«В.К.Степанов аатынан култуура уонна спорт эстафетата» бэстибээл Мэҥэ нэһилиэгэр.

Олунньу 15 күнүгэр «Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн – дойду бөҕө тирэҕэ!»  диэн девизтээх 67-с төгүлүн ыытыллар Василий Константинович Степанов аатынан култуура уонна спорт эстафетатын бэстибээлин былааҕа Балыктаах бөһүөлэгэр айаннаан кэллэ.

            Сарсыарда 10:00 чаастан олохтоох култуура дьиэтигэр оһуохай истиитэ буолла. Эстафета балаһыанньатынан Оһуохайы 3 көлүөнэ таһаарар (оскуола оҕото, ыччат, 35 саастан үөһээ)  мантан биир Мэҥэлии оһуокайы таһаарыы, оһуохай тылын таһаарааччылар  кынат этээччилэрдээх буолаллара ирдэнэр.  Ол курдук эстафета балаһыанньатынан оһуохай түһүлгэтин саҕалаата Санаайа Максимова – М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ. Оһуохайы сүрүннээтэ нэһилиэкпит эдэр ыччата —  Дария Андросова. Оһуохайы түмүктээтэ Лилия Долгунова. Нэһилиэкпит ыччаттара, олохтоохторо көхтөөхтүк кыттан, кынат этээччилэрдээх оһуохай бэрт сэргэхтик тэриллэн ыытылынна.

Оһуохай түмүгэ:

Лауреат үрдүк аатын ылары ситистэ – Дария Андросова.

Дипломант аата иҥэрилиннэ – Лилия Долгуноваҕа.

Грамотанан наҕараадаланна — Санаайа Максимова.

Оһуохай уопсай баала 3,96 баалынан сыаналанна.

            Күнүс 11:00 чаастан М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатыгар уус-уран оҥоһуктар быыстапкатын көрүү буолла. Бу күн уопсайа 108 киһи кытынна, ол иһигэр коллективнай 12 үлэҕэ уопсайа 95 киһи кытынна. Уус-уран оҥоһуктар быыстапкатын кыттыылаахтара барыта 187 үлэни туруордулар. Ирдэнэр көрүҥнэринэн уус-уран быыстапканы дьүүллүүр сүбэ көрөн, сыаналаан түмүк маннык буолла:  

Лауреат үрдүк аатын ылары ситистилэр:

Березкина Валентина Борисовна — кылтан, сиэлтэн үлэлэргэ.

Гоголев Нюргун Иннокентьевич – тимиртэн үлэлэрин иһин – дьахтар симэҕэ.

Иванова Татьяна Егоровна – туос оҥоһуктар иһин.

Ноговицына Екатерина Андреевна – сахалыы иискэ үлэлэрин иһин.  

Мордискина Антонина Николаевна – саха төрүт ииһигэр.

Трифонова Елизавета Алексеевна – элбэх көрүҥүнэн кыттыы иһин.

Дипломант аатынан наҕараадаланнылар:

Заровняева Вера Григорьевна – оҕуруоттан вышивка.

Куприянова Варвара Николаевна – кылтан-сиэлтэн үлэлэр.

Мохначевская Прасковья Ивановна – акриловай хартыыналарын иһин.

М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын коллектива (сал.Габышева А.Н.) – элбэх көрүҥ үлэлэрин иһин.

«Доруобуйа» түмсүү коллектива (сал. Ноговицына М.И.) – элбэх көрүҥ үлэлэрин иһин.

Ону таһынан быыстапкаҕа көхтөөхтүк үлэлэспиттэр грамоталарынан наҕараадаланнылар.

Уус-уран оҥоһуктар быыстапка 3,98 баалынан сыаналанна.

В.К.Степанов аатынан култуура уонна спорт эстафета бэстибээлин биир сүрүн күрэҕэ спортивнай курэхтэһиилэр буолаллар. Ол курдук 10 спорт (дуобат, саахымат, волейбол, салгын саатынан ытыы, сахалыы ох саанан ытыы, остуол тенниһэ, мас-рестлинг, хапсаҕай, гиирэ спорда, хабылык, хаамыска уонна канат тардыһыыта) көрүҥнэригэр бу күн Аллараа Бэстээх, Балыктаах спортка сүүмэрдэммит хамаандалара күөн көрсөннөр, ыһыылаах-хаһыылаах күрэхтэһии кэнниттэн түмүккэ 26,5 – 12,5 Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин туһатыгар буолла. Нэһилиэкпит чиэһин көмүскээн оһуохайга, уус-уран оҥоһук быыстапкатыгар ситиһиилээхтик кыттан лауреат, дипломант үрдүк ааттары сүкпүт дьоннорбутун, күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыт спортсменнарбытын истиҥник эҕэрдэлиибит. Ситиһиилэр өссө да сиэттиһэн кэлэн истиннэр!

            Бу күн киэһэ 19:00 олохтоох култуура дьиэтигэр култуура уонна спорт эстафетатын былааҕа күөрэччи көтөҕүлүннэ.  Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн 67-с төгүлүн ыытыллар В.К. Степанов аатынан култуура уонна спорт эстафета фестиваль биир дьоро бэлиэтинэн «Эстафета холбообут ыаллара» диэн саҥа бэлиэ олохтоммут. Биһиги нэһилиэктэн бу дьоро күҥҥэ эҕэрдэ сурук, анал бэлиэ статуэтканан Татьяна Васильевна Дьяконова, Роман Иннокентьевич Гоголев, Анисия Даниловна, Дмитрий Иннокентьевич Скрябиннар, Евдокия Михайловна, Андрей Васильевич Стручковтар дьиэ кэргэттэрэ наҕараадаланнылар.

Эстафета күнэ Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин уус-уран самодеятельноһын кэнсиэринэн түмүктэннэ.  

Быйылгы эстафета оһуохайын, күрэхтэһиитин, уус-уран оҥоһуктар быыстапкатын уонна ыалдьыттары көрсүүгэ күүс-көмө буолбут, кыттыбыт дьоммутугар барыгытыгар сылаас махтал тылларын аныыбыт. Бу курдук куруутун биир санаанан, көхтөөхтүк кыттан нэһилиэкпит туһугар үлэлии-хамсыы сылдьыаҕыҥ.  

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *