Ахсынньы 31 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр нэһилиэкпит олохтоохторугар, биир дойдулаахтарбытыгар уонна ыалдьыттарбытыгар анаан «Саҥа дьыл күлүмнэс түгэнэ» саҥа дьыллааҕы дьоро түгэнэ буолан ааста.
Сылы түмүктүүр дьоро киэһэҕэ тэрилтэлэринэн саҥа дьыллааҕы соһуччу түгэннэри бэлэхтээн, көрөөччүлэри сэргэхситтилэр:
Сыл түмүгүнэн бастыҥнары чиэстиир үтүө түһүлгэни түстээтэ «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин аҕа баһылыга Александр Валерьевич Куприянов. Ол курдук бастыҥнартан бастыҥнары ааттаталаан, сыанаҕа ыҥыран, наҕараадалары туттартаата.
Саха Республикатын тыа хаһаайыстыбатын министерствота 100 сылынан анал бэлиэлэри туттулар:
1. Сотников Иннокентий Иннокентьевич — үлэ ветерана, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Республикатын тыа хаһаайыстыбатын государственнай премия лауреата;
2. Ноговицына Екатерина Андреевна — үлэ ветерана, «Мэҥэ нэһилиэгин» бочуотун кинигэтигэр киллэриллибит, нэһилиэк бары ыытыллар тэрээһиннин активнай кыттыылааҕа;
3. Куприянова Розалия Николаевна — сэрии сылын оҕото, үлэ ветерана, «Мэҥэ нэһилиэгин» бочуоттаах гражданина, «Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын ветерана» бэлиэ хаһаайына;
4. Скрябина Маргарита Ивановна — үлэ ветерана, «Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын ветерана» бэлиэ хаһаайына, ОЖСПоК «Хаххах» салайааччыта.
«Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыга Куприянов А.В. махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр:
1. Сотников Иван Иннокентьевич — үлэ ветерана;
2. Мохначевскай Ефим Валерьевич — «ИП Мохначевский Е.В.» крестьянскай хаһаайыстыба салайааччыта;
3. Мохначевскай Илья Егорович — «ИП Мохначевский И.Е.» крестьянскай хаһаайыстыба салайааччыта;
4. Говоров Дьулус Геннадьевич — «ИП Говоров Дь.Г.» крестьянскай хаһаайыстыба салайааччыта;
Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үрдүк көрдөрүүлэрин уонна нэһилиэк култуурнай, общественнай олоҕор активнай кыттыытын иһин:
1. Габышев Ньургун Владимирович — «ИП Габышев Нь.В.» крестьянскай хаһаайыстыба салайааччыта.
Үтүө үгэһинэн үбүлүөйдээх саастарын туолбут нэһилиэкпит олохтоохторугар эҕэрдэ суруктар, анал бэлиэлэр туттарылыннылар:
75 сааһын томточчу туолбут убаастабыллаах, ытык-мааны киһибит, үлэ ветераныгар, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытыкыал анал бэлиэ күн күбэй ийэтигэр, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтигэр, хос эбээҕэ Мохначесвская Наталья Петровнаҕа истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэн туран эҕэрдэ суругу, анал сувениры аныыбыт.
70 саастарыгар үктэммит ытык-мааны дьоһун дьоммутугар:
1. ШАРИНА ЛЮБОВЬ СТЕПАНОВНАҔА – үлэ ветераныгар, Саха республикатын доруобуйа харыстабылын туйгунугар;
2. БОГИМОВ ФЕДОТ НИКОЛАЕВИЧКА – сибээс эйгэтин туруу улэһит ытык – мааны ветераныгар
3. КЫЧКИНА АНТОНИНА СЕРГЕЕВНАҔА –педагогическай үлэ ветераныгар, РСФСР үөрэҕириитин туйгунугар, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитигэр, Балыктаахтааҕы «Звездочка» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйигэр.
60 саастарын томточчу туолбут юбилярдарбытыгар:
1. БЕРЕЗКИНА ВАЛЕТИНА БОРИСОВНАҔА — үлэ ветераныгар, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгунугар, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Саха Республикатын норуотун маастарыгар;
2. НОГОВИЦЫН НИКОЛАЙ ПРОКОПЬЕВИЧКА — үлэ ветераныгар, уһун сылларга сылгыһытынан үлэлээбит нэһилиэкпит дьоһун олохтооҕор;
3. МИХАЙЛОВА ЗИНАИДА СТЕПАНОВНАҔА — үлэ ветераныгар, нэһилиэкпит биир тарбахха баттанар урбаанньыкка;
4. ДЬЯКОНОВА ПОЛИНА ДМИТРИЕВНАҔА – үлэ ветераныгар, күн күбэй ийэҕэ, эйэҕэс эбээҕэ.
2022 сыл нэһилиэкпитигэр Ыччат сыла биллэриллэн сыл устата үгүс үлэлэр, тэрээһиннэр ыытылыннылар. Балыктаахпыт бөһүөлэгэ үүнэ-чэчирии сайдарыгар бэйэлэрин тус кылааттарын киллэрсэн үлэлии-хамсыы, ыытыллар тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттан ханна баҕарар холобур буолар кэскиллээх ыччаттардаахпытыттан үөрэбит, киэҥ туттабыт. Сыл түмүгүнэн бастыҥ, активнай позициялаах эдэр ыаллар уонна биирдиилээн ыччаттар нэһилиэк баһылыгын махтал суруктарынан, анал бэлиэлэринэн, сэмэй бэлэхтэринэн бэлиэтэннилэр:
1. Яна, Айтал Васильевтар;
2. Яна, Ньургун Габышевтар;
3. Христина, Илья Мохначевскайдар;
4. Алина, Дьулус Говоровтар;
5. Татьяна, Игорь Стручковтар;
6. Вадим Шепелев;
7. Давид Михайлов;
8. Алена Желобцова;
9. Рима Фадеева;
10. Евгений Дьяконов;
11. Семен Чалкин;
12. Сатал Бродников.
Сыл устата ыытыллар араас таһымнаах тэрээһиннэргэ нэһилиэкпит түөлбэлэрэ түмсэннэр барытыгар куруутун активнайдык кыттан кэллилэр. Бары түөлбэлэри кэлэн иһэр Саргылаах саҥа сылынан эҕэрдэлээн туран олохтоох дьаһалта олохтообут анал сертификаттарын туттарда:
1. «Лесной» түөлбэ салайааччытыгар Антонина Николаевна Мордискинаҕа;
2. «Аартык» түөлбэ салайааччытыгар Сардана Степановна Стручковаҕа;
3. «Сүрэх тыа» түөлбэ салайааччытыгар Саргылаана Романовна Степановаҕа;
4. «Нагорнай» түөлбэ салайааччытыгар Яна Яковлевна Васильеваҕа;
5. «Сайдыс» түөлбэ салайааччытыгар Мария Ивановна Макароваҕа.
Бу дьоро киэһэ эстрада чаҕылхай сулустара ыалдьыттаан көрү-нары көҕүлүттэн туттулар:
Быйыл Тымныы кыһын оҕонньор сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын уонна Саҥа дьылынаан соһуччу үөрүүлээх түгэни бэлэхтээн, доҕотторун илдьэ кэлэн солун эйэҕэс эҕэрдэни, дьоһун түһүлгэни тэрийдилэр. Ол курдук 5 түөлбэттэн үгүс элбэх маскарад арыаллааһыннаах Тымныы кыһын оҕонньортор сиэн кыргыттарынаан тиийэн кэлэн бар дьоннорун эҕэрдэлээтилэр, түөлбэ аайыттан сыл устаата ыытыллыбыт бары тэрээһиннэргэ саамай көхтөөхтүк кыттыбыт дьоһун дьонноругар кэһиилэрин туттарбыттара, эҕэрдэ ырыа, истиҥ иһирэх эйгэни тэрийбиттэрэ солун көстүүнэн буолла.
Саҥа дьылы көрсө тэриллибит күрэхтэр түмүктэрэ маннык буолла:
«Саргыланнын Саҥа дьыл» тэлгэһэни киэргэтии күрэҕэр кыайыылааҕынан таҕыстылар:
- 3 бочуоттаах миэстэҕэ таҕыстылар Яна Ильинична, Ньургун Владимирович Габышевтар дьиэ кэргэнэ;
- 2 миэстэни ылыаҕын ыллылар Ирина Даниловна, Егор Васильевич Афанасьевтар дьиэ кэргэнэ;
- 1-кы миэстэни ылары ситистилэр Татьяна Артуровна, Игорь Игоревич Стручковтар дьиэ кэргэнэ.
- Активнай кыттыыны ылбыт Анна Геннадьевна, Иван Егорович Мохначевскайдар дьиэ кэргэҥҥэ туоһу сурук, сэмэй бэлэх туттарылынна.
- Саҥа дьыл үүнэр күнүгэр бэйэтин санаатынан саҕалаабыт үлэтин тиһэҕэр тириэрдэн тэлгэһэтигэр саҥа дьыл бэлиэлэрин куобахчааннары оҥорон түмүктээбит Мохначевскай Иван Ивановичка анал бириис туттарылынна.
«Алыптаах түгэн» бэйэ дьиэтигэр дьиэ кэргэнинэн Саҥа дьыллааҕы эйгэни тэрийэн хаартысканан күрэххэ кыайыылааҕынан таҕыстылар:
- 2 миэстэни ылыаҕын ыллылар Яна Яковлевна, Айтал Борисович Васильевтар дьиэ кэргэнэ.
- 1-кы миэстэни ылары ситистилэр Саргылаана Романовна Степанова, Ньургун Иннокентьевич Гоголев дьиэ кэргэнэ.
Кэлэн иһэр сылы көрсө симэммит харыйабыт таһыгар турар Саҥа сыл бэлиэтинэн объемнай оҥоһук конкурсугар кыайыылааҕынан таҕыстылар:
- 3 миэстэни ылары ситистэ Прасковья Егоровна Турантаева.
- 2 миэстэҕэ таҕыста Саргылаана Романовна Степанова, Ньургун Иннокентьевич Гоголев.
- 1-кы миэстэни ылыаҕын ылла Христина Иннокентьевна Мохначевская кыыһынаан Сардааналыын.
- Активнай кыттыыны ылбыт дьоннорбутугар Ноговицына Галина Николаевнаҕа, Стручкова Ньургуяна Ивановнаҕа туоһу сурук, сэмэй бэлэх туттарылынна.
«Дьэрэкээн бэлэх» конкурс кыайыылааҕар Саргылана Романовна Степановаҕа анал грамота, сэмэй бириис туттарылынна.
«Дорообо Саҥа дьыл» саҥа дьыллааҕы урукку кэминээҕи открытканы үтүктэн уруһуй конкурсугар барыта 8 киһи кыттыыны ылла, ол курдук:
- 3 миэстэ — Христина Афанасьевна Цыпандина;
- 2 миэстэ — Ирина Даниловна Афанасьева;
- 1 миэстэ — Татьяна Сергеевна Цыденжапова ылары ситиһэннэр анал грамотанан, сэмэй бэлэҕинэн наҕараадаланнылар.
- Активнай кыттыыны ылбыт дьоннорбутугар Стручкова Сардана Стерановнаҕа, Игнатьева Татьяна Егоровнаҕа уонна кыттыыны ылбыт оҕолорбутугар Игнатьев Айсеҥҥа, Лукинова Алгыстаанаҕа, Гоголева Машаҕа туоһу суруктар, сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.
«Маскарад, маскарад…» саҥа дьылга маскарад көстүүмүн конкурсугар кыайыылаахтарынан таҕыстылар:
Кэрэ аҥардарга:
- 3 миэстэни ылла Ноговицына Наталья Гаврильевна (снеговик),
- 2 миэстэни ылары ситистэ Кычкина Лариса Федоровна (эһэ миискэ),
- 1-кы миэстэни ылыаҕын ылла Габышева Яна Ильинична (куобах).
Эр дьоҥҥо кыайыылаахтарынан таҕыстылар:
- 3 миэстэни ылары ситистэ Мохначевскай Вячеслав Вячеславович (тигр),
- 2-с миэстэҕэ таҕыста Фадеев Дмитрий Дмитриевич (оҕонньор),
- 1-кы миэстэни ылыаҕын ылла Цыденжапов Бимба Бимбаевич (цыган).
Ону таһынан Тымныы кыһын оҕонньор түөлбэ аайы маскарад буолан кыттыбыт бар дьонугар бука барыларыгар анаабыт сэмэй бириистэрин туттарда.
Уопсай түмүккэ түөлбэлэринэн Тымныы кыһын оҕонньор эгэлгэ араас маскарадынан арыаллааһыннаах сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын истиҥ эйэҕэс эҕэрдэтин түмүгүнэн:
- 3 бириистээх миэстэҕэ таҕыстылар «Нагорнай» түөлбэ уонна грамотанан, анал бирииһинэн бэлиэтэннилэр (сал. Васильева Я.Я.);
- 2 миэстэҕэ таҕыстылар «Сүрэх тыа» түөлбэ уонна грамотанан, анал бирииһинэн бэлиэтэннилэр (сал. Степанова С.Р);
- 1-кы миэстэҕэ таҕыстылар «Лесной» түөлбэ уонна Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна, «За заслуги перед Отечеством» 2-с степеннээх орден кавалера, «Гражданская доблесть», «Почетный работник торговли» бэлиэлэр хаһаайката Габышева Мария Николаевна олохтообут анал бирииһин – 5000 солкуобай харчынан наҕараадаланнылар (сал. Мордискина А.Н.).
- Активнай кыттыыны ылбыт «Аартык»(сал.Стручкова С.С.), «Сайдыс» (сал. Макарова М.И.) түөлбэлэрбитигэр туоһу суруктар туттарылыннылар.
Нэһилиэкпитигэр 2022 сыл «Ыччат сыла» эдэр ыччаттар вальстарынан түмүктэннэ.
Кэтэһиилээх саҥа 2023 сылбыт хара дьүһүннээх уу хоруолугун сыла салаллан кэллэ. Бу сыл Россияҕа педагог уонна настаабынньык, Саха Республикатыгар Үлэ, улууспутугар Тыа хаһаайыстыбатын уонна нэһилиэкпитигэр коммунальнай хаһаайыстыба сыллара биллэрилиннэ! Бу курдук бүтүн нэһилиэгинэн үөрэ-көтө, өрө көтөҕүллэн тиийэн кэлбит Саҥа 2023 сылы көрүстүбүт. Тэрээһиҥҥэ бары кыттыыны ылбыт нэһилиэкпит олохтоохторугар сылаас, истиҥ махталбытын аныыбыт. Үүммүт сыл олоххутугар уҕараабат кыаҕы, сырдык санаалары аҕаллын, үтүө үлэлэринэн, саҥа ситиһиилэринэн баай буолун!