«Булчут кутаата — 2024».

Ыам ыйын 5 күнүгэр Орто эбэ кытылыгар, төрүттэрбит  сиэрдэрин –туомнарын  тутуһан,  сылын аайы үтүө үгэскэ кубулутан, сааскы булт кэмэ саҕаламмытынан 14-с төгүлүн ыытыллар  «Булчут кутаата — 2024» кусчут, булчут эр бэртэригэр аналлаах күрэх буолан ааста.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһын аһыллыытыгар «Булчут кутаата» күрэх кыттааччыларын уонна бука бары көрөөччүлэрин саха маанылаах аһынан – алаадьынан айах тутан күндүлээтилэр «Доруобуйа» түмсүү далбар хотуттара.

Өбүгэ үгэһинэн аал уотун аһатан, алгыс тылын тириэртэ «Булчут кутаата» күрэх төрүттээччитэ, нэһилиэкпит ытык-мааны ветерана Егор Семенович Мохначевскай.

Эҕэрдэ тылын тириэртэ «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич.  

«Булчут кутаата-2024» түөлбэлэр икки ардыларыгар күрэхтэһии 6 этаптаах эстафетаттан саҕаланна:

1 этап: Үрэхтэн 200м толору экипировкалаах сүүрүү.

2 этап: Толору экипировкалаах сүүрүү 50м, МЦ саа ыһыыта, хомуйуута.

3 этап: Кэлбит киһитин 20м. сүгэн сүүрүү, экипировканы бэрсии, 80м. салҕыы сүүрүү.

4 этап: Сүүрүү-100м, салгын саатынан сыал ытыыта (сыалы табыар дылы оҕо ытар 3 мишень 10 м, переломка саа).

5 этап: Сүүрүү, мэһэйдэри туорааһын -100м.

6 этап Сүүрүү 200м. (финиш)

Эстафета көрүҥэр хамаандалар утуу-субуу бэрт тыҥааһыннаахтык, ыһыы-хаһыы арыаллаах илин-кэлин түсүһэн, түмүккэ кыайыылаахтарынан таҕыстылар: 1 миэстэ — «Аартык» түөлбэ, 2 миэстэ-«Сайдыс» түөлбэ, 3 миэстэ- «Нагорнай» түөлбэ, 4 миэстэ — «Лесной» түөлбэ, 5 миэстэ- «Сүрэх тыа» түөлбэ.

Чэй оргутуутун күрэхтэһиитигэр 1 миэстэни «Сайдыс» түөлбэ ылары ситистэ.

2 миэстэ — «Лесной» түөлбэ.

3 миэстэ — «Нагорнай» түөлбэ.

4 миэстэ — «Сүрэх тыа» түөлбэ.

5 миэстэ — «Аартык» түөлбэ.

Бириэмэҕэ боппуруоска эппиэттээһин күрэххэ 1 миэстэ — «Сайдыс» түөлбэ.

2 миэстэ — «Аартык» түөлбэ.

3 миэстэ — «Нагорнай» түөлбэ.

4 миэстэ — «Лесной» түөлбэ.

5 миэстэ — «Сүрэх тыа» түөлбэ.

Уаз массыынаны хамаанданан соһуу күрэхтэһиитигэр 1 миэстэ — «Аартык» түөлбэ (21, 72 сөк.)

2 миэстэ — «Сүрэх тыа» түөлбэ (21,78 сөк.)

3 миэстэ — «Сайдыс» түөлбэ (22,76 сөк.)

4 миэстэ — «Нагорнай» түөлбэ (22,81 сөк.)

5 миэстэ — «Лесной» түөлбэ (24,43 сөк.)

Хамаанданан канат тардыһыы күрэҕэр 1 миэстэ — «Сүрэх тыа» түөлбэ.

2 миэстэ — «Сайдыс» түөлбэ.

3 миэстэ — «Аартык» түөлбэ.

4 миэстэ — «Нагорнай» түөлбэ.

5 миэстэ — «Лесной» түөлбэ.

Уопсай түмүккэ 1 миэстэни ылары ситиһэн кыайыылаах таҕыста «Сайдыс» түөлбэ уонна олохтоох дьаһалта, олохтоох култуура дьиэтэ туруорбут ботуруон бириистэринэн, мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланнылар.

2 бириистээх миэстэни ылла «Аартык» түөлбэ уонна олохтоох дьаһалта, олохтоох култуура дьиэтэ туруорбут ботуруон бириистэринэн, мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланнылар.

3 бочуоттаах миэстэни ылары ситистилэр «Сүрэх тыа» түөлбэ уонна олохтоох дьаһалта, олохтоох култуура дьиэтэ туруорбут ботуруон бириистэринэн, мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланнылар.

4 миэстэ — «Нагорнай» түөлбэ уонна Дьокуускайдааҕы «Медведь» маҕаһыын (салайааччы Тарскай М.М.) олохтообут анал бириистэринэн наҕараадаланнылар.

5 миэстэ — «Лесной» түөлбэ уонна Дьокуускайдааҕы «Медведь» маҕаһыын (салайааччы Тарскай М.М.) олохтообут анал бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Маны сэргэ биир дойдулаахпыт, Сахаспецтранс тракториһынан үлэлээбит, «Саха Республикатын Автомобильнай Транспортын бочуоттаах үлэһитэ», «За заслуги перед районом», «Саха Республикатын Государственнай Унитарнай Тэрилтэтин  Олох Дьаһах Коммунальнай Хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» бэлиэлэр хаһаайына, «Көмүс куоластаах» бастыҥ ырыаһыт, нэһилиэк муҥхаһыттарын салайааччыта, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах аҕата, тапталлаах эһээтэ, хос эһээтэ, байанайдаах булчут Трифонов Гаврил Прокопьевич бииргэ үөрэммит доҕотторо олохтообут харчынан бириэмийэни Елизавета Алексеевна Трифонова «Аартык» түөлбэ хамаандатыгар туттарда.

Дьокуускайдааҕы «Медведь» маҕаһыын (салайааччы Тарскай М.М.) анал бирииһэ салгын саанан ытыыга бастыҥ түмүгү көрдөрбүт «Аартык» түөлбэ хамаандатын үөрэнээччитигэр Владимир Артемьевка туттарылынна.

Биирдиилээн күрэхтэр түмүктэрэ:

Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, тыыл, үлэ ветерана, «Үлэ кыһыл Знамя» орден уонна да атын үгүс мэтээллэр кавалера, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах аҕата, тапталлаах эһээтэ, хос эһээтэ, байанайдаах булчут — Артемьев Сергей Михайлович сырдык кэриэһигэр «Олорор хааһы ытыы» күрэххэ барыта 30 киһи кыттыбытыттан 1 миэстэ — Николай Барабанов, 2 миэстэ — Эдуард Кычкин, 3 миэстэ — Николай Ноговицын. Ону сэргэ саамай дэр кыттааччы — Иван Гурьев, саамай саастаах кыттааччы — Дмитрий Захаров ааттаннылар. (Үлэ ветерана, өр сылларга сельсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Артемьев Сергей Михайлович аатынан бириистэри туруордулар оҕолоро, сиэттэрэ, хос сиэттэрэ).

«Максим Горькай» аатынан совхоз Балыктаах отделениетын тутуу биригээдэтин тутааччыта, биригэдьиирэ, Коммунистическай үлэ ударнига, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах аҕата, тапталлаах эһээтэ, хос эһээтэ, байанайдаах булчут — Стручков Василий Игнатьевич сырдык кэриэһигэр «Олорор куобаҕы ытыы» күрэххэ барыта 19 киһи кыттыбытыттан 1 миэстэ — Иван Ноговицын, 2 миэстэ — Василий Кычкин, 3 миэстэ- Егор Гоголев. (Бириистэри олохтоотулар Стручков Василий Игнатьевич оҕолоро, сиэттэрэ, аймахтара).

Балыктаах бөһүөлэгин олохтооҕо, төрүт дорҕоон инструменнарын айбыт норуот маастара, сааһын тухары суоппар, тракторист идэлээх, чөл олох пропагандиһа,«Булчут кутаата» күрэҕи тэрийсибит элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах аҕата, тапталлаах эһээтэ, хос эһээтэ, байанайдаах булчут — Цыпандин Николай Алексеевич сырдык кэриэһигэр «Экстрим – ытыы» күрэххэ 7 киһи кыттыбытыттан 1 миэстэ — Сергей Харитонов, 2 миэстэ — Роман Гоголев, 3 миэстэ — Эдуард Кычкин. (Бириистэри олохтоотулар Цыпандин Николай Алексеевич кэргэнэ Августина Иннокентьевна, кыыһа Куннэйэ Николаевна).

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, народнай судьуйа, Российскай Федерация үтүөлээх юриһа, амарах аҕа, эйэҕэс эһээ – Сотников Михаил Михайлович сырдык кэриэһигэр «Биатлон» күрэххэ 12 киһи кыттыбытыттан 1 миэстэ — Сатал Бродников, 2 миэстэ — Николай Барабанов, 3 миэстэ — Василий Цыденжапов. (Бириистэри туруорда Сотников Михаил Михайлович быраата Бродников Илья Николаевич).

Коммунистическай үлэ ударнига, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах ветерана, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл кавалера, 3 төгүл чекист Петров бириэмийэтин лауреата, хас да төгүллээх республика чемпион хортуоппуй үүннэрээччитэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах аҕата, тапталлаах эһээтэ, хос эһээтэ, байанайдаах булчут — Цыпандин Владимир Алексеевич сырдык кэриэһигэр «МЦ сааны ыһыы, хомуйуу» күрэххэ 4 киһи кыттыбытыттан 1 миэстэ — Игорь Стручков, 2 миэстэ — Егор Трифонов, 3 миэстэ — Николай Ноговицын. (Бириистэри олохтоотулар Цыпандин Владимир Алексеевич кэргэнэ Анна Васильевна, оҕолоро, сиэттэрэ).

Биир дойдулаахпыт,Сахаспецтранс тракториһынан үлэлээбит, «Саха Республикатын Автомобильнай Транспортын бочуоттаах үлэһитэ», «За заслуги перед районом», «Саха Республикатын Государственнай Унитарнай Тэрилтэтин  Олох Дьаһах Коммунальнай Хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» бэлиэлэр хаһаайына, «Көмүс куоластаах» бастыҥ ырыаһыт, нэһилиэк муҥхаһыттарын салайааччыта, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах аҕата, тапталлаах эһээтэ, байанайдаах булчут — Трифонов Гавриил Прокопьевич сырдык кэриэһигэр «Салгын саанан ытыы» күрэх улахан дьоҥҥо уонна оскуола оҕолоругар тус-туһунан ыытылынна. Улахан дьоҥҥо 15 киһи кыттыбытыттан 1 миэстэ — Лука Говоров, 2 миэстэ — Николай Кириллин, 3 миэстэ — Гаврил Сотников, ону сэргэ Игорь Стручковка анал бириис туттарылынна. Оҕолорго 11 оҕо кыттыбытыттан 1 миэстэ — Айтал Чалкин, 2 миэстэ — Женя Куприянов, 3 миэстэ — Андрей Васильев, ону сэргэ саамай кыра кыттааччыга Ньургун Мохначевскайга анал бириис туттарылынна. (Бириистэри туруордулар Трифонов Гавриил Прокопьевич кэргэнэ Елизавета Алексеевна, оҕолоро, аймахтара).

Нэһилиэкпит биир бастыҥ ыччата, Дьокуускай куоракка ООО «Дирекция по эксплуатации» тэрилтэҕэ электригинэн үлэлээн ааспыт, амарах аҕа, байанайдаах булчут Артемьев Николай Никитич сырдык кэриэһигэр «Тэриэлкэ ытыы» күрэххэ 23 киһи кыттыбытыттан 1 миэстэ — Николай Цыпандин, 2 миэстэ — Илья Мохначевский, 3 миэстэ — Сатал Бродников. Ону сэргэ саамай эдэр кыттааччы- Иван Гурьев, саамай саастаах кыттааччы — Эдуард Кычкин ааттаннылар. (Бириистэри олохтоотулар Артемьев Николай Никитич кэргэнэ, оҕото, төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара).

Үлэ ветерана, Кэбээйи көһүүтүн кыттыылааҕа, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах аҕата, тапталлаах эһээтэ, хос эһээтэ, байанайдаах булчут Мохначевскай Иван Павлович сырдык кэриэҺигэр «Булчут көрдөөх кэпсээнэ» күрэххэ Христофор Рожин кыайыылааҕынан таҕыста. (Бирииһи олохтоотулар Мохначевский Иван Павлович оҕолоро, сиэттэрэ, хос сиэттэрэ).

«Ох саанан ытыы» күрэххэ 14 киһи кыттыбытыттан 1 миэстэ — Айтал Васильев, 2 миэстэ — Татьяна Иванова, 3 миэстэ — Лилия Долгунова. (Бириистэри туруорда урбаанньыт, нэһилиэкпит 2023 сыл түмүгүнэн «Бастыҥ урбаанньыта» бэлиэ хаһаайына  Кириллин Николай Леонидович).

Нэһилиэкпит ыччата, «Булчут кутаата» күрэҕи төрүттэспит, нэһилиэккэ куйуур күрэҕин солбуллубат тэрийээччитэ, олохтоох ОДьКХ операторынан үлэлээн ааспыт, амарах аҕа, байанайдаах булчут Шепелев Семен Гаврильевич сырдык кэриэһигэр «Тэриэлкэ ытыыта» абсолютнай күрэххэ 21 киһи кыттыбытыттан кыайыылааҕынан Егор Гоголев ааттанна. (Бирииһи олохтоотулар Шепелев Семен Гаврильевич кэргэнэ, оҕолоро, аймахтара).

Үгэс курдук 3-с сылын бастакы көҕөнү, чыркымайы бултаабыт булчукка «Ситим» ватсап ыччаттарын группата олохтообут харчынан бириэмийэни туттарда Ньургун Владимирович Габышев.

Быйылгы сезоҥҥа бастакы көҕөнү бултаабыт Николай Цыпандиҥҥа.

Быйылгы сезоҥҥа бастакы чыркымайы бултаабыт Иван Ноговицыҥҥа.

Ону сэргэ быйылгы сезоҥҥа ким саамай ыйааһыннаах көҕөннөрү бултаабыты быһаарар күрэх тэриллэн ыытылынна. Барыта 11 булчут кыттыбытыттан 1 миэстэ — 1,342 кг-х. көҕөнү бултаабыт Иван Прибылых, 2 миэстэ — 1,236кг-х көҕөнү бултаабыт Андрей Докторов, 3 миэстэ — 1,230 кг-х. көҕөнү бултаабыт Игорь Дьяконов анал бириистэри тутан үөрүүлэрэ үксээтэ.

Бары спонсордаабыт биир дойдулаахтарбытыгар махтал сылаас тылларын аныыбыт. Баҕарабыт бу курдук мэлдьи активнай позициялаах инники күөҥҥэ буолуҥ! «Булчут кутаата-2024» күрэхпит буоларын курдук бэрт тэрээһиннээхтик, сэргэхтик ааста. Кыттааччылар бэртээхэй бириистэри тутан, айылҕаҕа дуоһуйа сынньанан, ирэ-хоро кэпсэтэн, Егор Семенович Мохначевскай минньигэс миинин амсайан, үөрэ-көтө күрэхтэһиилэргэ сүрдээх көхтөөхтүк кыттан тарҕастылар. Баай байанай маанылаах уолаттара — булчуттарбыт сааскы булт кэмин этэҥҥэ атаарыҥ, сэрэхтээх буолуҥ, байанайгыт тосхойдун!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *