“Комсомол күнүн көрсө субуотунньук”

Алтынньы 29 күнүгэр, комсомол күнүн көрсө нэһилиэкпитигэр күргүөмүнэн субуотунньук буолан ааста. Субуотунньукка нэһилиэкпит “Вода” массыыната кыһын устата сүүрэригэр, кыстыыр гараһыгар анаан оттук мас бэлэмнээһиҥҥэ, тиэйэн киллэриигэ оскуолаттан, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбаттан, олохтоох дьаһалтаттан эр дьоннор уонна олохтоох култуура дьиэтин коллектива кыттыыны ыллылар.

Субуотунньук кыттааччылара, урукку кэминээҕи комсомол ыччаттарын курдук, эрчимнээхтик, оттук маһы чөмөхтөөн, эрбэтэн, тэлиэгэҕэ тиэйэн, көхтөөхтүк үлэлэстилэр.

Нэһилиэкпит олоҕор-дьаһаҕар, сайдыытыгар куруук күүс-көмө буолар М.П. Габышев аатынан орто оскуола, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба, олохтоох дьаһалта коллективтарыгар уонна кыттыбыт ыччаттарбытыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит! Үлэҕит үтүөтэ үгүс дьону үөртүн, үтүө дьыалаҕыт үйэлэннин! Инникитин да, бу курдук түмсүүлээх, биир санаанан салайтаран, биир сомоҕо буолан, үтүө дьыалалары тэрийэ, кыттыһа туруоҕуҥ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

➤