Комсомол күнүгэр аналлаах «Туох? Хаһан ? Ханна?» күрэх

Алтынньы 29 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр нэһилиэкпит араас сыллардааҕы комсомолецтарын кыттыылаах хамаандалар икки ардыларыгар “Туох? Хаһан?Ханна?”олоххо көхтөөх буолуу күрэҕэ буолан ааста.

Ыччаты биир сыалга-сорукка түмэн, үлэни-хамнаһы дойду сайдыытыгар туһулаабыт комсомол тэрилтэтэ, бэйэтин кэмигэр, чахчы даҕаны, олус улахан суолталааҕа. Комсомол иҥэрбит үйэлээх сыаннастарын – төрөөбүт дойдуга тапталы, ытык иэһи, үлэһит буолууну, киһилии истиҥ сыһыаны, бэриниилээх буолууну бэйэлэрин дууһаларыгар, өйдөрүгэр – санааларыгар илдьэ сылдьар комсомол ииппит дьоно күн да бүгүн ыччат дьоҥҥо бэйэҕит олоххутунан өрүү бастыҥ холобур буола сылдьаҕыт.

Мустубут бары комсомолецтарга музыкальнай эҕэрдэтин А.Пахмутова музыкатыгар “ песня о тревожной молодости” ырыанан тириэртэ биир бастыҥ комсомолец Стручкова Сардана Степановна

Эһиги айымньылаах үлэҕэ күүскүтүн холбоотоххут, Сахабыт сирин сайдар суолугар кылааккытын киллэрдэххит, ыарахантан чаҕыйбакка, үлэттэн куоппакка олох хардыытынан дойдугут сайдарыгар күүскүтүн уурбуккут, санааҕытын холбообуккут сыаналанан үлэһит үтүөлэрэ буолан дьон махталын ыллаххыт.

      Олус ураты долгутуулаах күҥҥэ  5 хамаанда хомуллан, илин-кэлин түсүһэн, ыллаан-туойан  «Туох? Хаьан? Ханна?»  күрэххэ оонньоон эдэр саастарын ахтан- санаан аастылар.

Күрэхтэһээччилэр ох курдук оҥостон кэлэн, хамаанда бары аат булунан, олус көхтөөхтүк күрэх бары түһүмэхтэрин аастылар.

  Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр араас сыллааҕы көхтөөх комсомолецтар:

Олохтоох культура дьиэтин директора Любовь Васильевна, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, культура эйгэтин ветерана Анисия Даниловна Скрябина, олохтоох ветучасток сэбиэдиссэйэ Лариса Лаврентьевна Кычкина.

Күрэх бастакы түһүмэҕэр — хамаандалар комсомол кэминээҕи ырыалары талан ылан, тутатына ньиргиччи ыллыырга күрэхтэстилэр. Хас биирдии хамаанда 3 түү ырыаны бары бииргэ толорон, оччотооҕу комсомол кэмнэрин санаан сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.

Күрэхпит иккис түһүмэҕэр — күүрээннээх комсомол кэмнэригэр үгүс элбэх мунньахтар субуотунньуктар, ячейкалар, интэриэһинэй көрсүһүүлэр ыытыллалларын санаан туран,  анаммыт бириэмэҕэ стенгазета таһаарыыга илин – кэлин түһүстүлэр. Хамаандалар бары да эдэр саастарыгар хаһыат оҥорор кэмнэрин олус күндүтүк саныы-саныы бэртээхэй хаһыаттары айан- оҥорон таһаардылар.

Күрэхпит үһүс түһүмэҕэр — ол үтүө түгэни үйэтитэр сыаллаах, комсомол историятыттан быһа тардан, ахтан-санаан боппуруостарынан викторина ыытылынна. Викторина, бары кыттааччылар киэҥ билиилээхтэрин көрдөрөн, олус сытыы киирсиилээхтик ааста.

Күрэхпит төрдүс түһүмэҕэр — хамаандалар эдэр сылдьан кулуупка ыытыллар танцыларга араас маассабай оонньуулары оонньуур кэмнэрин санаан, көрөөччүлэргэ анаан маассабай оонньуу арааһын тутатына толкуйдаан, тэрийэн, оччотооҕу ыччаттар кырдьык даҕаны олус көхтөөхтөрүн, бэһиэлэйдэрин, түмсүүлээхтэрин дакаастаатылар.

Маассабай оонньууларга штрафной ылбыт комсомолецтар музыкальнай нүөмэрдэри толордулар.

Күрэхпит бэһис түһүмэҕэр — бэриллибит бириэмэҕэ сатабылларын көрдөрөр сыаллаах тиийэн кэлиэхтээх саҥа дьыл бырааһынньыгар мааны харыйабытыгар анаан цепочка оҥоруутугар илин- кэлин түһүстүлэр. Бу киэһэ түмсүбүт комсомолецтар бары хамаанда туһа диэн көмөлөөн, биир киһи курдук, киһи хараҕын сымнатар цепочкалары оҥорон таһаардылар.

“Туох? Хаһан? Ханна?”нэһилиэкпит араас сыллардааҕы комсомолецтарын кыттыылаах хамаандалар икки ардыларыгар ыытыллыбыт олоххо көхтөөх буолуу күрэҕин кыайа – хото, иилээн – саҕалаан ыытта Петр Дохунаев.

Күрэхпит түмүгэ маннык буолла:

Бары хамаандалартан инники тахсан, маҥнайгы миэстэни ылары ситистэ  70  очколаах «Ровесники» хамаанда.

Иккис миэстэҕэ эрэллээхтик таҕыста 68 очколаах «Добровольцы» хамаанда.

Үһүс бириистээх миэстэни эрэллээхтик ылары ситистилэр 66 очколаах «Эрчим» хамаанда.

Көхтөөх кыттыыларын ( 4 миэстэ) иһин анал грамоталарынан, минньигэс тордунан бэлиэтэннилэр 58 очколаах “Төлөннөөх сүрэхтэр” хамаанда.

Ону сэргэ көхтөөх кыттыыларын иһин анал грамоталарынан, минньигэс сакалаатынан бэлиэтэннилэр 57 очколаах ”Старая гвардия” хамаанда.

Кыайыылаах хамаандалары эҕэрдэлээн туран, анал грамоталар, комсомол күнүнэн эҕэрдэлээх минньигэс тортар туттарылыннылар.

Тэрээһин бары кыттыылаахтара — араас сыллардааҕы комсомолецтар, көрөөччүлэр түмүктүүр чааска бары сыанаҕа тахсан, биир киһи курдук “ Комсомол – мин дьолум” ырыаны хорунан ньиргиччи толорбуттара хас биирдии киһи сүргэтин көтөҕүөн көтөхтө.  Убаастабыллаах Комсомол ветераннара, бука барыгытыгар көхтөөхтүк  кэлэн күрэхтэспиккитигэр, тэрээһиммитин интэриэһиргээн кэлэн эдэр саас эрчимнээх, хаһан да умнуллубат кэрчик кэмин ахтан – санаан ааспыккытыгар   махтал сылаас тылларын аныыбыт.

Баҕарабыт энчирээбэт эрчими, уҕараабат уйгуну. Төлөннөөх сүрэххит кырдьары билиммэккэ, өрүүтүн сырдыгынан сыдьаайа, үлэни көҕүлүү, сайдыыга ыҥыра сырыттын  диэн баҕа санаабыт бастыҥын тиэрдэбит.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *