«Сандал сааһы уруйдуубут!».

Муус устар 6 күнүгэр «Сандал сааһы уруйдуубут!» нэһилиэкпитигэр сандал сааһы көрсөр, кыһыны атаарар, көрү-нары көҕүлүттэн тутан, оонньууну оройуттан ылар норуот күүлэйэ буолан ааста.

Бу күн нэһилиэкпит түөлбэлэрэ, олохтоохторо сандал сааһы уруйдаан, астаах-үөллээх атыы-тутуу дьаарбаҥкатын тэрийдилэр. Бырааһынньыкпытын түөлбэлэрбит бэйэлэрин илиилэринэн кэрэ көстүүлээх гына оҥорон аҕалан туруорбут салааскалара, чуучалалара ситэрэн-хоторон биэрдилэр.  

Ону таһынан түөлбэ олохтоохторун кыттыылаах истиҥ эҕэрдэлэр,  ырыалар-тойуктар, көрдөөх – нардаах конкурстар, түөлбэлэр икки ардыларыгар көрдөөх күрэхтэр, минньигэс шашлык амсайыыта, ас арааһыттан атыы – тутуу дьаарбаҥката үөрэ-көтө ыытылыннылар:

«Биһиги сааскы доҕорбут» дьиэ кэргэнинэн  миэстэтигэр, хаар киһи оҥоруу күрэҕин түмүгэ:

1 миэстэни ылары ситистилэр Яна, Айтал Васильевтар дьиэ кэргэн оҕолорунаан.

2 миэстэҕэ эрэллээхтик таҕыстылар Татьяна, Игорь, Сайнаара Стручковтар дьиэ кэргэн.

3 миэстэни ылары ситистилэр Мария Егорована Сотникова оҕолорунаан.

Көхтөөх кыттыыларын иһин туоһу суругунан бэлиэтэннилэр: Галина, Семен Ноговицыннар дьиэ кэргэн оҕолорунаан.

«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан!» түөлбэлэр икки ардыларыгар бэйэ, айылҕа уонна байанай бэлэҕиттэн хаһаас тоҥ ас аргыстаах толору астаах сандалы күрэҕин түмүгэ маннык буолла:

1 миэстэ — «Нагорнай» түөлбэ (салайааччы Васильева Я.Я.)

2 миэстэ — «Аартык» түөлбэ (салайааччы Стручкова С.С.)

3 миэстэ — «Сайдыс» түөлбэ ( салайааччы Макарова М.И.)

Көхтөөх кыттыыларын иһин туоһу суругунан бэлиэтэннилэр «Лесной»түөлбэ (салайааччы Кычкина М.С.), «Сүрэх тыа» түөлбэ (салайааччы Дьяконова Е.В.).

«Сандал сааһы көрсөбүт » түөлбэлэр икки ардыларыгар киэргэтиллибит салааска күрэҕин түмүгэ маннык буолла:

1 миэстэ — «Аартык» түөлбэ (салайааччы Стручкова С.С.)

2 миэстэ — «Лесной» түөлбэ (салайааччы Кычкина М.С.)

3 миэстэ — «Сүрэх тыа» түөлбэ (салайааччы Дьяконова Е.В.)

Көхтөөх кыттыыларын иһин туоһу суругунан бэлиэтэннилэр «Нагорнай» түөлбэ (салайааччы Васильева Я.Я.), «Сайдыс» түөлбэ ( салайааччы Макарова М.И.).

«Гори, гори ясно» илиинэн оҥоһуллубут чуучала күрэҕин түмүгэ маннык буолла:

1 миэстэ — Прибылых В.А. («Сүрэх тыа» түөлбэ)

2 миэстэ — Макарова М.И ( «Сайдыс» түөлбэ )

3 миэстэ — Цыденжапова Т.С. («Аартык» түөлбэ)

Көхтөөх кыттыыларын иһин туоһу суругунан бэлиэтэннилэр Ноговицына М.И. ( «Нагорнай» түөлбэ ), Кычкина М.С. («Лесной» түөлбэ).

«Аһас шоу» көрдөөх күрэххэ кыттыыны ыллылар Альберт Гоголев, Витя Скрябин, Андрей Васильев, Айтал Чалкин, Кларена Иванова.

Ыһыылаах — хаһыылаах күрэх түмүгэр кыайыылаах үрдүк аатын ылла Альберт Гоголев.

«Кыһыны атаарыы» бырааһынньыкпытын түөлбэлэр ох курдук оҥостон музыкальнай эҕэрдэлээх кэлэн, «Доруобуйа» түмсүү сэргэх эҕэрдэтэ уонна бэйэлэрин ылбаҕай ырыаларынан ыччаттарбыт Гаврил, Евгений Дьяконовтар, Вадим Шепелев, Рима Фадеева ситэрэн — хоторон биэрдилэр.

Маны сэргэ оҕолорго, кэрэ аҥардарга, эр бэрдэргэ аналлаах көрдөөх конкурстар ыытылыннылар.

«Хаатыҥка быраҕыы» күрэх түмүгэ маннык буолла: 1 миэстэ — Альберт Гоголев, 2 миэстэ — Андрей Васильев, 3 миэстэ — Айтал Чалкин

«Хаар айан» кэрэ аҥардарбытыгар хаарынан сүүрүү күрэх түмүгэ маннык буолла:

1 миэстэ — Яна Васильева, 2 миэстэ — Христина Мохначевская, 3 миэстэ — Мария Макарова

Кыргыттарга аналлаах «Хаар таҺыы» күрэҕэр кыттыыны ыллылар Дайаана Сотникова, Алена Андросова, Нарияна Мохначевская, Сардаана Мохначевская, Аяна Васильева, Анжелика Фадеева.

Ыһыылаах — хаһыылаах күрэх түмүгэ маннык буолла: 1 миэстэ — Алена Андросова, 2 миэстэ — Сардаана Мохначевская, 3 миэстэ — Дайаана Сотникова.

Уолаттарга аналлаах «Снайпер» күрэҕэр кыттыыны ыллылар Альберт Гоголев, Витя Скрябин, Ньургун Салодников, Андрей Васильев, Айтал Васильев.

Күрэх түмүгэ маннык буолла: 1 миэстэ — Андрей Васильев, 2 миэстэ — Альберт Гоголев, 3 миэстэ — Витя Скрябин.

«Кыһыны атаарыы» бырааһынньыкпыт, төһө да халлааммыт тымныы, сытыы тыаллаах да буоллар, нэһилиэкпит түөлбэлэрэ, биирдиилээн дьоммут — сэргэбит, ыччаттарбыт, оҕолорбут кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар, миэстэтигэр шашлык астаан амсаппыт Семен Ноговицынҥа, Вадим Шепелевка махтал сылаас тылларын аныыбыт. Бу курдук өрүү көхтөөх, түмсүүлээх буолуоҕун, бука барыгытыгар чэгиэн — чэбдик доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *