Сэтинньи 17 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр«Уруйдан, Улуу Олонхо, Манчаары дойдутугар!” диэн девизтээх Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытылла турар Олонхо ыйын чэрчитинэн олонхо истии киэһэтэ, ону сэргэ чугастыы сытар Дойдуунускай, Мөҥүрүөн уонна бэйэбит, Мэҥэ нэһилиэктэрин ыччаттарын хамаандаларын икки ардыгар өбүгэ оонньууларынан күрэхтэһии уонна Чыпчаал оһуохай тэриллэн ыытылынна.
Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай бөдөҥ көрүҥэ Олоҥхо буолар. Олоҥхо бэрт былыр сурук-бичик суох эрдэҕинэ үөскээбитэ. Аан дойду культуратын шедеврын быһыытынан үйэтитэри, харыстыыры, киэн эйгэҕэ таһаарары ирдиир ЮНЕСКО Олонхобутун 2006 сыллаахха аан дойду культуратын шедевринэн билиммитэ. Ол сыл Саха республикатын президенин Вячеслав Анатольевич Штыров уурааҕынан сэтинньи ый 25 кунэ — Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ.
Бу сылтан ылата Сахабыт Республикатыгар төрүт өбүгэбит саҕаттан ордон кэлбит, саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын, саамай урдук чыпчаала Улуу айымньыбытын Олонхону сөргүтүүгэ, харыстааһыҥҥа уонна тарҕатыыга үгүс үлэ тиһигин быспакка барар. Олоҥхоҕо биһиги өбүгэлэрбит, төрүттэрбит былыргы олох көстүүтүн уустаан-ураннаан кэпсээһиннэрэ ойууланар. Саха киһитэ оһоҕун иннигэр олордоҕуна – олоҥхоһут, оҕуһун мииннэҕинэ — ырыаһыт диэн мээнэҕэ эппэттэр. Олоҥхо истии киэһэтэ тэрээһиммит ыччаттарбытыгар Олоҥхо өбүгэбит сүрүн айымньыта буоларын тиэрдэр, өйдөтөр сыалтан, олоҥхо оһуор тылыгар, кылыһахтаах ырыатыгар – тойугар үөрэтиигэ, саҕалааччыларга күүс- көмө буолуо диэн бигэ эрэллээхпит. Улууспутугар бу ый устата «Уруйдан Улуу Олоҥхо, Манчаары дойдутугар!» — декада ыытылла турар. Олоҥхо ыйын чэрчитинэн ыытыллыбыт Олоҥхо истии киэһэтэ тэрээһиммит саргылаах сахабыт сиригэр өрдөөҕү үтүмэн үйэттэн иитиллэн кэлбит өбүгэлэрбит үтүө үгэстэринэн — саха фольклорун эҕэрдэ нүөмэрдэринэн саҕаланна:
Хомусчуттар бөлөхтөрүн толоруутугар Айсен Аммосов репертуарыттан «Дьөһөгөй» — салайааччы Дария Андросова
Чабырҕахтаан чаҕаардылар «Ай-Тыас» фольклорнай бөлөх. «Чаа Буо» – аныгылыы чабырҕах, салайааччы Дария Андросова.
Дойдуунускай нэһилиэгиттэн ыалдьыттарбыт толорууларыгар норуот ырыатынан попурри.
«Ай-Тыас» фольклорнай бөлөх. Норуот ырыатынан попурри “ Дьөһөгөй ”салайааччы Дария Андросова.
Тэрээһини «Олоҥхо оҕо хараҕынан» диэн темаҕа уус уран уруһуй быыстапкатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыыны ылан, ситэрэн – хоторон биэрдилэр.
«Татыйаас» норуот ырыатынан бэйэтин эҕэрдэтин тириэртэ Дария Андросова
Бу киэһэ ыҥырыылаах ыалдьыта – Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенин М. Е. Николаев аатынан премия стипендиата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх оһуохай этээччитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дархан оһуохай этээччитэ, Алгысчыт, эмчит Денис Оконешников «Дьорҕостой бэргэн» олоҥхоттон быһа тардыыны итэҕэтиилээхтик толорон көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыан ылла.
Саха дьоно былыр-былыргыттан иллэҥ кэмнэрин оонньоон-көрүлээн атааралларын сөбүлүүллэр. Кыһыммыт кылгас күннээх, уһун түүннээх буолан, күнү-дьылы кылгатаары, түүн хойукка диэри оонньуу арааһын тэрийэллэрэ. Ордук ыраахтан хоноһо кэлэн хонноҕуна, оһоххо сыалаах эт дыргыччы буһан, остуолга хоторулуннаҕына, ирэ-хоро кэпсэтэ-кэпсэтэ, аһаан-сиэн бүтэн баран, араас үһүйээннэри кэпсэтэн, өбүгэлэрин оонньууларын санаһар эбиттэр.
«Өбүгэ оонньуулара-2023» күрэхтэһии олус сэргэхтик, тыҥааһыннаахтык ыытылынна. Барыта 7 көрүҥҥэ ыалдьыт уонна олохтоох ыччаттар хамаанда туруоран илин – кэлин түһүстүлэр.
Күрэхтэһии судейскай коллегиятыгар үлэлээтилэр Мохначевскай Иван Егорович — «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыгын солбуйааччыта, Кычкин Павел Петрович – Балыктаах орто оскуолатын мас тардыһыыга тренерэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин мас тардыһыыга спордун маастара, мас тардыһыыга «Манчаары оонньууларын» уонна Россия чемпиона.
Күрэхтэһиини иилээн – саҕалаан ыытта Балыктаах орто оскуолатын физкультураҕа учуутала, мас тардыһыыга тренерэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическай культураҕа уонна спортка туйгуна , «Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыыга кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына, мас тардыһыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара Андрей Николаевич Винокуров.
Бииртэн биир интэриэһинэй киирсиилэр көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыахтарын ыллылар. Көрүҥнэринэн биирдиилээн бастыҥ көрдөрүүлэри ырытан көрдөххө :
Бастакы “Кырынаастааһын” көрүҥҥэ саамай бастыҥ көрдөрүүнү көрдөрдө 65 очколаах Щербак Андрей — Мөҥүрүөн нэһилиэгин хамаандатын кыттааччыта
Иккис « Ойбонтон уулааһын» көрүҥҥэ бэриллибит бириэмэҕэ элбэх араас үрдүктээх анал бэлиэлэри хомуйан бастыҥ көрдөрүүнү көрдөрдө Кривошапкин Евгений — Дойдуунускай нэһилиэгин хамаандатын кыттааччыта
Үһүс «Түү мээчиги быраҕыы» көрүҥҥэ саамай элбэхтэ таба быраҕан бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ Фадеев Дмитрий — Мэҥэ нэһилиэгин хамаандатын кыттааччыта
Төрдүс «Өһөс торбос » көрүҥҥэ бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ Кычкин Петр — Мөҥүрүөн нэһилиэгин хамаандатын кыттааччыта
Бэһис «Кириэс тэбии» көрүҥҥэ кириэс маһы таарыйбакка элбэхтэ оҥорон бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ Попов Михаил — Дойдуунускай нэһилиэгин хамаандатын кыттааччыта
Алтыс «Тутум маһы эргийии» көрүҥҥэ бэриллибит бириэмэҕэ саамай элбэхтэ оҥорон бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ Мордискин Николай — Мэҥэ нэһилиэгин хамаандатын кыттааччыта
Сэттис «Күлүүстэһии» көрүҥҥэ элбэх утарылаһааччытын бэйэтин кэннигэр баар сурааһыҥҥа тиэрдэн бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ Васильев Айтал — Мэҥэ нэһилиэгин хамаандатын кыттааччыта
Балаһыанньа быһыытынан түмүк хамаанданан таҕыста. Ол курдук көрүҥ аайы эриэ – дэхси түмүгү көрдөрөн 1 миэстэни ылары ситистэ Мэҥэ нэһилиэгин ыччаттарын хамаандата.
2 миэстэни ылары ситистэ Дойдуунускай нэһилиэгин ыччаттарын хамаандата.
3 миэстэзэ тигистэ Мөҥүрүөн нэһилиэгин ыччаттарын хамаандата.
Кыайыылаахтар анал мэтээллэринэн, грамоталарынан бэлиэтэннилэр.
Тэрээьин бары кыттыылаахтара оһуохай түһүлгэтигэр көхтөөхтүк кыттан, чыпчаал оһуохайы оройуттан туттулар. Оһуохайы таһаарда Денис Оконешников.
Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, ытыктабыллаах ыалдьыттарбыт,саха төрүт тыллаах олонхону уонна өбүгэлэрбит оонньууларын сэҥээрээччилэр, өбүгэлэрбит оонньообут оонньууларын өрүү илдьэ сылдьан, ыһыктыбакка оонньуохха. Доруобай буолуохха, үүнүөххэ, сайдыахха!
Тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыыны ылбыт Дьабыыл нэһилиэгин бастыҥ ыччатыгар Денис Оконешниковка, Дойдуунускай, Мөҥүрүөн нэһилиэктэрин ыччаттарыгар, кулууп үлэһиттэригэр, тэрээһиҥҥэ кыттыбыт бары дьоммутугар ,ыччаттарбытыгар махтал сылаас тылларын аныыбыт, мэлдьи да бу курдук активнай позициялаах буолан инники күөҥҥэ сылдьыҥ! Доруобай буолуҥ, үөрэ – көтө сылдьыҥ!