«Оҕо баар буолан күн күлэр, оҕо баар буолан олох тупсар».

Олох тыллар үөрүүтэ –

Оҕо сиргэ түһүүтэ,

Олох кэрэ дорҕооно –

Оҕо саҥатын дуораана,

Орто дойду минньигэһэ –

Оҕо сытын алыба,

Олоҕу дьолунан толорор

Оҕо чэгиэн үөрүүтэ,

Олох кыра күнчээнэ.

Бэс ыйын 1 күнэ – норуоттар икки ардыларыгар бэлиэтэнэр бырааһынньык. Бу күнү бэлиэтиир туһунан дьахталлар норуоттар икки ардыларынааҕы демократическай федерацияларын анал сессиятыгар 1949 сыл сэтинньитигэр быһаарыы ылыллыбыта. Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнэ бастаан 1950 сыллаахтан ыытыллан саҕаламмыта.

Бэс ыйын 1 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр «Оҕо баар буолан күн күлэр, оҕо баар буолан олох тупсар» диэн оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах тэрээһин буолан ааста.  

Бу күн алаһа дьиэ сибэккилэригэр, көмүс чыычаахтарбытыгар — оҕолорбутугар анаан эҕэрдэ нүөмэрдэр, араас күрэхтэр, минньигэс астаах атыы-тутуу тэриллэн ыытылынна.

Балыктаахтааҕы «Звездочка» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ Амир Фадеев, Сардаана Харитонова, Дима Стручков, Василиса Сотникова уонна оҕо уһуйаанын выпускниктара ылбаҕай ырыаларынан, хомоҕой хоһооннорунан бырааһынньыкка мустубут көрөөччүлэргэ бэлэх ууннулар.

Маны таһынан эрдэ биллэриллибит күрэхтэргэ оҕолорбут кыттыыны ыллылар. Ол курдук «Сир симэҕэ» авангард муодатын күрэҕэр 1-кы бөлөххө, 1-4 саастарыгар диэри Гоголева Каролина, 2-с бөлөххө, 5-7 саастарыгар диэри Сотникова Василиса, Чалкина Нина, Ноговицына Айыына бириистээх миэстэҕэ тигистилэр.  

«Мин миинэр көлөм — велосипед» — оҕо бэйэтин анал велосипедын киэргэтии күрэҕэр Лукинова Алгыстаана кыайыылааҕынан тахсан үөрүүтэ үксээтэ.

5-7 кылаас үөрэнээччилэрин ортолоругар «Дьоллоох оҕо саас» темалаах уруһуй конкурсугар 1 миэстэ — Кристина Свинобоева, 2 миэстэ — Милена Михайлова, 3 миэстэ — Маша Гоголева буолан анал грамотанан, сэмэй бириистэринэн наҕараадаланнылар. Диана Макарова, Милена Мохначевская активнай кыттыыларын иһин сэмэй бэлэхтэри туттулар.   

Оҕо баар буолан күн күлэр,                 

Оҕо баар буолан сир симэнэр,

Оҕо баар буолан дьон дьоллонор,

Оҕо баар буолан олох салҕанар.

Оҕо көмүскэлин күнүнэн оҕолорбутун өссө төгүл эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт  дьоллоох оҕо сааһы, самаан сайыҥҥы уһун сынньалаҥҥа  дуоһуйа сынньанаргытыгар!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *