«Барыбыт сүрэҕэр мэлдьи баар буолуоҕуҥ!»

Бу ийэ сиргэ эйэлээх олоххо олорорбут туһугар Аҕа дойду көмүскэлигэр туруммут эр хоһууттарбытын ахтан-санаан ааһарбыт, кинилэр хорсун быһыыларын эдэр көлүөнэ ыччакка холобур гынан кэпсиирбит, биллэрэрбит, иһитиннэрэрбит наадатын өйдөөн, алтынньы ый 10 күнүгэр М.П. Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатыгар бастыҥнык үөрэммит выпускникпыт, анал байыаннай дьайыыга сырдык тыынын толук уурбут Ариан Александрович Колесов үтүө аатын үйэтитэр соруктаах стендэни арыйыы сиэрэ — туома ыытылынна.

Колесов Ариан Александрович 1986 сыллаахха алтынньы 10 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Кыра оҕо эрдэҕиттэн үтүө санаалаах, үлэһит, элбэх саҥалаах-иҥэлээх, көрсүө-сэмэй оҕо этэ. 1993 сыллаахха 1-гы кылааска үөрэнэ киирбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр ордук гуманитарнай хайысхалаах предметтэри сөбүлүүрэ. Кыра эрдэҕиттэн активнай позициялааҕа, үөрэҕи таһынан оскуола общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Бастыҥ спортсмен буолан араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ оскуолатын аатын чиэстээхтик көмүскээбитэ. Кыра кылаастан сөбүлээн «Ыллыкчаан» үҥкүү образцовай ансаамбылыгар утумнаахтык дьарыктаммыта. 2004 сыллаахха оскуоланы бүтэрэр банкетка «Бастыҥ үҥкүүһүт» анал ааты иҥэрбиттэрэ, аалай лиэнтэни кэппитэ. Оскуола кэнниттэн тута Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын студена буолан, юридическай отделениеҕа үөрэнэ киирбитэ. Алтынньы 7 күнүгэр 2005 сыллаахха Россиийскай Армия кэккэтигэр сулууспалыы ыҥырыллыбыта. 2 сыл устата уол оҕо буолан Уссурийскай, Ростов на Дону куораттарга артиллерия чааһыгар ытык иэһин толорбута. 2006 сыллаахха СВ ДВО курсана, сэтинньи ыйга туйгун сулууспатын иһин старшай наводчик, отделение командирынан анаммыта. 2010 сыллаахха олоҕун аргыһын Мария Павловнаны көрсөн ыал буолбуттара, 2 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Билигин оҕолоро Нарыйаана — 7 кылаас, Миран — 6 кылаас үөрэнээччилэрэ. Төрөөбүт Балыктааҕар ыччат лидерынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кэлин Аллараа-Бэстээххэ «Тимир суол» тэрилтэҕэ слесарынан үлэлии сылдьан балаҕан ыйыгар 2022 сыллаахха баҕа өттүнэн анал байыаннай дьайыыга барбыта.


Дьиҥнээх дьоруой дьон хаһан да биллэ-көстө сатаабат үгэстээхтэр, ол гынан баран, эппиэттээх түгэҥҥэ кинилэр инники күөҥҥэ тахсан, хабыр хапсыһыыны, хорсун быһыыны көрдөрөллөр. Биһиги Ариаммыт дьиҥ чахчы кинилэр кэккэлэригэр киирсэр.
Бу дьыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр Ариан Александрович передовойга сылдьан, ытыалаһыы кэмигэр ыараханнык бааһырбыта, госпитальга кыайан тиийбэккэ сырдык тыына быстыбыта. Кини оҥорбут хорсун быһыыта үрдүктүк сыаналанан, «Орден мужества» (посмертно) кэргэнигэр Мария Павловна Колесоваҕа туттарыллыбыта. Ариаммыт биһиэхэ элэккэй майгылаах, дьиҥнээх эр хоһуун быһыытынан куруутун ахтылла туруо.

Нэһилиэкпит бастыҥ ыччатын, оскуолабыт выпускнигын, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын туһунан ахтан санаан аастылар: Ариан Александрович кылааһын салайааччыта Кычкина Ия Васильевна, бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ, “Мэҥэ нэһилиэгэ” тыа сирин тэриллиитин баһылыга Куприянов Александр Валерьевич, күн күбэй ийэтэ Колесова Степанида Ивановна.
Түмүккэ «Өлбүттэр тустарынан үтүө өйдөбүлү иҥэриммэт буоллахпытына, тыыннаах дьону таптыырга үөрэнэр кыахпыт суох», — диэн кынаттаах тылларынан, дойдугутун таптааҥ, киэн туттуҥ, геройдар ааттарын билэргэ кыһаныҥ, киинэтэ көрүҥ, кинигэтэ ааҕыҥ, хорсун быһыылары күннээҕи да олоххо оҥорорго кыһаныҥ диэн оҕолорго, ыччат дьоҥҥо анал санаалар этилиннилэр.

Нэһилиэкпит бастыҥ ыччата, үөрэнээччибит Ариан Александрович сырдык мичээрэ, эйэҕэс майгыта, эр санаата, хорсун быһыыта хаһан да умнуллуо суоҕа, барыбыт сүрэҕэр мэлдьи эн, баар буолуоҕуҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *