Муус устар 22 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр бэйэтин кэмигэр кыахтаахтык, тэнийэн үлэлээн ньиргитэн олорбут Максим Горькай аатынан совхоз Томтор, Тумул, Төҥүлү, Дьабыыл, Тарат, Балыктаах, Матта, Дойдуунускай отделениеларын култуура үлэһиттэрин спартакиадата буолан ааста.
Бу тэрээһин улууска ыытыллыахтаах култуура үлэһиттэрин спартакиадатыгар бэлэмнэнии быһыытынан хоту КМО сүүмэрдэммит хамаандатын талар сыаллаах тэрилиннэ. Барыта 46 култуура үлэһиттэрэ 4 хамаандаҕа арахсан волейбол, чэпчэки атлетика эстафетата, канат тардыһыыта уонна көрдөөх стартар көрүҥнэригэр илин-кэлин түсүһэн күрэхтэстилэр.
Күрэхтэһии олус көхтөөхтүк, сэргэхтик, тыҥааһыннаахтык, өрө көтөҕүүлээхтик ааста. Түмүгэр муус устар 29 күнүгэр буолаары турар улуустааҕы спартакиадаҕа сүүмэрдэммит хамаанда, ол иһигэр ууга харбааһын көрүҥҥэ толору састаап талылынна. Бүгүҥҥү күрэхтэһии бары көрүҥнэригэр миэстэлэспит спортсменнарга анал грамоталар, мэтээллэр туттарыллыбыттара тэрээһини өрө көтөҕөн, киэргэтэн биэрдэ.
Маны сэргэ түмсүбүччэ биир идэлээхтэр күүстээх күрэхтэһии кэнниттэн сылаас миин, шашлык амсайан, дэлэй астаах сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, үөрэн-көтөн, сынньанан, оонньоон-көрүлээн, үҥкүүлээн, сэргэхсийэн тарҕастылар.