Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут, удьуор саха ууһуур-сайдар, талба талаан тахса турар уйгу сирдээх, маанылаах сиригэр, саха мааны бырааһынньыга үрүҥ тунах ыһыахха күрэхтэһиилэр тэриллэн ыытылыннылар. Ол курдук Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын, үөрэҕирии 150, нэһилиэкпитигэр Аҕа сылларыгар аналлаах саха маанылаах таҥаһын 3 көрүҥ күрэҕин олохтоох култуура дьиэтэ тэрийэн ыытта.
Маанылаах саха таҥастарын күрэхтэрин маннык састааптаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата:
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ — Мохначевская Парасковья Ивановна – Михаил Прокопьевич Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын технологияҕа учуутала, Мэҥэ нэһилиэгин депутата, 3 оҕо тапталлаах күн күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбээ. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ — Березкина Варвара Игоревна – биир дойдулаахпыт, Дьабыыл орто оскуолатын технологияҕа учуутала, «Туосчаана» куруһуок салайааччыта, 5 оҕолоох күн күбэй ийэ. Скрябина Татьяна Иннокентьевна – тарбаҕар талааннаах эдэр иистэнньэҥ, «Айар-Иис» ателье салайааччыта, 2 оҕо тапталлаах күн күбэй ийэтэ.
Мааныылаах саха таҥастарын күрэҕэр биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын үйэтитэн бириистэри олохтоотулар оҕолоро, сиэттэрэ, аймахтара.
I-кы күрэх — «Саха талба, мааны сиэдэрэй кэһиэччигэ» — халадаай былааччыйаны ситэрэн биэрэр сахалыы кэһиэччик күрэҕэр уопсайа 6 кыттааччы кытынна.
Түмүккэ 1-кы миэстэ – Кычкина Мария Спиридоновна кыайыылаах тахсан, үлэ ветерана, норуот маастара, уран тарбахтаах иистэнньэҥ Егорова Елена Семеновна сырдык аатын үйэтитэн оҕолоро, сиэттэрэ олохтообут бирииһинэн наҕараадаланна.
2-с миэстэ – Кычкина Анна Васильевна ааттанан, үлэ, тыыл ветерана, улахан дьиэ-кэргэн күн-күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбээтэ, «1941-1945 сыллар Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт Кычкина Анна Гаврильевна сырдык кэриэһигэр оҕолоро сиэттэрэ туруорбут бириистэринэн наҕараадаланна.
3 бочуоттаах миэстэҕэ Мордискина Антонина Николаевна тиксэн, тыыл, үлэ ветерана, герой ийэ, Саха Республикатын президенын «Ийэҕэ Үрдүк Махтал» бэлиэнэн наҕараадаламмыт Кычкина Марфа Ананьевна сырдык кэриэһигэр оҕолоро, сиэттэрэ олохтообут бириистэрин тутта.
Ону сэргэ 3 миэстэҕэ Баишева Евдокия Васильевна тахсан, уран тарбахтаах, иэйиилээх иистэнньэҥ, саха сирин уус-уран оҥоһуктарын маастара Валентина Борисовна Березкина туруорбут бирииһинэн наҕараадаланна.
II-с күрэх – “Төрүт үгэскэ олоҕурбут саха мааны таҥаһын — халадаайы ситэрэр хаппар симэх” күрэҕэр 4 кыттааччы кытынна. Түмүк маннык буолла:
1-кы миэстэ – Ноговицына Екатерина Иннокентьевна уонна Балыктаах бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо, улуус бочуоттаах гражданина, 1950-60-70 сылларга Максим Горькай аатынан совхозка ыанньыксытынан үлэлээбит, Республикаҕа тиийэ аатырбыт, Бочуот знага орден кавалера, ССРС Верховнай Сэбиэтин депутата, коммунистическай үлэ ударнига, социалистическай үлэ хас да төгүллээх кыайыылааҕа, ыччат наставнига, персональнай пенсионер, күн күбэй ийэ, эбээ Черкашина Ксения Гаврильевна сырдык аатын үйэтитэн оҕолоро, сиэттэрэ олохтообут бириистэринэн наҕараадаланна.
2-с миэстэ – Мордискина Феврония Владимировна уонна үлэ, тыыл ветерана, күн-күбэй ийэ, эйэҕэс эбээ, хос эбээ Харитонова Вера Ивановна сырдык кэриэһигэр оҕолоро, сиэттэрэ олохтообут бириистэрин тутта.
3-с миэстэ – Прибылых Вероника Афанасьевна уонна үлэ ветерана, элбэх оҕо күн-күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбээтэ Сотникова Евдокия Николаевна сырдык кэриэһигэр оҕолоро, сиэттэрэ олохтообут бириистэринэн наҕараадаланна.
III-с күрэх – “Төрүт үгэскэ олоҕурбут эр киһи сахалыы мааны таҥаһын (камзол)” күрэҕэр Афанасьев Егор Васильевич соҕотоҕун сайаапка биэрэн кыттыыны ылла. Бу күрэххэ бириистэри олохтоотулар култуура эйгэтигэр үгүс сүҥкэн кылааттарын киллэрбит үтүө – мааны дьоммут сырдык ааттарын үйэтитэн оҕолоро, сиэттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара.
Түмүккэ бу күрэх спонсордара быһаарсыыларын түмүгэр 3 миэстэ — (Саха Республикатын култууратын туйгуна, «2000 үтүө дьыала», «Култуура эйгэтигэр уһун сыллаах үлэтин иһин», «Саха Республикатын норуотун уус-уран айымньытын тарҕатыыга үтүөлэрин иһин» бэлиэ хаһаайката, сыана ветерана, Российскай Федерация култуура үлэһиттэрин профсоюһун бочуотунай грамотатынан хас да төгүл наҕараадаламмыт, 1989 сылтан «Бэтиэхэлээх Балыктаахтар» драмкуруһуок салайааччытынан, 1989 сылтан 2009 сылларга олохтоох култуура дьиэтин директорынан үлэлээн ааспыт Шишигина Вера Егоровна сырдык кэриэһигэр бииргэ төрөөбүттэрэ олохтообут бириистэрэ), 2 миэстэ — (Култуура эйэгэтигэр уһуннук сыралаһан үлэлэспит, үгүс элбэх киһини ырыа эйгэтигэр уһуйбут ытык ветеран, «Ыллыкчаан» образцовай оҕо үҥкүү ансаамбыл анал ырыатын автора, амарах аҕа, эйэҕэс эһээ Михайлов Аркадий Степанович сырдык кэриэһигэр оҕолоро, сиэттэрэ олохтообут бириистэрэ) уонна 1 миэстэ бирииһин анаатылар олохтоох култуура дьиэтин коллектива. Бу 1,2,3 миэстэлэргэ анаммыт бириистэри дохсун ытыс тыаһын ортотугар спонсордар Егор Васильевич Афанасьевка туттардылар.
Күрэҕи ырыанан-тойугунан, үҥкүүнэн киэргэтэн-ситэрэн биэрдилэр:
Саха омук Үрүҥ тунах ыһыаҕы үгэс быһыытынан өрө көтөҕүллэн, мааны таҥас таҥнан көрсөр. Сылтан сыл сахалыы национальнай таҥаһы кэтэр дьон үксүүр, моһуон, истиил уларыйан, тупсан иһэр. Дьахтар аймах халадаай былааччыйа кэтэн сайбаччы хаамтаҕына киһи эрэ хараҕа хайгыы көрөр, үөрэр-астынар. Самаан сайыммытын уруйдаан Үрүҥ тунах ыһыахха «Доруобуйа» түмсүү (салайааччы Ноговицына М.И.) далбар хотуттара анаан-минээн тиктибит сахалыы былааччыйаларын көрөөччүлэргэ анаан сайбайа хааман көрдөрдүлэр.
Музыкальнай эҕэрдэтин тириэртэ Балыктаахпыт мааны күөрэгэйэ, уус-уран самодеятельность ветерана, улуустааҕы, республикатааҕы ырыа күрэхтэрин кыайыылааҕа, призера Вера Фадеева.
Сандаара Стручкова толоруутугар «Хотугулуу үҥкүү».
Айыллаана Сотникова толоруутугар «Дьол көлүччэтэ».
Сахалыы таҥас күрэхтэрин тэрээһинигэр кыттыһан бириистэри олохтообут убаастабыллаах дьоммутугар барыгытыгар сылаас махтал тылларын тиэрдэбит. Эһиги күндү дьоҥҥут мэлдьи биһиги сүрэхпитигэр, кинилэри ахтабыт, саныыбыт, кинилэргэ сүгүрүйэбит! Ону сэргэ сылаас махтал тылларын аныыбыт күрэхтэрбитигэр быыс булан кэлэн, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит тарбахтарыгар талааннаах эдэр далбар хотуттарбытыгар. Махтал тылларын аныыбыт күрэхтэрбит кыттыылаахтарыгар, бу курдук өрүүтүн активнай позицияҕытын ыһыктыбакка куруутун биһигинниин бииргэ буолун, баҕарабыт тус бэйэҕитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр байылыат олоҕу, дьолу саргыны!
Олохтоох дьаһалта иилээн — саҕалаан ыһыах спортивнай күрэхтэһиилэрин тэрийэн үрдүк таһымҥа ыыттылар. Биирдиилээн сүүрүүгэ күрэхтэһии түмүктэрэ:
7 саастарыгар дылы уолаттарга:
I миэстэ – Птицын Альберт (Төҥүлү), II миэстэ – Власов Дамир (Тумул), III миэстэ – Заровняев Арылхан (Төҥүлү).7 саастарыгар дылы кыргыттарга:
I миэстэ – Десяткина Айыына (Тумул), II миэстэ – Бродникова Алина (Балыктаах), III миэстэ – Иванова Лия.
8 саастарыттан 17 саастарыгар дылы кыргыттарга:
8 саастарыттан 17 саастарыгар дылы уолаттарга:
I миэстэ – Пермяков Максим (Төҥүлү), II миэстэ – Баишев Артем (Тарат), III миэстэ – Ноговицын Арылхан (Балыктаах).
Эр дьоҥҥо сүүрүүгэ:
I миэстэ – Баишев Петр, II миэстэ – Николаев Эрсан, III миэстэ – Говоров Лука (Балыктаах).
Кэрэ аҥардарга сүүрүүгэ:
I миэстэ – Сергучева Наталия (Павловскай), II миэстэ – Шарина Настя (Төҥүлү), III миэстэ – Бродникова Нелли (Балыктаах).
Оҕолорго мас тардыһыы күрэхтэһиитин түмүгэ:
I миэстэ – Гоголев Алик (Балыктаах), II миэстэ – Васильев Андрей (Балыктаах), III миэстэ – Иванов Дьулустаан (Балыктаах).
Улахан дьоҥҥо мас тардыһыы күрэхтэһиитин түмүгэ:
Оҕолорго хапсаҕай күрэхтэһиитин түмүгэ:
I миэстэ – Тихонов Роберт, II миэстэ – Ноговицын Арылхан (Балыктаах), III миэстэ – Баишев Артем
Улахан дьоҥҥо хапсаҕай күрэхтэһиитин түмүгэ:
I миэстэ – Слепцов Константин, II миэстэ – Заровняев Дьулустаан, III миэстэ – Власов Силин.Биирдиилээн күрэхтэһиилэргэ «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата кыайыылаахтарга анал мэтээллэри, грамоталары, сэмэй бэлэхтэри туттартаата.
Ыһыах саамай күүтүүлээх «Эр хоһуун — 2024» нэһилиэкпит эдэр ыччаттарыгар күрэхтэһии үрдүк таһымҥа тэриллэн , элбэх көрөөччүнү түмэ тардан ыытылынна. Бу күрэхтэһиигэ уопсайа 10 нэһилиэкпит саамай чулууттан чулуу эр бэртэрэ кыттан , бэрт эрийсиилээхтик, илин – кэлин түсүһэ күрэхтэстилэр, ыһыылаах — хаһыылаах, сытыы киирсиилээх, үрдүк көрдөрүүлээх күрэхтэһии түгэннэрин бэлэхтээтилэр. «Эр хоһуун — 2024» күрэхтэһии көрүҥнэрин аайы кыайыылаахтары быһааран, анал грамота, мэтээл, мүһэ уонна сыаналаах бириистэр туттарыллан , күрэхтэһиини өссө сытыырхатан биэрдэ. Бу күрэхтэһии спонсордарынан нэһилиэкпит ыччаттара, эр бэртэрэ бары бииргэ түмсэн сыаналаах бириистэри, мэтээллэри, мүһэ, үтэһэлээх эт олохтообуттара олус хайҕаллаах.
Күрэхтэһии көрүҥнэринэн түмүк маннык буолла:
Эстафета: I миэстэ – Иванов Константин, II миэстэ – Дьяконов Игорь, III миэстэ – Прибылых Василий
Үс төгүл үс: I миэстэ – Иванов Ким, II миэстэ – Кычкин Петр, III миэстэ – Попов Матвей
Бу көрүҥнэ кыайыылааҕынан тахсыбыт Ким Ивановка СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина, 2- с разрядтаах спортсмен, республикаҕа сүүрүүгэ орто дистанцияҕа хас да төгүллээх чемпион, 100 м. сүүрүүгэ сельхозтехникум чемпиона, элбэх оҕолоох амарах аҕа, эйэҕэс эһээ, төрөөбүтэ 80 сылын көрсө Дьяконов Андрей Михайлович сырдык кэриэһигэр аналлаах оҕолоро, сиэттэрэ олохтообут анал бириистэрэ туттарылынна.
Мас тардыһыы: I миэстэ – Винокуров Андрей, II миэстэ – Иванов Ким, III миэстэ – Иванов Константин
Ох саанан ытыы (15 м): I миэстэ — Дьяконов Игорь, II миэстэ — Винокуров Андрей, III миэстэ — Иванов Константин
Сүүрүү 400м.: I миэстэ – Попов Матвей, II миэстэ – Софронов Софрон, III миэстэ – Кычкин Петр
2 – с степеннээх «Ийэ килбиэнэ» орден хаһаайката, улууска, республикаҕа сүүрүүгэ кылгас уонна орто дистанцияҕа хас да төгүллээх чемпионката, оройуоннааҕы 1 – кы ступеннээх многоборье күрэхтэһиитин призера, элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбээтэ Дьяконова Матрена Николаевна сырдык кэриэһигэр аналлаах оҕолоро, сиэттэрэ олохтообут анал бириистэрэ туттарылынна.
Хапсаҕай: I миэстэ – Софронов Софрон, II миэстэ – Кычкин Айсен, III миэстэ – Иванов Константин
Таас көтөҕүү: I миэстэ – Иванов Константин, II миэстэ – Винокуров Андрей, III миэстэ – Софронов Софрон
«Эр хоһуун — 2024» үрдүк көрдөрүүлээх күрэхтэһии түмүгэ маннык буолла уонна муҥутуур кыайыылаах аатын ылары ситистилэр:
I миэстэ – Кычкин Петр, II миэстэ – Винокуров Андрей, III миэстэ – Иванов Константин
«Эр хоһуун — 2024» күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕар ватсап ситимигэр нэһилиэкпит ыччаттарын, эр бэртэрин бөлөҕө туруорбут сүрүн бириистэрин регул мотоциклы, призердарга сыаналаах бириистэри, анал кубоктары, грамоталары, мэтээллэри уруй – айхал, дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттардылар.
Үрүҥ тунах ыһыахпыт тэрээһинигэр күүс — көмө буолбут күрэхтэрбит, күрэхтэһиилэрбит бука бары спонсордарыгар, кыттааччыларбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Баҕарабыт тус бэйэҕитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр байылыат олоҕу, дьолу саргыны! Бу курдук мэлдьи түмсүүлээх буолуоҕуҥ!