Балаҕан ыйын 21 күнүгэр, күһүҥҥү күн уонна ый тэҥнэһэр, аар айыылар орто дойдуга чугаһыыр кэмнэригэр «Өбүгэ ситимэ» республикатааҕы норуот эмчиттэрин ассоциацията көҕүлээһининэн анал дьайыыга сылдьар уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр диэн алгыс түһэрэр, хара дьай тэйэн сүтэригэр көрдөһөр түгэни тэрийэн ыытар кэмнэригэр, айылҕаттан айдарыылаах дьоммутун кытта бииргэ буолан, нэһилиэкпит олохтоохторо түмсэн аал уоту оттон, алгыска кыттыһан, хас биирдии киһи бэйэтин үтүө санаатын ыытар сиэр-туом тэрилиннэ.
Уолаттарбыт, саха ньургун саллааттара, этэҥҥэ буолуҥ!