Кыайыы 78 сылынан өйдөбүнньүк чүмэчи.

Ыам ыйын 9 күнүгэр, Кыайыы скверыгар бүгүҥҥү дьоллоох, эйэлээх олохпутун аҕалсыбыт, уһансыбыт биир дойдулаахтарбыт, буойун убайдарбыт, аҕаларбыт, эһэлэрбит, хос эһэлэрбит сырдык ааттарын кэриэстээн, ахтан санаан өйдөбүнньүк чүмэчи тэрээһинэ буолан ааста.

Өйдөбүнньүк чүмэчи тэрээһинэ нэһилиэкпит олохтоохторо мустан дойдубут, норуоппут көҥүлүн уонна тутулуга суох буолуутун иһин олохторун толук уурбут биир дойдулаахтарбыт сырдык мөссүөннэрин, умнуллубат ааттарын, туолбатах сырдык ыраларын кэриэстээн биир мүнүүтэлээх ытык тохтобулунан саҕаланна.

Хас биирдии нэһилиэк олохтооҕо Аҕа дойду улуу сэриитигэр хорсуннук Ийэ дойдуларын көмүскээбит биир дойдулаахтарбыт үтүө ааттара өлбөөдүйбэтин, хорсун быһыылара умнуллубатын туһугар өйдөбүнньүк чүмэчи уурдулар.

Олохтоох култуура дьиэтин коллективын толоруутугар уус-уран ааҕыы «Кыайыы күнэ».

Кыайыы 78 сылынан эҕэрдэтин тириэртэ үлэ ветерана Егор Семенович Мохначевскай.

Бу курдук күргүөмүнэн түмсэммит кыргыһыы толоонугар сырдык тыыннарын толук уурбут, ону сэргэ сэрииттэн эргиллэн, эйэлээх олоҕу олорон ааспыт ытык-мааны ветеран дьоммутун өйдөөн-санаан кэриэстэбил киэһэтин оҥордубут.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *