«Балыктаах киэһэтэ» ырыа 50 сылыгар анаммыт дистанционнай республиканскай ырыа күрэҕин түмүгэ.

Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун, Доллу, Төҥүлү, Мэҥэ нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, самодеятельнай композитор Галина Никитична Шахурдина норуокка киэҥ биһирэбили ылбыт, уостан түспэккэ ылланар «Балыктаах киэһэтэ» ырыа төрүттэммитэ 50 сылыгар ананан ыытыллыбыт дистанционнай, республиканскай ырыа күрэҕин түмүгэ.

Ырыа күрэҕэр Дьокуускай куораттан, Кэбээйиттэн, Уус-Алдантан, Усуйаанаттан, Горнайтан, Тааттаттан, Орто Халыматтан, Бүлүүттэн, Абыйтан, Мэҥэ-Хаҥалас нэһилиэктэриттэн – Балыктаах, Чүүйэ, Тумул, Төҥүлү, Хаптаҕай, Наахара, Бүтэйдээх, Аллараа Бэстээх барыта 10 араас улуустартан уопсайа холбоон 54 ырыа, 80 кыттааччы кытынна.

 Дьүүллүүр сүбэ састааба:

1.  СР культуратын туйгуна, СР продюсера, СР ырыанньык автордарын сойууһун чилиэнэ, ырыа ууһа Антон Владимирович Иванов;

2. СР ырыа айааччыларын Союһун чилиэнэ, «Мэҥэ байаныыстара» айар түмсүү салайааччыта, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Васильевич Кузьмин;

3. Төҥүлүтээҕи оҕо искусствотын оскуолатын директора, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданская доблесть» знак хаһаайката Галина Иннокентьевна Варламова;

4.  СР культуратын туйгуна, сыана ветерана Иван Николаевич Прибылых;

 5. «Уус-уран самодеятельность сайдыытыгар кылаатын иһин» знак хаһаайката Антонина Петровна Прибылых.

«Балыктаах киэһэтэ» ырыа 50 сылыгар аналлаах күөн күрэххэ кыайыылаахтарынан ааттаннылар:

Анал бириистэр туттарылыннылар:

1. Полятинская Екатерина Платоновнаҕа, Дьокуускай куорат — ««Балыктаах киэһэтэ» ырыаны уһулуччу уратытык толоруу иһин», («Мэҥэ нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатын анал бирииһэ);

2. Иванов Константин Семеновичка, Уус-Алдан улууһа, Майаҕас бөһүөлэгэ — ««Ахтылҕан» ырыаны уһулуччу уратытык толоруу иһин», (Балыктаахтааҕы культура дьиэтин уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыы управлениятын анал бириистэрэ);  

Күрэх кыайыылаахтара:

III-c степеннээх дипломант – дуэт — Винокурова Татьяна Ивановна, Эверстова Анна Александровна, Кэбээйи улууһа. (Балыктаахтааҕы культура дьиэтин анал бирииһэ);  

III-c степеннээх дипломант – «Сардаана» вокальнай ансаамбыл, салайааччы Иванова Матрена Васильевна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, Төҥүлү сэлиэнньэтэ. (Балыктаахтааҕы культура дьиэтин анал бирииһэ, салайааччыга Галина Шахурдина анаабыт кинигэтэ);

II-c степеннээх дипломант – дуэт – Гуляева Лилия Даниловна, Ефимова Евдокия Даниловна, Орто-Халыма улууһа, Эбээх сэлиэнньэтэ. (Балыктаахтааҕы культура дьиэтин анал бирииһэ, салайааччыга Галина Шахурдина анаабыт кинигэтэ);

I-c степеннээх дипломант – Прокопьева Ньургуйаана Семеновна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, Бүтэйдээх сэлиэнньэтэ. (Мэҥэ-Хаҥаластааҕы «Биир ньыгыл Россия» партия исполкомун салаатын анал бирииһэ);

III-c степеннээх лауреат – Горохова Евдокия Никифоровна, салайааччы Протопопова Татьяна Афанасьевна, Усуйаана улууһа, Депутатскай бөһүөлэгэ, «Металлург» норуот айымньытын дьиэтэ. (Бирииһи олохтоото Балыктаах бөһүөлэгин «Алгыс» педагогическай үлэ ветераннарын ансаамбыла, салайааччыга Галина Шахурдина анаабыт кинигэтэ);

III-c степеннээх лауреат – Степанова Татьяна Юрьевна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, Хара нэһилиэгэ. (Балыктаахтааҕы культура дьиэтин анал бирииһэ);

II-c степеннээх лауреат – Никанорова Варвара Ивановна, салайааччы Санников Дмитрий Семенович,  Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, Хочо бөһүөлэгэ. (Бирииһи олохтоотулар ССРС культуратын туйгуна, РСФСР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Кычкина Лукерья Дмитриевна оҕолоро, сиэннэрэ, салайааччыга Галина Шахурдина анаабыт кинигэтэ);

I-c степеннээх лауреат – «Мичээрдэр» вокальнай ансаамбыл, салайааччы Нестерова Февронья Петровна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, Чүүйэ бөһүөлэгэ. («Туймаада» Государственнай вокальнай ансаамбыл анал бирииһэ, салайааччыга Галина Шахурдина анаабыт кинигэтэ);

Гран-При – Фадеева Вера Михайловна, салайааччы Прибылых Иван Николаевич, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, Балыктаах бөһүөлэгэ. (Балыктаахтааҕы культура дьиэтин анал бирииһэ,  ону таһынан Галина Шахурдина анал бэлиэтэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыы управлениятын анал бэлэҕэ  туттарылынна, салайааччыга Галина Шахурдина анаабыт кинигэтэ).  

Күрэх бары кыттыылаахтарыгар СР туйгуна, СР ырыанньык автордарын сойууһун чилиэнэ, продюсер Антон Иванов бэйэтин студиятыгар запись оҥороругар 30% чэпчэтии оҥорорун иһитиннэрэр.

«Балыктаах киэһэтэ» ырыа 50 сылыгар аналлаах күөн күрэххэ кыттыыгыт иһин өссө төгүл истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Баҕарабыт саха тиит маһыныы чиргэл доруобуйаны, айар-тутар аартыккыт аана тэлэччи аһылыннын.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *