Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Майаҕа «Дары золотой осени» инбэлииттэр обществоларын улуустааҕы тэрээһинэ буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ уопсайа улуус 7 нэһилиэгэ кыттыыны ыллылар, биһиги нэһилиэктэн 8 киһилээх «Эрэл» түмсүү делегацията бэрт түмсүүлээхтик, көхтөөхтүк, ситиһиилээхтик кыттан үөрэн-көтөн кэллилэр.
Ол курдук, биһиги нэһилиэктэн Турантаева Елена Егоровна, Гоголева Ньургуяна Романовна сэлээппэ күрэҕэр кыттыыны ыллылар. Гоголева Ньургуяна Романовнаны бу күрэххэ 1 миэстэни ылары ситиспитинэн итиитик-истинник эҕэрдэлиибит.
«Карвинг» күрэҕэр Цыденжапова Татьяна Сергеевна 2 бириистээх миэстэни ылары ситиспитинэн истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит.
Атын күрэхтэр кыттааччыларыгар туоһу суруктар тутарылыннылар. Түгэнинэн туһанан, «Эрэл» түмсүү (салайааччы Бродникова Прасковья Гаврильевна) өрүүтүн өйүүр нэһилиэкпит главатыгар Куприянов А.В., суоппар Кычкин В.В. барҕа махталларын тиэрдэллэр.
«Эрэл» түмсүү коллективыгар бу тэрээһиҥҥэ ситиһиилээхтик кыттыбыттарынан өссө төгүл эҕэрдэ тылларын уунабыт! Саҥаттан саҥа ситиһиилэр сүргэҕитин көтөҕөн, санааҕытын кынаттаатын, үрдүктэн үрдүккэ көтүтэ туруохтун. Эһиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр мэлдьи ситиһии эрэ эҥээрдэстин, куруук дьол-соргу эрэ тосхойдун. Бу курдук мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьыҥ!