«Махтал, ытык көлүөнэ!»

Алтынньы 1 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр Аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах «Махтал, ытык көлүөнэ!» итии чэйдээх сандалы тула сынньалаҥ тэрээһин буолан ааста.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич эҕэрдэ тылын, үбүлүөйдээх саастарын туолбут ытык-мааны ветераннарга эҕэрдэ сурук, өйдөбүнньүк бэлиэ туттартаата:

Дойдубут президена Владимир Путин 2024 сылы Россияҕа «Дьиэ кэргэн» сыла биллэрэн, дойду үрдүнэн үлэ-хамнас дьиэ кэргэн статуһа бөҕөргүүрүгэр хайысхаланар. Нэһилиэкпитигэр эн-мин дэһэн, тыл тылгытын ытыктаһан, сүбэ-ама, ил-эйэ эҥэрдэһэн, сарын сарыннарыттан өйөнсөн, тоҥолох тоҥолохторуттан тутуһан, күн бүгүн 50 көмүс сылтан үөһэ бииргэ олорор, холобур оҥостор ытык-мааны ыалларбытыгар Россияҕа дьиэ кэргэн сылынан, аан дойдутааҕы аҕам саастаахтар күннэринэн Анисия Даниловна, Иннокентий Дмитриевич Скрябиннар, Татьяна Васильевна Дьяконова, Роман Иннокентьевич Гоголев, Антонина Сергеевна, Валентин Семенович Кычкиннар дьиэ кэргэҥҥэ нэһилиэк баһылыга эҕэрдэ суругун, сэмэй бэлэҕин туттартаата:

Эҕэрдэ сурук, анал бэлиэ туттарылынна —  85 ытык сааһын  туолбут ытык-мааны ветераммытыгар, үлэ ветераныгар, элбэх оҕо тапталлаах күн күбэй ийэтигэр, элбэх сиэн, хос сиэн эйэҕэс эбээтигэр Ноговицына Елена Васильевнаҕа.

Эҕэрдэ сурук, анал сувенирдар туттарылыннылар 75 үбүлүөйдээх саастарын туолбут ытык-мааны ветераннарбытыгар:

—        Прибылых Марина Семеновнаҕа — педагогическай үлэ ветерана, «Иэйии кытыла» айар түмсүү чилиэнэ, «Мэҥэ Хаҥалас улууһун лидер дьахтара», «Чөл олох пропагандиһа» номинациялар хаһаайката, элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ. 

—        Мохначевская Анастасия Егоровнаҕа — үлэ ветерана, Балыктаахтааҕы участковай балыыһа үлэһиттэрин үҥкүү коллективын салайааччыта, сыана ветерана, «Саха Республикатын норуотун айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката.

Эҕэрдэ сурук, анал сувенирдар туттарылыннылар 70 саастарыгар үктэммит ытык-мааны дьоһун дьоммутугар:

 —       Мохначевский Иван Ивановичка – «Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга тыа хаһаайыстыбата сайдарын туһугар эҥкилэ суох үлэлээбит чемпион дояр, спорт эйгэтигэр нэһилиэгин чиэһин мас тардыһыыга, гиревой спортка элбэхтик көмүскээбит, элбэх оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн, хос сиэн эйэҕэс эһээтэ.

—        Скрябина Маргарита Ивановнаҕа – үлэ ветерана, «Хаххах» тыа хаһаайыстыбатын өҥөнү оҥорор потребительскай кооператив салайааччыта, Саха Республикатын тыа хаһаайыстыбатын ветерана, Бүтүн Россиятааҕы тыа хаһаайыстыбатын биэрэбиһин ыытыыга үлэтин иһин мэтээл, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын 100 сылынан юбилейнай знак хаһаайката, элбэх оҕо тапталлаах күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн эйэҕэс эбээтэ.

—        Шарин Иван Николаевичка – үлэ ветерана, «Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга үгүс сылларга, үтүө суобастаахтык токарынан үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор нэһилиэкпит биир ытык – мааны  бэтэрээнэ,  амарах аҕа, элбэх сиэн эйэҕэс эһээтэ.

Эҕэрдэ сурук, анал сувенирдар туттарылыннылар 65 саастарыгар үктэммит убаастабыллаах, ытык-мааны дьоммутугар:

—        Захарова Анна Гаврильевнаҕа — үлэ ветерана, сыана ветерана, нэһилиэк уус- уран самодеятельноһын актыыбынай кыттыылааҕа, «Мүчүк» фольклорнай, «Талба» үҥкүү ансаамбылларын солбуллубат чилиэнэ, күн күбэй ийэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ.

—        Кычкин Александр Егоровичка – «Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга үгүс сылларга, үтүө суобастаахтык үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор нэһилиэкпит биир ытык – мааны  бэтэрээнэ, амарах аҕа, эйэҕэс эһээ.

Эҕэрдэ сурук, анал сувенирдар туттарылыннылар 60 саастарыгар үктэммит юбилярдарбытыгар:

—        Шишигина Людмила Егоровнаҕа – үлэ ветерана, үрдүк категориялаах воспитатель, Республиканскай «Уран тыл» литературнай бөлөх чилиэнэ,  «Үрдэл 2022» национальнай музыкальнай бириэмийэ 10 бастыҥ ырыа конкурсун биир кыайыылааҕа, элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ. 

—        Стручков Олег Васильевичка – үлэ ветерана, «Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга үгүс сылларга, үтүө суобастаахтык суоппарынан үлэлээбит, спорт эйгэтигэр нэһилиэк чиэһин үгүстүк көмүскээбит ветеран спортсмен, элбэх оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн эйэҕэс эһээтэ.

—        Барабанова Анастасия Михайловнаҕа – педагогическай үлэ ветерана, Михаил Прокопьевич Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын алын кылаас учуутала, элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбээтэ.

—        Владимирова Александра Николаевнаҕа –  үлэ ветерана, элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн тапталлаах эбээтэ. 

—        Ноговицын Егор Дмитриевичка – тыа хаһаайыстыбатыгар, олохтоох  олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтигэр эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор нэһилиэкпит биир ытык – мааны  ветерана.

—        Андросова Анастасия Гаврильевнаҕа — үлэ ветерана, «Максим Горькай», «Мэҥэ» совхозтарга үгүс сылларга, үтүө суобастаахтык үлэлээбит, «Хаххах» коопертив солбуллубат үлэһитэ, элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ.

Бэлиэ күннэринэн юбилярдарбытын уонна аҕам саастаахтар күннэринэн эҕэрдэлээн ытык-мааны дьоннорбут күүстэринэн «Сааһырыы эмиэ кэрэлээх» диэн эҕэрдэ кэнсиэр тэрээһин үөрүүлээх чааһын ситэрэн, киэргэтэн биэрдэ.

СР культуратын туйгуна, тойуксут олоҥхоһут, алгысчыт, культура эстафетатын лауреата, Бүтүн Союзтааҕы фольклор көрүүтүн лауреата, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, «Мэҥэ нэһилиэгин» бочуоттаах гражданина, сэрии сылын оҕото Афанасий Никифорович Протодьяконов толоруутугар «Манчаары туһунан тойук».

«Доруобуйа»  түмсүү толоруутугар көҥүл дьарык  (салайааччы Ноговицына Марфа Иннокентьевна).

«Дьоро киэһэ» ырыаны бэлэх уунна сыана бэтэрээнэ, нэһилиэкпит киэн туттар, тарбаҕар талааннаах норуот маастара Роман Иннокентьевич Гоголев.

Дмитрий Наумов анал бирииһин хаһаайката, улуустааҕы «Таммахтар» литературнай холбоһук чилиэнэ, Мэҥэ-Хаҥалас, Мэҥэ нэһилиэгин  бочуоттаах олохтооҕо, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Скрябина Анисия Даниловна толоруутугар чабырҕах «Тобуруокаптыын сайдыахха».

«Эрэл» түмсүү үҥкүүһүттэрин толоруутугар  «Саламалаах үҥкүү» (салайааччы Парасковья Бродникова, үҥкүүнү туруорда Сардана Стручкова).

«Уус-уран самодеятельность сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, сыана бэтэрээнэ Антонина Прибылых толоруутугар Степан Дадаскинов тылыгар, Аркадий Алексеев мелодиятыгар «Мин хотугу тиитим».

«Деревенька моя» ырыаны бэлэх уунна  сыана бэтэрээнэ, араас таһымнаах вокальнай конкурстар кыайыылааҕа, култуура эстафетатын хас да төгүллээх дипломана, лауреата Татьяна Васильевна Дьяконова. 

Республиканскай инбэлииттэр фестивалын хас да төгүллээх лауреата, «Сулустаах  эстафета» ветераннар фестивалларын дипломана, лауреата Татьяна Цыденжапова толоруутугар «Дьүрүһүй, сахам хомуһа».

«Доруобуйа» түмсүү үҥкүүһүттэрин толоруутугар «Кырдьыбат вальс»  (үҥкүүнү туруорда Надежда Федоровна Рожина).

Павел Габышев тылыгар, Галина Шахурдина мелодиятыгар «Балыктаах киэһэтэ» ырыанан кэнсиэри киэргэттэ сыана бэтэрээнэ, «Уус-уран самодеятельность сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына Вера Михайловна Фадеева.

Алексей Егоров репертуарыттан «Эн хаарга сардаана үүннэрдин» ырыаны бэлэх уунна СР электроэнергия эйгэтин Бочуоттаах үлэһитэ, сыана  бэтэрээнэ Петр Никитин.

«Талба» ветеран үҥкүүһүттэрин ансаамбылын толоруутугар «Дэйбиирдээх үҥкүү», салайааччы Сардана Стручкова.

Кэнсиэри бары кыттааччылар, бары көрөөччүлэр сыанаҕа күргүөмүнэн тахсан, Аркадий Алексеев тылыгар уонна мелодиятыгар «Аан дойду ыччатын сүрэҕэ» ырыаны хорунан толоруулара бары кыттааччылар сүргэлэрин көтөхтө.

«Сааһырыы эмиэ кэрэлээх» эҕэрдэ кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытта Антонина Прибылых.

Бырааһынньыктааҕы минньигэс астаах сандалы тула олорон, ирэ-хоро кэпсэтэн, бэйэлэрин алгыс тылларын, эҕэрдэлэрин, музыкальнай ырыаларын тириэртилэр:

«Звездочка» оҕо уһуйаанын коллективын аатыттан Стручкова С.В. педагогическай үлэ ветеранын Прибылых Марина Семеновнаны 75 сааһын туолбут үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ.

 Бу дьоро күҥҥэ кэлбит ыалдьыттар тэриллэн ыытыллыбыт араас оонньууларга көхтөөхтүк кыттан сэргэхсийдилэр:

Урукку кэминээҕи музыканан, ону сэргэ аныгы ырыаларга доҕуһуоллатан үҥкүүлээн, ирэ-хоро кэпсэтэн, астына сынньаннылар:

Бу курдук «Махтал, ытык көлүөнэ!» тэрээһиммит бэрт сэргэхтик ааста. Түгэнинэн туһанан, минньигэс тотоойу соккуойунан күндүлээбит М.П.Габышев аатынан орто оскуола коллективыгар (директор Иванов Е.Н.) уонна бэйэтэ өлгөмнүк үүннэрбит минньигэс арбуһунан күндүлээбит Дьяконова Е.В. сылаас махтал тылларын аныыбыт.

Ытык-мааны ветераннарбыт, күн-дьыл өксүөнүн билиммэккэ, эдэрдии эрчиминэн, сэргэхтик туттан-хаптан, чугас дьоҥҥут, оҕолоргут, сиэттэргит сылаас тапталларынан кынаттаныҥ, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьыҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *