Кулун тутар 11 күнүгэр Мэҥэ нэһилиэгэр үөрүүлээх бэлиэ түгэн буолла. Ол курдук Балыктаах бөһүөлэгин ытык, мааны кырдьаҕаһа, тыыл, үлэ ветерана Черкашин Егор Николаевич 90 үбүлүөйдээх сааһын туолбут үөрүүлээх күнэ тосхойдо.
Бу дьоро күн ытык киһибитин Егор Николаевиһы ыраахтан, чугастан уруу-аймах дьоно, түөлбэтин олохтоохторо мустан эҕэрдэ бастыҥын анаан уруйдаатыбыт-айхаллаатыбыт.
Нэһилиэк дьонун-сэргэтин аатыттан эҕэрдэтин тириэртэ «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун администрациятын, улуус баһылыгын Тихонов Дмитрий Иванович аатыттан улуус депуттарын Сэбиэтин председателэ Андросов Иннокентий Иннокентьевич, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үлэҕэ уонна нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолууга управлениетын начальнигын солбуйааччы Игнатьев Александр Михайлович истиҥ эҕэрдэлэрин тириэртилэр уонна эҕэрдэ суруктарын, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Күндү ытык-мааны ветераммыт Егор Николаевич! Эйиигин өссө төгүл өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн итиитик-истинник эҕэрдэлиибит. Эйигин кытта кэрэ санаа эрэ кэккэлэстин, эдэрдии эрчиминэн, сэргэхтик туттан-хаптан, оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин, чугас дьонуҥ сылаас сыһыаннарыгар кынаттанан, тапталларынан угуттанан өссө да уһуннук, доруобайдык, дьоллоохтук олороргор баҕа санаа бастыҥын, алгыспыт үтүөтүн аныыбыт!