«Күргүөмүнэн субуотунньук»

Алтынньы 20 күнүгэр, сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйбут, күргүөмүнэн нэһилиэкпитигэр муус ылыы, тута дьиэҕэ тиэрдии субуотунньуга буолан ааста.

Субуотунньукка нэһилиэкпит тэрилтэлэрин: оскуола, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба, олохтоох дьаһалта эр дьонноро, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна биирдиилээн нэһилиэк олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар. Субуотуннук түмүгүнэн, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, ытык-мааны бэтэрээннэрбитигэр, биирдиилээн ыалларга, эдэр специалистарга, уопсайа 44 ыалга муус ылыллан, тутатына дьиэлэрин таһыгар тиэрдилиннэ.

Нэһилиэкпит үлэни өрө туппут эр дьонугар, ыччаттарбытыгар, тырахтарыыс уолаттарбытыгар, субуотунньукка кыттыыны ылбыккытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары чэгиэн, доруобай буолуҥ, уйгулаах олохтонуҥ. Бу курдук, нэһилиэкпит дьоно бука бары түмсүүлээх буолуоҕуҥ, үүнэ-сайда туруоҕуҥ, иннибит диэки эрэллээхтик хардыылаан иһиэҕиҥ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

➤