«Ийэбит өрүү сүрэхпитигэр»

Олунньу 21 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр тоҕус оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ, улахан дьиэ кэргэн далбар хотуна Мария Ивановна Сотникова сырдык кэриэһигэр анаан тапталлаах кэргэнэ, оҕолоро хомуйан, таҥан таһаартарбыт «Ийэбит өрүү сүрэхпитигэр» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Бу күн сүүһүнэн уот лаампалаах, ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуйуллар, Мэҥэ сирин бастыҥа — Балыктаахпыт сиригэр ыраахтан-чугастан мустан, Мария Ивановна туһунан истиҥник-иһирэхтик кэпсэтэн, ахтан-санаан, дьоһун кинигэ күн сирин көрбүтүнэн дуоһуйа санааларын тиэртилэр:

Мария Ивановна олорон ааспыт олоҕун туһунан сырдатта кыыһа Александра Егоровна Мохначевская.

Мария Ивановна олоҕун устатын тухары общественнай үлэни өрө тутан, олохтоох култуура дьиэтин кытта мэлдьи ыкса ситимнээхтик үлэлээбитин туһунан кэпсээтэ култуура дьиэтин директора Кычкина Любовь Васильевна.

Сабыс саҥа күн сирин көрбүт « Ийэбит өрүү сүрэхпитигэр» кинигэнэн ырытыы оҥордо Юрий Алексеевич Гагарин аатынан республиканскай типография литературнай редактора  Яковлева Александра Алексеевна.

Кинигэ ис хоһоонунан уонна чугастык алтыспыт түгэннэринэн иһирэхтик ахтан-санаан аастылар:

Афанасий Никифорович Протодьяконов, фольклорист, СР култууратын туйгуна, сыана ветерана, Мария Ивановнаны фольклорга уһуйааччыта.

Мария Ивановна эдьиийэ, Уус Алдантан кэлбит ыалдьыппыт Данилова Анна Семеновна.

Дьокуускай куораттан эдьиийдэрэ Татьяна Семеновна Кычкина.

Бииргэ үөрэммит доҕотторо Бочкарева Анна Романовна, Захарова Валентина Егоровна, Кычкина Ангелина Федотовна, Мохначевская Анастасия Егоровна.

Мария Ивановна бииргэ үөрэммит доҕорун кэргэнэ Бурцева Зинаида Михайловна.

Мохначевская Федора Аполлоновна бииргэ алтыһан үлэлээбит дьүөгэтэ.

Ноговицына Марфа Иннокентьевна, педагогическай үлэ ветерана, «Доруобуйа» общественнай түмсүү салайааччыта.

Мария Ивановна бииргэ төрөөбүт соҕотох балта Маргарита Ивановна Скрябина.

Уус Алдантан кэлбит Мария Ивановна балта Анастасия Иннокентьевна Варламова.

Чалкин Семен Семенович, үлэ ветерана, СР ОДьКХ бочуоттаах ветерана.

Андросова Татьяна Михайловна, үлэ ветерана, ыкса ыаллара.

Рожина Надежда Федоровна, «Арчы» общественнай түмсүү салайааччыта.

Стручкова Сардана Степановна, «Аартык» түөлбэ салайааччыта.

Бүгүҥҥү тэрээһини музыкальнай номердарынан киэргэттилэр:

«Үрүйэ» үҥкүү коллектива «Сир симэхтэрэ» үҥкүү.

«Ай-Тыас» фольклорнай бөлөх толоруутугар норуот ырыатынан композиция.

Хомусчуттар бөлөхтөрүн толоруутугар Айсен Аммосов репертуарыттан «Дьөһөгөй» композиция.

«Сайдыына» вокальнай ансаамбыл.

Анастасия Варламова толоруутугар «Кыргыттарым», «Ийэкээм» сольнай ырыа.

Христина Варламова соло «Титаник».

Ону сэргэ түһүлгэни төрүттээн ыалдьыттардыын оһуохайы төрүттээтилэр нэһилиэкпит эдэр ыччата Евгений Дьяконов уонна ытык-мааны ветераммыт Афанасий Никифорович Протодьяконов.

Бүгүҥҥү тэрээһин бэрт сэргэхтик, долгутуулаахтык, өрө көтөҕүллэн бу хоһоон тылларынан түмүктэннэ.

Ийэбит күн курдук күндүгүн

Ахтабыт,саныыбыт өрүүтүн,

Арыылаах алаадьын амтанын

Үйэлээх тапталын сылааһын.

Сахалыы сайаҕас санаалаах

Сандаархай эйэҕэс харахтаах,

Саҥа күн сарыалын санатар

Сайаҕас элэккэй майгылаах.

Айылҕа уһуктар ырыата

Санатар ийэккэм куолаһын,

Нап намыын саймаарар саҥата

Тулабар чуораанныы чугдаарар.

Түһэххэр көтөҕөн бүөбэйдээн

Эмиийин үүтүнэн эмсэхтээн,

Сүрэҕин сылааһын анааҥҥын

Тапталга бигээҥҥин ииппитин.

Ийэбит күн курдук күндүгүн

Ахтабыт,саныыбыт өрүүтүн,

Арыылаах алаадьын амтанын

Үйэлээх тапталын сылааһын.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *