Балаҕан ыйын 10 күнүгэр «Быйаҥнаах тэлгэһэ -2021» тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэк иһинэн ыытыллыбыт быыстапка-дьаарбаҥка биирдиилээн дьиэ-кэргэн икки ардыларыгар күрэх быһыытынан ыытылынна. Хас биирдии дьиэ-кэргэн сайыҥҥы быйаҥтан сомсубут үлэлэрин түмүгүн үөрэ-көтө билиһиннэрдилэр. Күрэх уопсайа 5 көрүҥүнэн буолла. Быыстапка-дьаарбаҥка түмүгүнэн кыайыылаахтарга анал ааттар ананнылар, бириистэр туттарылыннылар:
- «Үүт ас» күрэххэ I миэстэ Надежда Рожина бэйэтэ оҥорбут сыыр арааһын, быырпаҕын аҕалан кыайыылааҕынан ааттанна;
- «Сибэккилэр-сир сиэдэрэй симэхтэрэ» сайыҥҥы, кыһыҥҥы сибэккилэр күрэххэ I миэстэҕэ Анна Захарова тигистэ;
- «Оҕуруот астарыттан быыстапка» күрэҕэр элбэх оҕуруот аһынан, дьэрэкээн оҥоһуктарынан киэргэтэн I миэстэни Александра Габышева ылыаҕын ылла;
- «Эмтээх оттор, мүөт уонна утахтар» күрэххэ Мария Семенова араас отонноруттан утахтарын, эмтээх отторун, минньигэс мүөттэрин кэпсээн, амсатан I миэстэҕэ таҕыста;
- «Оҕуруот аһыттан кэнсиэрбэлээһин көрүҥҥэ» I миэстэ Анна Захарова кыайыылааҕынан ааттанна, 2 миэстэҕэ Саргылана Катакинова таҕыста.
Ону сэргэ миэстэтигэр эбии ыытыллыбыт күрэхтэргэ анал ааттары ыллылар:
- «Эриэккэс көрүҥнээх моркуоп» анал аат — Александра Габышева туттарылынна;
- «Саамай ыарахан ыйааһыннаах кабачок» 3 киилэ 850 граамнаах кабачоктаах Анна Захарова анал аакка тигистэ;
- «Экзотическай оҕуруот аһа» Лагенария оҕуруот аһынан Александра Габышева анал ааты ылла;
- «Саамай улахан сүбүөкүлэ» ону тэҥэ «Дьикти көрүҥнээх оҕуруот аһа» анал ааттары Саргылана Стручковаҕа туттарылынна;
- «Саамай ыарахан ыйааһыннаах арбуз», «Саамай улахан тыква» — анал ааттар Александра Габышеваҕа тигистэ;
- «Саамай ыарахан ыйааһыннаах хаппыыста» анал ааты Лариса Кычкина 5 киилэ 400 граамнаах хаппыысталаах ааттанна;
- «Саамай улахан клубника» — Саргылана Стручкова;
- «Дьиэҕэ үүнэр дьикти сибэкки», «Саамай улахан хортуоппуй», «Саамай улахан Санберия» анал ааттары Анисия Скрябина тутан үөрүүтэ үксээтэ;
- Оскуола пришкольнай учаастога – «Саамай улахан патиссон», «Саамай улахан баклажан» анал ааттары ыллылар;
- «Саамай элбэх харчыны киллэрбит о5уруотчут» анал аат Анна Захароваҕа тигистэ.