Алтынньы 17 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр, Саха сиригэр ийэ күнүн көрсө, күн күбэй ийэлэргэ аналлаах «Ийэ истиҥ мичээрэ» эҕэрдэ тэрээһин буолан ааста.

Күндү ийэлэрбитигэр эҕэрдэ тылы, истиҥ баҕа санаатын «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыгын солбуйааччы Мохначевскай Иван Егорович тириэртэ.

Ийэ… Туох баар үтүө, сырдык, ыраас бу тылга түмүллүбүт. Сир үрдүгэр ийэттэн күндү, ийэттэн чугас ким да суох. Кини таптала – уостубат күүс, кини мичээрэ — олохпутун сырдатар күн. Бүгүн ийэлэрибитигэр махтал бэлиэтинэн, кинилэр сыралаах улэлэрин, иитэр-үөрэтэр үтүөлэрин сыаналаан, түөлбэлэрбит ийэлэрин, төрөппүт оҕолоро сырдык мичээри, эйэни уонна дьолу кэрэһэлиир дьоллоох түгэни бэлэхтээн, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттарыллыы тэрилиннэ.
«Аартык», «Нагорнай», «Лесной», «Сайдыс», «Сүрэх тыа» түөлбэлэр ийэлэригэр оҕолорун истиҥ махталларын уонна тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттарыы сүрдээх долгутуулаахтык ааста.

«Нагорнай» түөлбэ күн күбэй ийэлэрэ

«Аартык» түөлбэ күн күбэй ийэлэрэ

«Лесной» түөлбэ күн күбэй ийэлэрэ

«Сайдыс» түөлбэ күн күбэй ийэлэрэ

«Сүрэх тыа» түөлбэ күн күбэй ийэлэрэ
Салгыы күн күбэй ийэлэргэ анаан бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэр тэрилиннэ. Кэнсиэри музыкальнай нүөмэрдэринэн: Михаил Прокопьевич Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын маҥнайгы кылааһын үөрэнээччилэрэ, кинилэр күндү ийэлэрэ толоруутугар «Сир симэхтэрэ» үҥкүүнэн,



«Саха кыыһа» ырыанан Рима Фадеева,

«Ыллыкчаан» оҕо көрдөрүүлээх үҥкүү ансаамбыла улахан бөлөх иитиллээччилэрин толорууларыгар «Сахам кыыһа» үҥкүүнэн (салайааччы Саина Румянцева),



6 кылаас үөрэнээччилэрин толорууларыгар «Эйэ, дьол иһин» уонна “Оскуолам биһигэ” ырыаларынан, (салайааччы Цыпандина Күннэйэ Николаевна),

Рима Фадеева толоруутугар Милена Борисова репертуарыгар «Ийэбэр» ырыанан,

нэһилиэкпит эдэр ыччаттарын бөлөҕүн толорууларыгар Павел Семенов хоһоонугар, дьүрүлүгэр «Аныыбыт эһиэхэ» ырыанан,

«Айылҕа уһуктуута» хомуска дьүһүйүүнэн Олеся Винокурова,

«Сайдыына» ырыа ансаамбыла «Эҕэрдэ ырыата» ылбаҕай ырыанан (салайааччы Рима Фадеева),

Вадим Шепелев уонна Гаврил Дьяконов Лэкиэс репертуарыгар “Ийэкээм” дуэт ырыанан,

Анна Гаврильева толоруутугар Эльза Павлова репертуарыгар “Санаабар” ырыанан.

“Бэтиэхэлээх Балыктаахтар” бөлөҕүн толорууларыгар «Истиҥ эҕэрдэ» (оруолларга: Яна Васильева, Любовь Харитонова, Татьяна Иванова, Егор Афанасьев, Рима Фадеева уонна Анна Гаврильева) уонна «Чемпионат» (оруолларга: Любовь Харитонова, Анна Гаврильева, Татьяна Иванова уонна Яна Васильева) сыаҥкаларынан.







«Мичээр» эдэр ыччат үнкүү коллективын уонна «Ыллыкчаан» оҕо көрдөрүүлээх үҥкүү ансаамбылын улахан бөлөх иитиллээччилэрин толорууларыгар «Өрүүнэ» үҥкүүнэн (салайааччы Саина Румянцева) ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдилэр.



Нэһилиэкпитигэр бу күн сарсыардаттан олус долгутуулаах күн буолла. Ол курдук, тэрээһиҥҥэ төһө да кыттыыны кэлэн ылбаталлар, элбэх ыччаппыт аныгы сиэринэн, ыраахтан олорон дьиэлэригэр доставка оҥорон, күн күбэй ийэлэригэр тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунан долгуттулар, уйадыттылар, үөртүлэр, дьоллоох түгэни бэлэхтээтилэр.














































Күн күбэй ийэлэрбитигэр долгутуулаах түгэни бэлэхтииргэ Сарана Артемьеваҕа, Николай Кириллиҥҥэ, күүс-көмө өйөбүл буолбуккутугар, олохтоох култуура дьиэтин коллективын аатыттан махтал сылаас тылларын аныыбыт.



Күндү ийэлэрбит! Өссө төгүл бырааһынньыгынан итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит! Доруобай буолуҥ, өрүү үөрүү аргыстаныҥ! Оҕолоргут ситиһиилэринэн киэн тутта олороргутугар ис сүрэхтэн баҕарабыт. Этэҥҥэ буолууну, саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны баҕарабыт! Көрсүбүппүт кэрэ кэпсээн, арахсыбыппыт ахтылҕан буоллун! Көрбүккүтүн, истибиккитин, кыттыбыккытын иһин улахан махталбытын тиэрдэбит!
