Саха омукка былыр былыргыттан күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн — диэн өс хоһооно мээнэҕэ этиллибэтэҕэ буолуо. Кылгас сайын устата саха дьоно от оттоон, сир астаан, от-мас хомунан уһун кыһыны этэҥҥэ кыстыырга тэринэн, үлэтин үмүрүтэн, элбэх хаһаастаах, оттоох-мастаах көмүс күһүнү үөрэ-көтө көрсөр. Балаҕан ыйын 17 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр «Көмүс күһүн бэлэхтэрэ» — сылын ахсын ыытыллар быыстапка-дьаарбаҥка тэрээһин буолан ааста.
Быйылгы быыстапка-дьаарбаҥкаҕа түөлбэлэр икки ардыларыгар «Быйаҥнаах тэлгэһэ — 2022» түөлбэнэн ыаллар быйылгы оҕуруот үүнүүтүнэн оҥорбут анал муннук (фотозона) күрэҕэ тэрилиннэ. Түөлбэлэр бэрт кылгас бириэмэ иһигэр бэлэмнэнэн, хомуллан, мустаннар сэргэх, солун анал муннуктарын бэлэмнээн дьүүллүүр сүбэҕэ көрдөрдүлэр.
Түмүккэ:
3 миэстэ — «Сайдыс» түөлбэ («Сайдыс» түөлбэ аатыттан кыттыыны ылла Семенова Мария Матвеевна)
2 миэстэ — «Аартык» түөлбэ (сал.Стручкова Сардана Степановна)
1 миэстэ — «Лесной» түөлбэ (сал.Мордискина Антонина Николаевна) кыайыылаах тахсаннар анал грамотанан, сертификатынан наҕараадаланнылар.
Ону таһынан түөлбэ аайыттан «Бастыҥ оҕуруотчут — 2022» анал аатынан бэлиэтэннилэр:
Габышева Светлана Антонова («Аартык» түөлбэ)
Габышева Марфа Николаевна («Сүрэх тыа» түөлбэ)
Захарова Анна Гаврильевна («Лесной» түөлбэ)
Чукрова Дария Григорьевна («Сайдыс» түөлбэ)
Нэһилиэкпитигэр Ыччат, Өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ сылыгар туһуланар эдэр ийэлэрбит икки ардыларыгар күһүҥҥү айылҕа матырыйаалыттан авангарднай муода күрэҕин түмүгэ:
1 миэстэ — Алена Желобцова
2 миэстэ — Тамара Ноговицына
3 миэстэ — Нарыйа Докторова
Активнай кыттыыларын иһин бэлиэтэннилэр: Дария Андросова, Татьяна Иванова.
Быйылгы быыстапка-дьаарбаҥкаҕа бурдук ас арааһын астаан, сайын устата түбүгүрэн үүннэрбит оҕуруоттарын аһыттан, бэйэ илиинэн тигиллибит оҥорбут оҥоһуктарын, таҥас арааһын бу кун атыыга таһааран эбии дохуот киллэриннилэр: Надежда Федоровна Рожина, Саргылаана Романовна Степанова, Анна Гаврильевна Захарова, Айталина Яновна Егорова.
Бу күн саамай элбэх дохуоту киллэрбит Анна Гаврильевна, Михаил Ларионович Захаровтар дьиэ кэргэн анал бирииһинэн бэлиэтэннилэр.
Үтүө үгэскэ кубулуйбут оҕуруот өлгөм үүнүүтүттэн нэһилиэкпит тыыл ветераннарыгар, сэрии сылын оҕолоругар анаан тэриллибит «Полка добра» акцияҕа тэрээһин кыттыылаахтара үөрэ-көтө көхтөөхтүк кыһыҥҥы хаһаастарыттан утары ууннулар.
Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, «Көмүс күһүн бэлэхтэрэ» быыстапка-дьаарбаҥка тэрээһинигэр кэлэн активнайдык кыттыбыккытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!