Муус устар 7 күнүгэр ырыаҕа ылланар хоһооҥҥо хоһуйуллар Балыктаах ытык мааны сиригэр дьоро күн үүннэ. Ол курдук үгэс быһыытынан, быйыл 8-с төгүлүн тэриллэр улуус иһинэн аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах «Сулустаах эстафета» Арассыыйаҕа «Норуоттар култуураларын нэһилиэстибэтин», Саха АССР төрүттэммитэ 100, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар «Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн», улууска сопхуостар тэриллибиттэрэ 55 сылларыгар анаммыт уус-уран көрүү бэстибээлэ буолан ааста.
Бэстибээлгэ ыаллыы сытар Дойду, Мөҥүрүөн, Мэҥэ, Араҥас нэһилиэктэрэ уус-уран оҥоһуктарын быыстапкатынан, видеороликтарынан нэһилиэк историятын сырдатыынан, остуол оонньуутун күрэхтэһиитигэр (хабылык, хаамыска) уонна уус-уран самодеятельноһын кэнсиэринэн кытыннылар.
Бэстибээл үөрүүлээх аһыллыытын «Арчы» түмсүүтүн салайааччыта Рожина Надежда Федоровна саха дьонун сиэринэн сыт-буруо таһааран арчылаата, алгыс анаата.
Кэлбит бары ыалдьыттары, нэһилиэк олохтоохторун «Арчы» (сал.Рожина Н.Ф.), «Доруобуйа» (сал. Ноговицына М.И.) түмсүүлэр Далбар Хотуттара арыылаах алаадьынан, кырылыы кыынньар кымыһынан айах тутан үөрэ-көтө көрүстүлэр.
Бэстибээл кыттыылаахтарыгар бэйэлэрин эҕэрдэлэрин анаатылар:
1. «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин аҕа баһылыга Куприянов Александр Валерьевич.
2. «Мэҥэ-Хаҥалас улууһа» муниципальнай тэриллии аҕа баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Свинобоев Мирон Анатольевич эҕэрдэ тылын тириэртэ уонна «Мэҥэ-Хаҥалас улууһа» муниципальнай тэриллии аҕа баһылыгын махтал суругун Цыденжапова Татьяна Сергеевнаҕа туттарда.
3. Улуустааҕы кырдьаҕастар сэбиэттэрин председателэ Максимова Маргарита Михайловна.
4. Дьүүллүүр сүбэ председателэ Григорьев Спиридон Спиридонович.
Салҕыы 7 ирдэнэр нүөмэрдээх нэһилиэктэр концертнай программаларын утуу-субуу астына, иэйэн-куойан туран, бэрт сэргэх бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэри көрөөччүлэргэ бэлэх ууннулар.
Трио толоруутугар П.Тобуруокап тыллара, А. Алексеев мелодията «Чэмэлиинэ».
Биллиилээх суруйааччылар уонна олохтоох автордар суруйууларыгар «Төрөөбүт дойдубун таптыыбын» — хоһоонунан дьүһүйүү.
В исполнении Татьяны Дьяконовой «Деревенька моя», музыка Николая Кудрина, слова Владимира Гундарева.
«Талба» сыана ветераннарын үҥкүүһүттэрин бөлөҕүн толоруутугар «Ульчанки».
Сценка — автор Антонина Прибылых туруоруутугар «Пандемия».
Татьяна Цыденжапова толоруутугар хомуска сахалыы матыыптар.
Антонина, Иван Прибылыхтар дьиэ-кэргэн толоруутугар «Суолам кыыһа», Иннокентий Сосин тыллара, Тамара Апросимова мелодията.
Дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылы маннык нүөмэрдэргэ анаата: Лауреат үрдүк аата иҥэрилиннэ Татьяна Васильевна Дьяконоваҕа уонна Антонина, Иван Прибылыхтар дьиэ-кэргэҥҥэ. Дипломант аатын сүктүлэр: Татьяна Сергеевна Цыденжапова уонна «Талба» сыана ветераннарын үҥкүүһүттэрин бөлөҕө (сал. Стручкова Сардана Степановна).
Сахалыы остуол оонньуутун (хабылык, хаамыска) күрэхтэһиитэ элбэх көрөөччүнү бэйэтигэр тардан, бэрт сэргэхтик, сытыытык ааста.
Түмүккэ дьахталларга 1 миэстэни ылла Марфа Ченянова (Матта), 2-с миэстэ — Валентина Березкина (Балыктаах), 3-с миэстэ — Анисия Калачева (Тарат).
Эр дьоҥҥо 1-кы миэстэ — Андрей Цыпандин (Тарат), 2-с миэстэ Николай Свинобоев (Матта), 3-с миэстэ — Петр Никитин (Балыктаах).
Бэстибээл бастыҥнарыгар грамоталар, сэмэй бэлэхтэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылыннылар.
«Мэҥэ», «Араҥас», «Мөҥүрүөн» уонна Дойдуунускай нэһилиэктэрин кырдьаҕастарын сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрэ улуустааҕы кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Максимова М.М. кытта.
Уһун тохтобул кэнниттэн чугас нэһилиэктэрбит ытык-мааны дьоно-сэргэтэ мустан, ирэ-хоро кэпсэтэн, дуоһуйа сынньанан, илин-кэлин түсүһэн күрэхтэһэн, ыллаан-туойан, хараҕы сымнатар сиэдэрэй оҥоһуктарынан санаа атастаһан үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Түмүккэ нэһилиэкпит кырдьаҕастарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр Рожина Надежда Федоровнаҕа, «Арчы», «Доруобуйа» түмсүү коллективтарыгар, уус-уран оҥоһук быыстапкатыгар, спортивнай күрэхтэһиигэ, уус-уран самодеятельность кэнсиэригэр кыттыыны ылбыт бары дьоммутугар ис сүрэхтэн тахсар сылаас махтал тылларын аныыбыт. Мэлдьи бу курдук инники күөҥҥэ сылдьыҥ, бу курдук бөһүөлэкпит чэчирии сайдарын туһугар түмсүүлээх буолуоҕуҥ! Чэгиэн-чэбдик буолуҥ!