“Махтанабыт эһиэхэ, күн күбэй ийэлэр”

Алтынньы 15 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Ийэ күнүгэр аналлаах «Махтанабыт эһиэхэ,  Күн күбэй ийэлэр»  диэн бэлиэ эҕэрдэ түгэн буолан ааста.  Бу бэлиэ түгэҥҥэ ананан  туруоруллубут «Нэһилиэкпит тэрилтэлэрин салайааччыларын күн күбэй ийэлэрэ” диэн  экспозиция быыстапка туруоран, хас биирдии салайааччы күн күбэй ийэтин туһунан истинник, иһирэхтик билиһиннэрдэ.

Түгэнинэн туһанан үтүө үгэскэ кубулуйбут үбүлүөйнэй саастарын туолбут ытык-мааны дьоннорбутугар эҕэрдэлээн эҕэрдэ суруктары, анал сувенирдары туттарыы түгэнэ буолла.

Ийэ киһиэхэ саамай дьоло, күндүтэ төрөппүт оҕото этэҥҥэ сылдьара. Оҕо истиҥ сыһыана , сылаас тапталлара, махтал истиҥ тылларын аныыллара хас биирдии ийэни уйадыта долгутар. Бу дьоро түгэҥҥэ Күн күбэй ийэлэригэр Ийэ күнүнэн ыраахтан чугастан төрөппүт оҕолоро кэлэн, ис сүрэхтэн эҕэрдэлээн сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.

Истиҥ эҕэрдэлэри ырыанан тойугунан киэргэтэн биэрдилэр ыалдьыттар Дмитрий Мордискин, Екатерина Максимова, «Сайдыына» ырыа бөлөҕө.

Күндүттэн күндү дьоммут Күн-күбэй ийэлэрбит! Эһигини Ийэлэр күннэринэн өссө төгүл итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт эһиэхэ Сир үрдүгэр баар бары кэрэни, үчүгэйи, үлэҕитигэр ситиһиини! Ыарыы эһигинниин ыалласпатын, олоххут үөрүүнэн туоллун. Оҕолоргут тустарыгар ахсаабат кыһамньыгыт, сылаас тапталгыт, муударай сүбэҕит иһин барҕа махтал, уруй-айхал буоллун!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *