“Биир сомоҕо”

Алтынньы 31 күнүгэр, олохтоох култуура дьиэтигэр Россия Федерациятын үрдүнэн, Норуоттар сомоҕоһууларын күнүн көрсө, үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.

Сэтинньи ый 4 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ бэлиэтэнэр. 2005 сыллаахха бу өрөгөйдөөх күнү бэлиэтииргэ диэн Арассыыйа президенин укааһа тахсыбыта уонна Дойдубут араас норуоттарын сомоҕолоһууларын бэлиэтиир кэрэхсэбиллээх күндү күнүнэн биллэриллибитэ.

Сомоҕолоһуу күнүнэн «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыга Габышев Ньургун Владимирович эҕэрдэ тыл тириэрдэн, тэрээһиммитин арыйда.

Тэрээһини бэйэлэрин музыкальнай эҕэрдэлэринэн: Антонина, Иван Прибылыхтар Е. Апросомов тылыгар, Т. Апросимова дьүрүлүгэр “Суолам кыыһа”, “Ситим” эр дьон вокальнай ансаамбыла А. Бродников тылыгар, Х. Максимов матыыбыгар “Айхаллан үлэ киһитэ” ырыаларынан (салайааччы Иван Прибылых), Петр Никитин И. Федосеев тылыгар, В. Андросов дьүрүлүгэр, “Мин алаас уолабын”, Рима Фадеева «Оһуохай» ылбаҕай ырыаларынан ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдилэр.

Салгыы түөлбэлэр икки ардыларыгар “Биир сомоҕо” көхтөөх спортивнай эстафета ыытылынна.

I түһүмэх — Хамаанданан сүүрүү кэмигэр түмүккэ бэриллибит тылы таһаарыы

II түһүмэх — «Корнхолл» оонньууга хамаанданан кыттыы.

III түһүмэх — Хамаанданан ким түргэнник тоһоҕону саайан түмүктүүр сүүрүү.

IV түһүмэх — “Такси” хамаанданан сүүрүү.

V түһүмэх — “Толкуйу эрэйэр сүүрүү”.

VI түһүмэх — Хамаанданан кумааҕы быраҕан ыраахха тиэрдии.

VII түһүмэх — «Гусеница» хамаанданан сүүрүү.

Нэһилиэкпит түөлбэлэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт «Биир сомоҕо» спортивнай эстафета уопсай түмүгэ маннык буолла, ол курдук 31 очколаах “Сүрэх тыа» түөлбэ хамаандата бастакы миэстэни ылары ситистэ, кыайыылаахтарга анал грамота уонна Акулина Егоровна, Игорь Васильевич Стручковтар дьиэ-кэргэн туруорбут бириистэрэ,

22 очколаах “Лесной» түөлбэ хамаандата иккис бочуоттаах миэстэҕэ тахсан, анал грамота уонна Трифонов Егор Иннокентьевич олохтообут бириистэрэ,

20 очколаах “Нагорнай» түөлбэ хамаандата үһүс миэстэ буолан, анал грамота уонна Сарана Бимбаевна Артемьева, Николай Леонидович Кириллин дьиэ-кэргэн олохтообут бириистэрэ туттарылыннылар.

19 очколаах “Аартык» түөлбэ хамаандата төрдүс миэстэни,

16 очколаах “Сайдыс» түөлбэ хамаандата бэһис миэстэни ылары ситиһэн, көхтөөх кыттыыларын иһин туоһу суруктарынан бэлиэтэннилэр.

Убаастабыллаах Акулина Егоровна, Игорь Васильевич Стручковтар дьиэ-кэргэҥҥэ, Трифонов Егор Иннокентьевичка, Сарана Бимбаевна Артемьева уонна Николай Леонидович Кириллин дьиэ-кэргэҥҥэ спортивнай эстафетаҕа бэйэҕит ис сүрэххититтэн спонсордаабыт үтүө санааҕыт иһин, тэрийэр бөлөх уонна кыттааччылар ааттарыттан махтал сылаас тылларын тиэрдэбит.

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыыны ылбыт ыччаттарбыт, көрөөччүлэрбит, бу курдук куруук көхтөөх позициялаах, үөрэ-көтө инники күөҥҥэ сылдьыҥ! Барыгытыгар чэгиэн-чэбдик туругу, энчирээбэт эрчими, булгуруйбат модун санааны баҕарабыт. Биир сомоҕо буолан, түмсүүлээх буолуоҕуҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

➤