Ыам ыйын 19 күнэ – Пионерия күнэ – үтүө үгэс буолан элбэх көлүөнэ ыччаты сыллата ахсын түмэр. Билигин, урукку курдук, хас оскуола ахсын оҕо тэрилтэлэригэр үөрүүлээх линейкалар, коммунарскай сбордар, станциянан оонньуулар, тимуровскай үлэлэр, костер, оҕо тэрилтэтин кэккэтигэр ылыы тэрээһиннэрэ ыытыллаллар, кэлиҥҥи сылларга быдан суолталанан, сөргүтүллэн эрэллэр. Бу – көлүөнэ икки ардыгар ситим уонна ытыктабыллаах сыһыан баарын туоһута!
Пионерия күнүнэн төлөннөөх эҕэрдэ!
Ханна баҕарар,
Туохха барытыгар
Бастаан иһээччини,
Суолу тэлээччини —
Пионер, пионер диэннэр
Бочуоттаан этээччилэр.
Оскуола олоҕор,
Билии кыһатыгар,
Кыра оҕо эрдэхтэн,
Эдэр пионер иитиллэн —
Ийэ дойду дьолун иһин
Инники баран иһиэҕиҥ!
Пионерия төрүттэммитэ 100 сылынан «Дьоллоох оҕо саас кэрэ өйдөбүлэ» — пионерия умнуллубат кэмнэрин өйдөөн — санаан ааһар хаартысканан видеоролигы сиһилии https://youtube.com/watch?v=2LUftgYFjQY&feature=share ссылканан киирэн көрүҥ! сэргээҥ!