«Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ».

Олунньу 13 күнүгэр Төрөөбүт сахабыт тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ, ону сэргэ төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Онон салайтаран биһиги нэһилиэкпитигэр — Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһин буолан ааста.

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн бэйэтин эҕэрдэтин тириэртэ «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыгын солбуйааччы Иван Егорович Мохначевскай.

Тэрээһини музыкальнай нүөмэрдэринэн ситэрэн-хоторон киэргэттилэр:

«Күөрэгэй көрө» ырыа — Рима Фадеева.

Татьяна Цыденжапова толоруутугар хомуска сахалыы матыыптар.

Ылбаҕай ырыанан Дария Андросова, Рима Фадеева.

Дойдубут үрдүнэн төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн, биһиги сахалар ураты дууһабыт, бараммат баараҕай талааммыт, дьиэрэтэр эһиэкэйбитигэр арыллар, хамсаныылаах оһуохайбытын оройуттан тутан эһиэкэйи эҥээриттэн ыламмыт бүгүҥҥү тэрээһини оһуохайынан түмүктээтибит. Оһуохайы таһаардылар эдэр эрчимнээх, кэскиллээх элбэҕи эрэннэрэр ыччаттарбыт Санаайа Максимова, Дария Андросова, Лилия Долгунова.

Норуот олорбут олоҕо, тыына-дьылҕата тылыгар иҥэн сылдьар. Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр- хааныгар иҥэринэр, төрөөбүт тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буола улаатар. Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар. Тыл –бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ. Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ үтүө үгэскэ кубулуйан, сыллата бэлиэтэнэн, тэнийэн, сайдан истин!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *