«Идэһэ киэһэтэ — 2024».

Сэтинньи 22 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр  сылын аайы үгэскэ кубулуйбут түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар   «Идэһэ киэһэтэ — 2024»  быыстапка-дьаарбаҥка тэрээһин буолан ааста.

Сир сир аайы кыыдааннаах кыһыммыт тиийэн кэлэн, кыстыкка бигэтик үктэнэн, идэһэ туттан, уһун кыһыммытын туоруурга бэлэм буоллубут. Онон сиэттэрэн,  «Идэһэ киэһэтэ — 2024» тэрээһиммитигэр быйылгы идэһэттэн эт арааһыттан быыстапка, сылгы оһоҕоһун ыраастааһыҥҥа, туйах ыраастааһыныгар, сахалыы лапса оҥоруутугар биирдиилээн күрэхтэр ыытылыннылар, түөлбэлэринэн хамаандалар икки ардыларыгар көрдөөх эстафета тэрилиннэ.

Саамай  сыралаах, ыарахан үлэнэн ынах-сүөһү иитиитэ, көрүүтэ-харайыыта буолара саарбаҕа суох.  Ынах -сүөһү өбүгэбит төрүт дьарыга. Сүөһү биэрэр аһынан-үөлүнэн аһаан-сиэн олоробут. Сүөһүтэ суох олохпут айгырыыр кыахтаах, онон төһө кыалларынан сүөһүнү хото иитэ-харайа сатыахтаахпыт,  дьиэ сүөһүтэ бары өттүнэн туһалаах диэн туран тэрээһиммит сэргэхтик, сылаас, истиҥ эйгэҕэ аастын, бүгүҥҥү түмсүү – доҕордоһуу түһүлгэтинэн буоллун диэн туран музыкальнай эҕэрдэтин тириэртэ быйылгы улуустааҕы аҕам саастаахтар бэстибээллэрин лауреата Вера Фадеева.

Сахабыт сирэ тымныытынан биллэр, ол онтон биһигини быыһыыр аспыт эт, үүт, сүөгэй, арыы, собо балык буолар, бу астар баар буоланнар биһиги маннык сэттэ ыйдаах, тохсунньу тоһуттар тыйыс тымныыларын этэҥҥэ туораан олордохпут. Быйыл сайыммыт барахсан куйаас күннэри буоларын курдук бэлэхтээн, от үүнэн,  кыстыыр отторун  булунан, көмүс күһүммүт сир аһын арааһыттан, эбэлэрбит, күөллэрбит күөх боллох көмүс хатырыктаах собо күндүлээн, быйылгы кыстыкка бигэ эрэллээхтик үктэннибит.

Быйылгы тэрээһиммит быыстапка-дьаарбаҥката сэтинньи ыйга идэһэ туттуу түмүктэнэр кэмигэр буоларын быһыытынан, кыһыҥҥы хаһаас ас – быйылгы идэһэттэн эт ас арааһыгар —  күндү аспытыгар ананан тэрилиннэ. Күрэхтэри сыаналыыр дьүүллүүр сүбэҕэ  үлэлээтилэр: 

Дьүүллүүр сүбэ бэрэсэдээтэлэ – олохтоох култуура дьиэтин директора Любовь Васильевна Кычкина;  ону сэргэ дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: «Арчы» общественнай түмсүү салайааччыта Надежда Федоровна Рожина; нэһилиэкпит тыа хаһаайыстыбаҕа специалиһа Анастасия Ивановна Чалкина.

Бу  киэһэ бары да олус тыҥааһыннаах, ыһыылаах – хаһыылаах, илин – кэлин түсүһүүлээх күрэхтэри көрөн, сорохтор кыттан олуһун дуоһуйдулар, сэргэхсийдилэр.  Дьүүллүүр сүбэ  түөлбэлэр  быйылгы идэһэттэн эт ас арааһыттан бэртээхэй  быыстапка тэрийэн бэлэмнээбит түһүлгэлэрин астына көрдүлэр. Хас биирдии түөлбэ туруорбут быыстапкатыгар сыаналанна: 1. Быйылгы идэһэттэн эт ас арааһа, 2. Эт астан оригинальнай бүлүүдэ, 3. Хас биирдии түөлбэ быыстапка турар сирин тупсаҕайдык киэргэтиитэ уонна сервировка.

Түөлбэлэр бары  быыстапкаларын сүрдээх үчүгэйдик, үрдүк таһымнаахтык  билиһиннэрдилэр. Мантан көстөрүнэн быйылгы идэһэ сүөһү туруга бэртээхэй эбит  диэн сыаналыыбыт. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ быйылгы идэһэттэн эт  ас арааһын бэлэмнээбит бары түөлбэ олохтоохторугар истиҥник махтанабыт. Дьүүллүүр сүбэ дьоһуннук сыаналаан, быйылгы идэһэттэн эт ас арааһын көрдөрүү быыстапка-дьаарбаҥка түмүгэ маннык буолла:

1 миэстэ —  «Аартык»  түөлбэ ( салайааччы Стручкова С. С.)

2 миэстэ —   «Лесной» түөлбэ ( салайааччы Кычкина М. С.)

3 миэстэ —  «Сайдыс»  түөлбэ ( салайааччы Макарова М. И.)

Кыайыылаахтарга анал грамоталар, урбаанньыт Николай Генеров полиграфия офиһыгар туттуллар сертификаттар туттарылыннылар.

Идэһэ — диэн сүөһүнү бэйэ сииригэр анаан өлөрүллэрин ааттыыллар. Сахалар идэһэни өлөрөллөрүгэр элбэх сиэри-туому тутуһаллар. Оччоҕо эрэ ыал хаһаайыстыбата кэхтибэккэ үүнэр-сайдар, ууһуур-тэнийэр диэн өйдөбүл баар.  Онон сиэттэрэн кыһыҥҥы хаһаас тэринэргэ тоҕоостоох кэми мүччү туппакка бүгүҥҥү быыстапка – дьаарбаҥкабытыгар биирдиилээн  нэһилиэкпит үлэһит дьоно, хаһаайыстыбалар бэйэлэрэ көрөн – истэн ииппит, төлөһүппүт сүөһүлэрин, убаһаларын, үрүҥ ас арааһыттан, муҥха сибиэһэй балыгын, ийэ сирбит иҥэмтэлээх үүнээйилэриттэн астаан–үөллээн аҕалбыт олохтоох продукцияларынан атыы – тутуу тэрийдилэр.

Бу тэрээһиҥҥэ элбэх атыыны тэрийбит «Саамай элбэх дохуоду киллэрбит дьиэ–кэргэн – 2024» анал аат, сэмэй бэлэх туттарылынна Яна Ильинична, Ньургун Владимирович Габышевтар дьиэ кэргэҥҥэ .

Биирдиилээн кыттааччыларга ананан ыытыллыбыт  күрэхтэр олус сэргэхтик аастылар.

 «Сылгы оһоҕоһун бэлэмнээһин» — бэриллибит 5 устуука оһоҕоһу ким саамай түргэнник тиэрэн, үрэн хаан кутуутугар бэлэмниирин  быһаарар күрэх түмүгэ маннык буолла:

1 миэстэ —  Дьяконова П. А.  («Лесной»  түөлбэ)

2 миэстэ —  Ноговицына Е. А. ( «Аартык»  түөлбэ)

3 миэстэ —  Стручкова Е. И. («Сайдыс» түөлбэ)

 «Сахалыы лапса оҥоруута» күрэххэ эрдэ бэлэмнээн аҕалыллыбыт тэҥ састааптан сахалыы лапса оҥорон, быһан, мииҥҥэ кутуллардыы бэлэм оҥорууга илин-кэлин түһүстүлэр. Дьүүллүүр сүбэ  ким түргэнник бүтэрбитин, ону сэргэ хаачыстыбатын сыаналаан түмүк бу курдук буолла:

1 миэстэ —  Захарова Л. К. («Аартык» түөлбэ)

2 миэстэ —  Кычкина М. С.  («Лесной» түөлбэ)

Салгыы «Туйах ыраастааһына» түөлбэлэр аайыттан биирдии эр киһи кыттыылаах күрэх буолла. Сүөһү төбөтүттэн туйаҕар дылы туһата хара баһаам буоллаҕа, ол туоһута бүгүҥҥү тэрээһиммитигэр бу күрэх ыытыллыбыта туоһулуур. Бары да  оҥостон, кыайардыы бэлэмнэнэн кэлбит дьоммут түргэннэрин, ыраас туттууларын, үлэ хаачыстыбатын дьүүллүүр сүбэ сөптөөх сыанабылы туруоран, түмүк маннык буолла:

1 миэстэ —  Чалкин Е. С. («Сайдыс» түөлбэ)

2 миэстэ —  Докторов А. А. («Аартык» түөлбэ)

3 миэстэ —  Цыпандин Д. А. («Лесной» түөлбэ)

Кыайыылаахтарга анал грамоталар, сэмэй бириистэр туттарылыннылар.

Салгыы  ыһыылаах-хаһыылаах көрдөөх эстафетаҕа түөлбэ аайыттан  сааһыттан тутулуга суох 3 эр киһи, 2 кэрэ аҥар састааптаах хамаандалар кытыннылар.                    

Быйылгы көрдөөх эстафета  сытыы киирсиилээхтик түмүктэннэ. Көрөөччүлэр да улаханнык сэргэхсийдилэр, бары хамаандаларга ыалдьан ыһыы-хаһыы бөҕөтүн түһэрдилэр.

Түөлбэлэр икки ардыларынааҕы «Көрдөөх эстафета» түмүгэ бу курдук буолла:

1 миэстэ —  «Сайдыс» түөлбэ (салайааччы Макарова М.И.)

2 миэстэ —  «Аартык» түөлбэ (салайааччы Стручкова С.С.)

3 миэстэ — «Лесной» түөлбэ (салайааччы Кычкина М.С.)

Кыайыылаахтарга анал грамоталар, сэмэй бириистэр туттарылыннылар.

Түөлбэнэн уонна биирдиилээн күрэхтэри таһынан бэйэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйатыттан аукцион тэриллэн ыытылынна. Быйылгы аукциоҥҥа кытыннылар: урбаанньыт Николай Кириллин уонна эдэр фермер уолаттар Ньургун Габышев, Дьулус Говоров уонна Илья Мохначевскай.

Аукционна кыттан атыыласпыт дьоммутугар махтал, ыытыллар тэрээһиннэри бу курдук мэлдьитин  өйүү турар буолуҥ! Ону сэргэ былаанныыр үлэбит интэриэһинэйдик баралларыгар күүс – көмө буолар уолаттарбытыгар Николай Леонидовичка, Ньургун Владимировичка, Дьулус Геннадьевичка, Илья Егоровичка махтал сылаас тылларын аныыбыт, доруобуйаны, үлэҕит–хамнаскыт этэҥҥэ буола турдун диэн алгыспытын тиэрдэбит.

Бары түөлбэлэр биллэриибитин сэҥээрэн, ылынан, ох курдук оҥостон кэлэн, көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар ис сүрэхтэн тахсар сылаас махталбытын аныыбыт. Саамай түмсүүлээх, бэлэмнээх буолан кыайыы өрөгөйүн билбит, анал грамоталары, сэмэй бэлэхтэри туппут түөлбэлэрбитигэр,  биирдиилээн уонна түөлбэ туһа диэн киирсибит хамаандалар кыттааччыларыгар өссө төгүл истиҥ эҕэрдэ!

Быйылгы кыстыгы бука бары этэҥҥэ туоруоҕуҥ! Барыгытыгар доруобуйаны, үлэҕэ, үөрэххэ үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт! Куруук бу курдук үөрэ — көтө, инники күөҥҥэ сылдьын!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *