Улуустааҕы биирдиилээн толорууга тойук күрэҕэ.

Кулун тутар 24 күнүгэр Балыктаах ытык мааны сиригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун биллэр фольклориһа, Саха Республикатын култууратын уонна литературатын декадатын икки төгүллээх кыттыылааҕа, Ульяновскай, Москва куораттарга ыытыллыбыт Бүтүн Сойуустааҕы көрүү лауреата, Саха Республикатын култууратын туйгуна, Мэҥэ, Мөҥүрүөн нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, «Мэҥэ Хаҥалас улууһугар култуура уонна искусство сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, сыана бэтэрээнэ — Афанасий Никифорович Протодьяконов 85 үбүлүөйдээх сааһыгар анаммыт улуустааҕы биирдиилээн толорууга тойук күрэҕэ буолан ааста.

Үөрүүлээх тэрээһин Афанасий Никифорович патриот, көхтөөх киһи буоларын быһыытынан күн бүгүҥҥэ дылы дойдутун туһугар туох баар культурнай, спортивнай тэрээһиннэригэр кыттан кэлбитин туоһулуур, өрүү инники күөҥҥэ сылдьар айар олоҕун кэрдииһин сырдатар видеосюжетынан саҕаланна.

Афанасий Никифорович биһиги улууспутугар тэриллэн ыытыллар култуура уонна спорт эстафетатын 1-кы кыттыылааҕа, 1956 сылтан саҕалаан, биир да сылы көтүппэккэ сылын ахсын лауреат үрдүк аатын сүкпүтэ, дэгиттэр спортсмен буолан, төрөөбүт сиригэр-уотугар элбэх наадалаах очкону аҕалбыта. «Дойдубут туһугар — бары бииргэ!» диэн девизтаах Василий Константинович Степанов аатынан култуура уонна спорт эстафетатын быйылгы, 66-с төгүлүн ыытыллыбыт фестивалга «Күн Эрили» олоҥхоттон бөлөҕүнэн толорууга кыттыытын иһин дипломант үрдүк аатын иҥэрбиттэрэ — билигин да, Афанасий Никифорович айылҕаттан айдарыылаах талаанынан кыахтааҕын көрдөрөн эдэр дьоҥҥо үтүө холобур буолан, дьонун-сэргэтин биһирэбилин ылыаҕын ылар. Бу күн норуот ырыаһыта, олоҥхоһут ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Н.И.Степанов- Ноорой «Күн Эрэли» олоҥхоттон быһа тардыыны күрэх кыттыылаахтарыгар анаан итэҕэтиилээхтик толордо.

Тойук күрэҕин үөрүүлээх чааһыгар бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр:

«Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыгын солбуйааччыта Иван Егорович Мохначевскай;

«Мөҥүрүөн нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыгын солбуйааччыта Юрий Николаевич Александров;

Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын методиһа Станислав Александрович Иванов;

Гаврил Колесов аатынан оройуоннааҕы норуот айымньытын киинин Олоҥхо дьиэтин уус-уран салайааччыта Айта Семеновна Васильева;

М.П. Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын директора Айталина Михайловна Мохначевская;

Афанасий Никифорович тапталлаах кэргэнин Мария Алексеевна аймахтарын аатыттан Нина Николаевна Борисова;

Дмитрий Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин режиссера Галина Васильевна Эверстова;

«Лесной» түөлбэ начальнига Антонина Николаевна Мордискина уонна С.С., Л.И. Кычкиннар дьиэ кэргэн аатыттан Лидия Ивановна Кычкина;

«Арчы» түмсүү салайааччыта Надежда Федоровна Рожина;

«Доруобуйа» кулууп салайааччыта Марфа Иннокентьевна Ноговицына;

Афанасий Никифорович оҕолоро, сиэттэрэ;

Афанасий Никифорович бииргэ төрөөбүт балта Екатерина Никифоровна Мосоркина;

Афанасий Никифорович бииргэ төрөөбүт убайын Василий Никифорович уонна кини оҕолорун, сиэттэрин ааттарыттан Екатерина Васильевна Протодьяконова;

Олохтоох култуура дьиэтин директора Любовь Васильевна Кычкина эҕэрдэ тылын эттэ уонна Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитин Анисия Даниловна Скрябина эҕэрдэтин, бэлэҕин туттарда.

Дьоро күн үөрүүлээх чааһын «Мичээр» үҥкүү коллектива «Арчы» үҥкүүнэн, хомуска сахалыы матыыптарынан Геннадий Афанасьев, норуот ырыатынан Дария Андросова, «Сайдыына» вокальнай ансаамбыл ылбаҕай ырыаларынан, ыалдьыттарбыт Майа сэлиэнньэтин «Алгыс» түмсүү (салайааччы Афанасий Никифорович бииргэ төрөөбүт балта Екатерина Никифоровна Мосоркина) «Илгэ» үҥкүүнэн, сиэн кыыһа Амелия Протодьяконова флейтаҕа оонньоон эҕэрдэ уунан күрэх үөрүүлээх чааһын ситэрэн-хоторон биэрдилэр.

Улуустааҕы биирдиилээн толорууга тойук күрэҕэр барыта 3 бөлөҕүнэн Майаттан, Аллараа Бэстээхтэн, Тараҕай, Төҥүлү, Дьаҥхаады, Дьабыыл, Мөҥүрүөн уопсайа улууспут 7 нэһилиэгиттэн кэлэн 19 кыттааччы кыттыыны ылла.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:

1. Мэҥэ Хаҥалас улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын методиһа, Оһуохайга Саха сирин  Дархан этээччитэ Иванов Станислав Александрович — дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ;

2. Саха Республикатын культуратын уонна литературатын декадатын 2 төгүллээх кыттыылааҕа, Ульяновскай, Москва куораттарга ыытыллыбыт Бүтүн Сойуустааҕы көрүү лауреата, Саха Республикатын культуратын туйгуна, сыана бэтэрээнэ  Афанасий Никифорович Протодьяконов, күрэх тэрийээччитэ;

3. Гаврил Колесов аатынан оройуоннааҕы норуот айымньытын киинин Олоҥхо дьиэтин уус-уран салайааччыта Айта Семеновна Васильева.

Улуустааҕы биирдиилээн толорууга тойук күрэҕин түмүгэ:

I бөлөххө (18 — 40 саастарыгар дылы)
1 үрдэл — Галина Зыкова (Табаҕа)
2 үрдэл — Денис Оконешников (Дьабыыл)
3 үрдэл — Дария Андросова (Балыктаах)


II бөлөххө (41 — 60 саастарыгар дылы)
1 үрдэл — Нестерова Маргарита (Майа)
2 үрдэл — Скрябин Анатолий (Доллу)
3 үрдэл — Акимов Владимир (Майа)

III бөлөххө (61 сааһыттан үөһэ)
1 үрдэл — Николаева Агафия (Майа)
2 үрдэл — Неустроева Людмила (Майа)
3 үрдэл — Бурнашева Аграфена (Табаҕа).

Күрэх муҥутуур кыайыылааҕынан Аксинья Степанова (Аллараа Бэстээх) ааттанна уонна «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитэ олохтообут 10.000 солкуобай суумалаах сертификатынан наҕараадаланна.

Маны таһынан анал ааттар олохтоннулар:

«Көрөөччү биһирэбилэ» анал аат туттарылынна Владимир Акимовка (Майа).
Василий Никифорович Протодьяконов оҕолорун, сиэттэрин анал бирииһэ Татьяна Неустроеваҕа (Дьаҥхаада) ананна.
Екатерина Никифоровна Мосоркина дьиэ кэргэнин анал бирииһэ туттарылынна Нина Борисоваҕа (Төҥүлү).
Саха Республикатын норуотун маастара Березкина Валентина Борисовна анал бирииһэ туттарылынна Айаан Верховцевка (Аллараа Бэстээх).
Афанасий Никифорович чугас аймахтарын Марфа, Егор Протодьяконовтар оҕолорун, сиэттэрин анал бириистэрэ ананна күрэх саамай аҕам саастаах кыттааччытыгар Ксения Филипповаҕа (Табаҕа).

Тойук күрэҕэр көхтөөхтүк кыттыбыт кыттааччыларга харчынан сэмэй бириэмийэлэр, туоһу суруктар туттарылыннылар.

Тойук күрэҕин Вера Фадеева, Рима Фадеева, Дария Андросова бэйэлэрин ылбаҕай ырыаларынан киэргэтэн ситэрэн биэрдилэр. Түмүк тахсыар диэри күрэх ыалдьыттара бары тоҕуоруһан, мустан оһуохайдаатылар.

Түмүккэ Афанасий Никифорович оҕолорунаан, сиэттэринээн бэлэмнээбит итии чэйдээх сандалы тула кэлбит ыалдьыттарын, бар дьонун түмэн күндүлээтилэр. Күрэх тэрээһинигэр кыттыспыт олохтоох администрацияҕа, Балыктаах орто оскуола коллективыгар, «Лесной » түөлбэ олохтоохторугар, «Арчы» түмсүү, «Доруобуйа » кулууп коллективтарыгар, спонсордаабыт Валентина Борисовна Березкинаҕа, алаадьынан айах тутан ыалдьыттары күндүлээбит дьоммутугар, Афанасий Никифорович оҕолоругар, сиэттэригэр, чугас аймахтарыгар, бука барыгытыгар сылаас махтал тылларын аныыбыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *