«Мин дьолум – ылланар ырыабар»

Кыһыл көмүс күһүҥҥэ

Сайынныын арахсар

Биир дьикти түгэҥҥэ

Айылҕам иһийэр.

Оччоҕуна дууһабар

Туоххаһыйа долгуйа

Дойдубун ахтарым

Күннэтэ күүһүрэр.

Бу хас биирдиибит сүрэхпитигэр- быарбытыгар сөҥөн сылдьар тыллар,  «Аҕам алааһа» , «От сыта» , «Ой дуораана», «Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн» , «Ыһыах», «Ахтыма, доҕоруом, эн.миигин.» онтон да атын ырыалар, бу саха олоҕун олуктарын көрдөрөр дириҥ ис хоһоонноох ырыалар автордара, биһиги сүгүрүйэн туран саха алааһын иэйэхситэ диэн ааттыыр киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ Анастасия Николаевна Варламова сырдык аатын үйэтитэн, күн сирин көрбүтэ 75 үбүлүөйдээх кэмигэр анаан сэтинньи 22 күнүгэр олохтоох орто оскуола  5 -11 кылаастар үөрэнээччилэригэр кылаас чаастара тэриллэн ыытылыннылар:

6 кылаас «Анастасия Варламова туһунан билиһиннэрии»

7 кылаас «Мин дьолум ырыабар ылланар»

8 кылаас «Норуоттан тахсыбыт ырыаһыт»

9 кылаас «Анастасия Варламова – норуот таптыыр ырыаһыта»

10 кылаас «Анастасия Варламова — Саха дьоно ырыа куттаахпыт «

11 кылаас «Төннө туруоҕум алааспар»

 Кылаас аайы Анастасия Варламова туһунан бэрт элбэх интэриэһинэйи билэн, үлэлээн ааспыт үлэтин – хамнаһын сиһилии билсэн, кини ырыалара – олоҕу оһуордуулларын, ырыа олоҕу салгыырын, кини ырыалара – дьол, таптал кэрэһиттэрэ буолалларын, Анастасия Варламова айар үлэтэ, бастыҥ баҕа санаата барыта – дьоҥҥо туһуланарын истэн итэҕэйдилэр.

Анастасия Варламова ырыаларын кэм – кэрдии кэрэһитинэн ылынан дьон- сэргэ уостан түһэрбэккэ ыллыы сырыттыннар , эдьиий Настаа бэйэтэ эппит этиитинии «Өскөтүн биир эбит ырыам ыар санааны үрэйэн дууһаны чэпчэппит буоллаҕына – мин дьоллоохпун» .

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *