Муус устар 1 күнүгэр олохтоох култуура дьиэтигэр көр-күлүү күнүнэн нэһилиэк олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар анаан «Бэтиэхэлээх Балыктаахтар» көр – күлүү бөлөҕө «Бэтиэхэ киэһэтэ — 2024» көрдөөх кэнсиэрдэрин тэрийэн ыыттылар.
Бу киэһэ мустубут дьээбэни – хообону сэргээччилэр, тиэхэни – бэтиэхэни таптааччылар сандал саас тиийэн кэлбитинэн, көр — күлүү күнүнэн «Бэтиэхэлээх Балыктаахтар» көр – күлүү бөлөҕү кытта тэҥҥэ быар быстыар, сыҥаах ыалдьыар дылы күлэн, үөрэн, сэргэхсийэн, элбэх көрдөөх сыанкалары, бэһиэлэй нүөмэрдэри, быыһыгар ылбаҕай ырыалары дуоһуйа көрдүлэр, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар:
Сыанка «Ачаа оҕо».
Пантомима «Арай биирдэ электричкаҕа».
Сыанка «ИдэҺэ».
Сыанка «Мэрмисиэль».
Сыанка «Гадалка».
Сыанка «Ойбоҥҥо»
Владимир Габышев толоруутугар Василий Ойурскай суруйуутунан монолог «Сүрэҕим ыалдьар».
Сыанка «Три Клавы»
Туйаара Стручкова-Огдооччуйа репертуарыттан сыанка «Таҥха».
Сыанка «Мунньах»
Көрдөөх нүөмэр «Кута – мата кыргыттар».
Көр-күлүү киэһэтин ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр Вера Фадеева, Рима Фадеева.
«Бэтиэхэ киэһэтэ — 2024» көр- күлүү кэнсиэрин иилээн-саҕалаан ыыттылар Татьяна Стручкова, Давид Михайлов.
«Бэтиэхэ киэһэтэ — 2024» кэнсиэри көҕүлүттэн тутан, үөрүүнү үрдэтэн, умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр «Бэтиэхэлээх Балыктаахтар» көр — күлүү бөлөҕө: Егор Афанасьев, Владимир Габышев, Саргылаана Степанова, Яна Васильева, Мария Колесова, Дария Андросова, Лилия Долгунова, Семен Ноговицын, Рима Фадеева, Татьяна Иванова.
Саха киһитэ былыр – былыргыттан көргө – күлүүгэ көхтөөҕүн, дьээбэ – хообо ис хоһоонноох норуот ырыалара, сыанкалара туоһулууллар. «Көр – күлүү – дууһа эмчитэ» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Көр – күлүү, дьээбэ – хообо киһи сүргэтин көтөҕөрүн, күннээҕи түбүкпүтүн чэпчэтэрин, олохпутун уһатарын бары билэбит. Күндү көрөөччүлэрбит, сэргээн-сэҥээрэн кэнсиэрбитин кэлэн көрбүккүтүгэр, биһигинниин бииргэ буолбуккутугар ис сүрэхтэн махтанабыт!