Кулун тутар 7 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр сандал саас тиийэн кэлбитинэн, Аан дойду кэрэ аҥардарын күнүнэн, сааскы маҥнайгы бырааһынньык буолан ааста. Бу тэрээһини нэһилиэкпит эр дьонноро, ыччаттара эрдэттэн бэлэмнэнэн, түмсэн истиҥ иһирэх эҕэрдэлэри, көрдөөх – нардаах күрэҕи, ылбаҕай ырыалары, үҥкүү – битии кэрэ киэһэтин, соһуччу сүүйүүлээх дьоллоох түгэннэри, ону сэргэ бырааһынньыктааҕы фуршет остуолу бэлэх ууннулар.
Бырааһынньыктааҕы тэрээһини «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин аҕа баһылыга Александр Валерьевич Куприянов эҕэрдэ тылларынан саҕалаата, сааскы бырааһынньыгы көрсө үтүө үгэскэ кубулуйбут нэһилиэкпит үбүлүөйдээх саастарын туолбут кэрэ аҥаардарга: Андросова Александра Дмитриевнаҕа, Трифонова Валентина Eгоровнаҕа, Ноговицына Екатерина Иннокентьевнаҕа, Осипова Надежда Константиновнаҕа, Габышева Светлана Антоновнаҕа, Кычкина Лариса Федоровнаҕа, Кычкина Лариса Лаврентьевнаҕа эҕэрдэ суруктары, анал бэлиэлэри туттартаата.
Салгыы көрдөөх-нардаах түөлбэлэр икки ардыларыгар 5-тии киһилээх хамаанда кыттыылаах нэһилиэкпит кэрэ аҥардарыгар бэрт интириэһинэй биэс түһүмэхтээх күрэх тэриллэн ыытылынна. Ол курдук бастакы түһүмэх — сэппэрээтэри ыһыы- хомуйуу, иккис түһүмэх — кус үргээһинэ, үһүс түһүмэх — баттах өрөөһүнэ, төрдүс түһүмэх — күөрчэх ытыйыы, бэһис быһаарыылаах түһүмэх – боппуруостарга эппиэттээһин. Биэс түһүмэхтээх эриирдээх күрэх түмүгэ маннык буолла:
1 түһүмэх «Сэппэрээтэр ыһыы, хомуйуу»: 1-кы миэстэ – «Сүрэх тыа» түөлбэ, 2-с миэстэ – «Аартык» түөлбэ, 3-с миэстэ – оскуола коллективын хамаандата, 4-с миэстэ – «Нагорнай» түөлбэ, 5-с миэстэ – «Сайдыс» түөлбэ, 6-с миэстэ – «Лесной» түөлбэ.
2 түһүмэх «Кус үргээһинэ»: 1-кы миэстэ – «Сайдыс» түөлбэ, 2-с миэстэ – «Аартык» түөлбэ, 3-с миэстэ – «Лесной» түөлбэ, 4-с миэстэ – «Нагорнай» түөлбэ, 5-с миэстэ – оскуола коллективын хамаандата, 6-с миэстэ – «Сүрэх тыа» түөлбэ.
3 түһүмэх «Баттах өрүү»: 1-кы миэстэ – «Нагорнай» түөлбэ, 2-с миэстэ – «Сайдыс» түөлбэ, 3-с миэстэ – оскуола коллективын хамаандата, 4-с миэстэ – «Сүрэх тыа» түөлбэ, 5-с миэстэ – «Аартык» түөлбэ, 6-с миэстэ – «Лесной» түөлбэ.
4 түһүмэх «Күөрчэх ытыйыы»: 1-кы миэстэ – «Сайдыс» түөлбэ, 2-с миэстэ – «Нагорнай» түөлбэ, 3-с миэстэ – «Сүрэх тыа» түөлбэ, 4-с миэстэ – оскуола коллективын хамаандата, 5-с миэстэ –«Лесной» түөлбэ, 6-с миэстэ – «Аартык» түөлбэ.
5 түһүмэх «Боппуруостарга эппиэттээһин»: 1-кы миэстэ – «Аартык» түөлбэ, 2-с миэстэ – «Сайдыс» түөлбэ, 3-с миэстэ – «Нагорнай» түөлбэ, 4-с миэстэ – «Лесной» түөлбэ, 5-с миэстэ — «Сүрэх тыа» түөлбэ, 6-с миэстэ – оскуола коллективын хамаандата.
Уопсай түмүккэ: 3 бириистээх миэстэни ылары ситистэ – «Аартык» түөлбэ кэрэ аҥардарын хамаандата, (түөлбэ салайааччыта Стручкова Сардана Степановна).
2 бириистээх миэстэни ылары ситистилэр – «Нагорнай» түөлбэ кэрэ аҥардарын хамаандата, (түөлбэ салайааччыта Васильева Яна Яковлевна).
Күрэхпит муҥутуур кыайыылааҕын аатын ылары ситистилэр – «Сайдыс» түөлбэ кэрэ аҥардарын хамаандата, (түөлбэ салайааччыта Макарова Мария Ивановна).
Кыайыылаахтарга анал мэтээллэр, сэмэй бириистэр туттарылыннылар.
Бу киэһэ мустубут кэрэ аҥардарбытыгар анаммыт сэргэх эҕэрдэ нүөмэрдэри дуоһуйа көрдүбүт, быыһыгар ойон туран эдэрдиин, эмэнниин үҥкүүлээн, тэҥҥэ ыллаһан үөрдүбүт, көттүбүт:
Ылбаҕай ырыатын бэлэх уунна Иван Прибылых.
Бэйэтин музыкальнай эҕэрдэтин тириэртэ Андрей Стручков.
Кэрэ аҥардары эҕэрдэлээтилэр Гаврил Дьяконов, Вадим Шепелев, Евгений Дьяконов.
Бу дьоро киэһэни бэйэлэрин ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр «Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбыла, салайааччы Иван Прибылых.
Саалаҕа мустан олорор ийэлэргэ анаан эҕэрдэтин тириэртэ Христофор Рожин.
Сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан музыкальнай эҕэрдэтин анаата Егор Афанасьев.
Саамай күүтүүлээх түгэнинэн, хас биирдии кэрэ аҥарга босхо билиэтинэн сүүйүүлээх лоторея оонньуута буолла. Олус элбэх бириис оонньонно, ол курдук, олохтоох олох дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба коллектива олохтообут бирииһин «Сардаана» маҕаһыынҥа 7000 тыһыынча сууммалаах сертификаты сүүйдэ Осипова Надежда Константиновна, 4000 тыһыынча сууммалаах сертификааты сүүйдэ Кычкина Лариса Лаврентьевна, 3000 тыһыынча сууммалаах сертификааты сүүйдэ Мохначевская Христина Иннокентьевна.
Николай Кириллин олохтообут бирииһин «Сайдыы» маҕаһыынҥа 2000 тыһыынча суммалаах сертификаты Винокурова Любовь Васильевна, сахалыы симэҕи Осипова Надежда Михайловна, иһит наборун Цыпандина Людмила Николаевна сүүйэн ыллылар.
Игорь Бродников олохтообут бирииһин «Уруу» ювелирнай хампаанньаттан харысхаллары Прибылых Антонина Николаевна, Бродникова Нелли Николаевна уонна ытарҕаны Говорова Екатерина сүүйдүлэр.
Балыктаах – Төҥүлү маршрутунан босхо такси өҥөтүн спонсордаабыт Егор Чалкин, Семен Ноговицын сертификаттарын сүүйдүлэр Харитонова Марта Антоновна, Мохначевская Людмила Михайловна. Балыктаах – Дьокуускай маршрутунан босхо такси өҥөтүн Егор Трифонов, Сергей Харитонов, Сатал Бродников спонсордаабыт сертификаттарын сүүйдүлэр Ноговицына Мария Иннокентьевна, Ноговицына Евдокия Семеновна, Фадеева Рима Кимовна.
«Үс фермер» ыччаттарбыт Ньургун Габышев, Дьулус Говоров, Илья Мохначевскай олохтообут сибиэһэй сылгы, ынах этэ, буотарах, творог, хаан уонна да атын бородууксуйаттан набордары Осипова Марфа Николаевна, Шепелева Варвара Николаевна, Афанасьева Ирина Даниловна, Ноговицына Тамара Александровна, Свинобоева Лидия Васильевна, Стручкова Нюргуйаана Ивановна сүүйэн ыллылар.
Барабанов Михаил Русланович спонсордаабыт бирииһин хаптаҕас барыанньата, аджика наборун сүүйдэ – Фадеева Вера Михайловна, күрэххэ үргэниллибит кустары сүүйдэ Васильева Яна Яковлевна, уонна да атын араас бириистэр оонньонон үөрүү – көтүү үксээтэ.
«Ситим» нэһилиэкпит эр дьонун ватсаап бөлөҕө спонсордаабыт лоторея сүрүн бирииһин — 10 тыһыынча уу харчыны Мохначевская Наталья Ивановна талаан тарбаҕынан талан ылбыт билиэтэ сүүйэн, сүрүн бириис кыайыылааҕынан ааттанна.
Бу курдук Балыктаахха биһиэхэ маннык көрдөөх – нардаах, кэрэ киэһэлэр мэлдьитин буола турдуннар. Биллэн туран маннык үөрүүнү бэлэхтиир тэрээһин өттө түмсүүлээх, бары биир киһи курдук көмө — ньыма буоллахха эрэ кыаллар суол буоларын өйдүүбүт. Онон ыраахтан — чугастан кыалларынан күүс – көмө, спонсор буолбут нэһилиэкпит Эр бэрдэригэр махтанабыт, өссө да инникитин бу курдук бары бииргэ, түмсүүлээхтик нэһилиэкпит сайдарын туһугар иннибит диэки баран иһиэҕин!