Тохсунньу тоһуттар тымныылара түстүлэр, таҥха күннэрэ саҕаланнылар! Тохсунньу 12-19 күннэригэр билгэ билгэлээн, таҥха таҥхалаан инникилэрин тымтыктанан көрөн таайтарар үгэстээхтэр, айылҕаттан айдарыылаах ытык идэлээх дьонтон сүбэ-ама ылан таҥха күннэрин аһараллар.
Тохсунньу 13 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр нэһилиэкпит олохтоохторугар анаан алгысчыт, эмчит, сиэри-туому тарҕатааччы Оконешников Денис Викторович үлэлээтэ. Күн устата интэриэһиргээн кэлбит дьону-сэргэни кытта көрсөн, хаартынан сэрэбиэй, киртэн-дьайтан ыраастааһын, арчылааһын оҥордо, сүбэ-ама биэрдэ. Ону тэҥэ Денис Викторович алгыс сиэрин-туомун сөптөөхтүк оҥоруу, айыыларга сүгүрүйүү, айылҕаҕа сылдьыы, саҥа дьиэни арчылааhын, онтон да атын сиэр-туом тула аһаҕас кэпсэтиини тэрийэн, сиһилии кэпсээтэ, үөрэтии дьарыгын көрдөрдө.