Бастакы кыттааччы: Ноговицына Наталья Гаврильевна кус этиттэн араас бүлүүдэлэрэ.
1. Кус төбөтүттэн, көхсүн уҥуоҕуттан буһарыллыбыт хортуоппуйдаах, хойуу сэлиэйдээх миин.
2. Кус этиттэн кырбаныллыбыт, кыра уулаах мас арыытыгар ыһаарыламмыт перецтээх бысталаммыт грушанан, репчатай луугунан киэргэтиллибит соккуой.
3. Луковай пельмен рецеба: Кус түөһүн этин, буутун арааран бэйэтин моркуобу кытта кырбаан ыһаарылыыгын, кыра кыратык уу кутан куһун этэ сымныар диэри өр оргутаҕын. Ол бириэмэҕэ 1 устуука сымыыт, 1 ст. луоска мас арыыта, 1 ыстакаан бурдук, кыра кыратык итии уу кутан тиэстэ мэһийэбит. Тиэстэтэ илиигэр сыстыбат буолуор диэри мэһийэҕин уонна туруора түһэҕин. Репчатай луугу кырбаан, туустаан, перецтээн бэлэмниибит. Тиэстэни чараас гына тэнитэн баран луугу тарҕатан кутаҕын уонна эрийэн рулет курдук суулаан баран кырбыыгын. Кус түөһэ буһа турар бульонугар уу эбэн рулеттары уган эбии 30 мүн. буһараҕын.
4. Кус иһиттэн кыра гына кырбаныллыбыт, чеснок, моркуоп, атын эбии тума буккуллубут ыһаары.
Иккис кыттааччы: Скрябина Анисия Даниловна кустан буһарбыт бүлүүдэтэ.
Луугунан, эйэ холуубунан киэргэтиллибит духовкаҕа буспут кус.
Күөх сайыны көрсөр ньукуолун күнүгэр дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр сыаллаах кустан араас бүлүүдэлэри астаан, рецептарын ыыппыккытыгар ис сүрэхтэн махтанабыт. Баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, мэлдьи бу курдук активнай позициялаах буолан, инники күөҥҥэ сылдьыҥ.