.
Тэрээһин үһүс чааһа быйылгы 2023-2024 үөрэх дьылыгар саҥа үлэлии кэлбит эдэр педагогтарын билиһиннэрии, «сүрэхтэнии» сиэрин-туомун толорууга ананна. Ол курдук бэрт интэриэһинэй боппуруостардаах тургутугу ааһан, айымньылаахтык үлэлииргэ, нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөх кыттыыны ыларга андаҕар биэрэн коллектив кэккэтигэр үөрэ-көтө киирдилэр:
Иванов Егор Николаевич — М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын директорын эбээһинэһин толорооччу.
Дьяконов Гаврил Гаврильевич — технология учуутала
Кычкин Павел Петрович – мас тардыһыытыгар тренер.
Семенова Александра Васильевна – физкультура учуутала.
Олесова Айыына Ивановна – 1 кылаас учуутала.
Прибылых Иван Николаевич – музыка учуутала.
Түгэнинэн туһанан, оскуола коллективын аатыттан саҥа үөрэх дьылын көрсө үрдүк наҕараадалары туппут учуутал коллегаларыгар профком председателэ Молукова С.С. сэмэй бэлэхтэри туттарда.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһин музыкальнай нүөмэрдэригэр оскуола бары үөрэнээччилэрэ, ону сэргэ коллектив биир киһи курдук бука бары кыттыыны ылбыттара көрөөччүлэри сүргэлэрин көтөхтө, бииртэн биир интэриэһинэй нүөмэрдэр бэлэмнэммиттэрэ тэрээһини ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдилэр:
Алын кылаас үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин эҕэрдэлэрин уус-уран ааҕыынан, «Уруй буоллун учууталбар» ырыанан тириэртилэр.
Оскуола үөрэнээччилэрэ, бука бары үлэһиттэрин толоруутугар хор «Оскуола гимнэ». (сал.Цыпандина К.Н.)
«Уоланнар» бөлөх толорууларыгар уус-уран ааҕыы «Учууталга махтал».
«Ыллыкчаан» оҕо образцовай үҥкүү ансаамбылын толоруутугар «Дьиэрэҥкэй», (сал. Рожин Х.М.).
Үҥкүү «Кыталыктар».
Эр дьон коллективын толоруутугар ырыа «Учуутал убайбар».
Үрдүкү кылаас кыргыттарын толорууларыгар ырыа «Күндүтүк саныыбын».
Айыллаана Сотникова толоруутугар үҥкүү «Дьол көлүччэтэ».
Үҥкүү «Таас үрэх»
Дария Андросова толоруутугар норуот ырыата «Татыйаас».
Рима Фадеева толоруутугар ырыа «Күөрэгэй көрө»
Стручкова Сандаара толоруутугар үҥкүү «Саха кыыһа».
Учууталлар ансаамбылларын толоруутугар ырыа «Балыктааҕым — мин дойдум», (сал. Цыпандина К.Н.).
Бу курдук үөрэнээччилэр, учууталлар, төрөппүттэр бары бииргэ туруннахпытына ситиһиилэр биир биир кэлэн иҺиэхтэрэ, биһиги тапталлаах Балыктаахпыт аата ааттаныа, үрдүккэ күөрэйиэ, сайдыа-үүнүө.
Ытыктабыллаах педагогическай үлэ ветераннара, учууталларбыт, үөрэх эйгэтин бары үлэһиттэрэ! Эһигини барыгытын идэлээх бырааһынньыккытынан — учуутал күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит. Айымньылаах үлэҕитигэр үгүс ситиһиини, кыһамньылаах, билиигэ тардыһыылаах үөрэнээччилэри, тус бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, саҥа кирбиилэри, дьолу-соргуну, баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин баҕарабыт.